Ханна да хатыламмат туналыйар туус маҥан хатыҥнардаах, тэлибирэс тэтиҥнэрдээх, илибирэс иирэ талахтардаах, будьурхай үөттэрдээх кырдал бүтүннүүтэ быыһа суох сибэкки ыһыаҕынан бүрүллүбүт, үс үрэх холбоспут Билир эбэ үрэх, араҕас хоргуннаах балыктаах, элгэнэ эмис соболоох.
Эбэлэр сиһиктэрин аайы көтөр-сүүрэр эгэлгэтэ, куобаҕа, куһа, минньигэс отоно, сугуна, дьэдьэнэ, тэллэйэ, таба таптаан сиир лабыктата, эмтээх отторо, сибэккилэрэ, уйгу-быйаҥ алаастара, чороонноро, сылгы-ынах сиир мэччирэҥнэрэ, туой буордаах томтордоро, кэрэ айылҕата. Киэҥ-холку санаалаах үчүгэйи өйдүүргэ, кэрэни кэрэхсииргэ уһуйар, талааны-дьоҕуру сайыннарарга, үтүөҕэ ыҥырар, күүстээх үлэҕэ кынаттыыр, үчүгэйтэн үөрэргэ, куһаҕантан хомойорго, үйэлээхтэн дуоһуйарга, уһун сылларга угуйа, умсугута турар. Маннык үтүө дойдуга Кустуурга, Билиргэ Атласовтар ийэ-аҕа уустара сүөһү иитэн, оҕо төрөтөн, балыктаан, кустаан, дьиэ туттан, буруо унаарытан, үлэлээн-хамсаан олорбуттара.
Күн-күбэй ийэбит Анна Ивановна, аар тойон аҕабыт Алексей Иванович оҕолорун, биһигини, дьоҥҥо эйэҕэс, амарах сыһыаннарынан, үлэһит киһи үйэтэ уһун, чэгиэн-чэбдик, үлэни өрө тутар гына ииппиттэрэ. Бэйэлэрэ икки өттүттэн элбэх оҕолоох ыал оҕолоро буолан, оҕо саастара, хахсааттаах тыаллаах күһүҥҥү түүн хаардаах хаһыҥа хаарыйдар, аччыктаан, тоҥо-хата, ыарахан үлэҕэ эриллэ сырытталлар да, дьоно суох оҕолор курдук санаммат этилэр.
Сырдыктан үөрэр, кэрэттэн дуоһуйар, кэлэр кэскилгэ эрэллээх, үөрүү олус дириҥ, истиҥ сыдьаайыгар, олохторугар түбэһэр ыарахаттары кыйдыы, мэлдьи үөрэ-көтө улаатан, олох олорон кэлбиттэрэ. Киэһэ утуйар, сарсыарда турар саҕана оҕо өйүгэр-санаатыгар охсуулаах диэн мөхпөт этилэр. Үлэни өрө тутуҥ, үлэ ‒ үөрүү, дьол диэн төрөппүттэрбит, чугас дьоммут, бэйэ дьонун үлэтин сыаналыы үөрэтэллэрэ.
Биһигини кыра эрдэхпититтэн айылҕаҕа батыһыннара сылдьан сиэри-туому тутуһарга, айылҕаны харыстыырга үөрэтэллэрэ, айылҕа эмиэ дууһалаах, кэпсэтэ, күндүлүү сылдьыҥ диэн такайаллара. Ийэлээх аҕабыт олоххо актыыбынайдык, көнөтүнэн сылдьан, үтүө өйүнэн-санаанан, уопсай дьыаланан салайтаран үлэлээн-хамсаан олорбуттара. Уоттаах сэрии сылларыгар үлэлэринэн кыайыыны аҕалсыбыт үлэ-тыыл бэтэрээннэрэ этэ. Элбэх уордьан, мэтээл кинилэр түөстэрин киэргэтэрэ. Аҕабыт булдуттан бөһүөлэгин куруук күндүлүүрэ. Ааһан иһэр дьон куруук сүөгэйдээх, лэппиэскэлээх итии чэйи иһэн, балык миинэ, үөлүллүбүт чуочаан сиэн ааһаллара.
Төрөппүттэрбит тустарынан сырдык өйдөбүл биһиги сүрэхпитигэр куруук тыыннаах.
Анисия Атласова