Олох баар − оскуола баар

Олунньу 27 күнүгэр Саха сирин ситэриилээх былаас уорганнарын отчуотун СӨ
Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов салайааччылаах
бастакы оробуочай бөлөҕө Индигир, Чыбааҕылаах нэһилиэктэригэр үлэлээтэ.
Георгий Михайлович нэһилиэктэринэн сүрүн дакылааты лоп-бааччы, уу сахалыы тылынан
астыннарар иһитиннэрии оҥорбутун бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол курдук, кини дойдуга арҕааҥылар
төһө даҕаны экономикаҕа араас өрүттээх мэһэйдэри, санкциялары биллэрбиттэрин иһин,
үөскээбит харгыстары туораан, дойду экономиката туруктаах буолары ситистэ диэн бэлиэтээтэ.
Ааспыт сылга Үлэ сылыгар араас хабааннаах дьаһаллар, ыытыллыбыттара, ол хайысханан, үлэ
киһитин статуһун өрө таһаарар тэрээһиннэр салҕаныахтара. Өрөспүүбүлүкэ сүрүн үлэтэ дьон-
сэргэ олоҕун хаачыстыбатын үрдэтиигэ туһаайыллар. Олоруу орто сааһа 73,7 тэҥнэстэ, бу
Арассыыйа орто көрдөрүүтүн куоһарда, дойдуга олоруу орто кээмэйэ 73,5 тэҥнээх. Экономика
3,5 %, ол иһигэр тутуу 40 %, атыы-эргиэн 4,5 %, үлэнэн хааччыйыы 1% үрдээтэ. Ааспыт сылга
өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун ахсаана биир мөлүөйүөнү куоһарбыта, демография көрдөрүүтэ
тупсар. Элбэх оҕолоох ыалларга көмө, өйөбүл күүһүрэр. 25 саастарыгар диэри бастакытын ыал
буолар эдэр дьоҥҥо 50 тыһ. солк. суумалаах биир кэмнээх төлөбүр оҥоһуллар. Элбэх оҕолоохтор
статустарын болдьоҕо хааччахтаммат буолла, урут оҕо сааһын ситтэҕинэ, ыал статуһа уларыйар
этэ. Доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр “Доруобуйа” федеральнай национальнай бырайыак
В.Путин көҕүлээһининэн 2018 сылтан үлэлиир. Кини, бастатан туран, бастакы сүһүөх медицина
сайдыытыгар болҕомтотун уурбута. Ол көдьүүстээх үлэтин түмүгэр ааспыт 2023 сылга эрэ
өрөспүүбүлүкэҕэ 18 амбулатория үлэҕэ киирдэ, ол иһигэр сменаҕа 200 ыарыһаҕы көрөр Ытык
Күөлгэ поликлина. Уһук Илиҥҥэ саамай бөдөҥ, сменаҕа 210 киһини көрөр кыахтаах, саҥа кэм
ирдэбилигэр эппиэтиир аныгы технологиянан таҥыллыбыт тэриллээх өрөспүүбүлүкэтээҕи
онкологическай Киин тутуллан үлэҕэ киирдэ. Бу бэҕэһээ эрэ Сааһыырга саҥа фельдшерскай пуун
арылынна. Аны кыра кэминэн оройуоҥҥут киинигэр сменаҕа 104 ыарыһаҕы көрөр комплекснай
таас балыыһа үлэҕэ киирээри турар. Манна арктика эргимтэтигэр иккис компьютернай томограф
тэрилэ үлэлиэҕэ. Урут киин куоракка даҕаны ахсааннаах тэрил этэ. Бастакы Орто Халымаҕа
кэлбитэ. Үөрэҕирии салаатыгар 13 оскуола, 6 уһуйаан тутуллан киирдилэр. Холобура, атын
регионнарга 3-4 эрэ оскуола сылга тутуллар. Иккис сылын федеральнай программанан үөрэх
тэрилтэлэрин хапытаалынай өрөмүөннээһин ыытыллар. Муомаҕа икки сыллааҕыта Улахан
Чыыстай, былырыын Муома алын сүһүөх оскуолаларыгар үлэ барбыт, көрөргө олус үчүгэй.
Промышленность салаатыгар ааспыт сылга 50 т көмүс хостоммут, ити дойдуга иккис миэстэҕэ,
таас чох хостооһуна үһүс миэстэҕэ, ньиэп, гаас бэһис миэстэҕэ таҕыстылар. Оттон алмааһы
хостооһун бастакы миэстэҕэ турар.
Арктикаҕа нэһилиэнньэтигэр болҕомто күүһүрэр. “Чистая Арктика” программаттан саҕалаан
араас хайысханан үлэ барар. Мобильнай биригээдэлэр кииннэрэ тэрилиннэ. “Арктика оҕолоро”
программанан үөрэҕи, сынньалаҥы дьүөрэлиир үлэ, “Синергия Арктики” бырайыагынан сибээс
ситимин тупсарыы үлэтэ күүстээхтик барар. Эргиэн логистикатын Кииннэрэ арылыннылар, быйыл
Муомаҕа арыллыаҕа. Таба хаһаайыстыбаларын материальнай базаларын бөҕөргөтүүгэ Грант
нөҥүө үлэ барар. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү программатынан тутуу салҕанар.
Иһитиннэрии сүнньүнэн нэһилиэнньэттэн киирбит ыйытыыларга министиэристибэлэр
эппиэттээх үлэһиттэрэ толору хоруйдары биэрдилэр, элбэх боппуруостары бэлиэтэннилэр,
сурукка тистилэр. Буор Сыһыыга уонча сыллартан бэттэх уос номоҕор киирбит оскуола тутуутун
боппуруоһа сытыытык турда. Оробуочай бөлөх, бастатан туран, Н.И. Брызгалов аатынан Индигир
орто оскуолатыгар сылдьан оскуолаҕа сылдьан, чахчы туруга быстар мөлтөҕүн бэлиэтээтэ. Ол
эрээри, СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа миниистири солбуйааччы Иннокентий Афанасьев, хомойуох

иһин, оскуола тутуута быйылгы инвестиционнай программаҕа хабыллыбатаҕын эттэ. Бу
боппуруос оройуон салалтата, норуот депутаттара биир сүбэнэн үлэлэстэхтэринэ кыаллыан сөп.
Инникилээн эттэххэ, оскуола тутуутун боппуруоһа Кулун Өлбүккэ эмиэ сытыытык турбута. Онно
Иннокентий Анатольевич өрөспүүбүлүкэҕэ бүгүҥҥү туругунан 81 оскуола саахалланар
туруктааҕын бэлиэтээбитэ. Бары оройуоннар, управалар социальнай объектар тутууларын күүскэ
туруорсаллар. Ону барытын бюджет биирдэ уйунар кыаҕа суох. Ону өйдүөххэ. Үлэ барыта
кэмнээх-кэрдиилээх. Оскуолалар тутууларын докумуоннара бэлэмнээхтэр, онон эрэнэ күүтүөххэ
наада.
Сибээс кыһалҕатыгар Георгий Михайлович сүрүннээн “Синергия Арктики” программа
чэрчитинэн 2024-26 сылларга болдьохтоон уһук хотугу улуустары оптоволоконнай сибээскэ
тардыы былаана баарын санатта: “Бастакы түһүмэххэ Анаабырга, Өлөҥҥө, Эдьигээҥҥэ сибээс
утаҕа тардыллыбыта. Биир утах Дьааҥы улуустарын хабыахтаах. Онтон Халыма-Индигир
улуустарга Магадантан тардыллан Сааһыырга диэри тиийиэхтээх, Халыма улуустарын хабан
туран. Онтон Хонуунан Абыйга, Аллайыахаҕа барыаҕа. Үлэ бырайыага оҥоһуллан, экспертизатын
ааспыта. Бу 1 600 тыһ. км тайаан сытар сири сибээһинэн хааччыйыы үлүгэрдээх үбү-харчыны
эрэйэрэ өйдөнөр. Маны федеральнай бюджеттан бииргэ үбүлэһии бэрээдэгинэн эрэ кыайар кыах
баар. Онон үбүлээһин саҕаланна даҕаны, үлэ хамсыахтаах. Кулун Өлбүккэ тоҕо куоҥкуруһунан
сибээс холбоноруй диэн ыйытыкка Георгий Михайлович аҕыйах нэһилиэнньэлээх пууннарга
сибээс тардыллара уустуктардааҕын ыйда: “Ханнык чааһынай тэрилтэ аҕыйах абоненнаах сиргэ
үбүн-харчытын ороскуоттуоҕай? Ол иһин ити национальнай оператор “Ростелеком” тэрилтэтэ
куоҥкурус биллэрэн, кыра нэһилиэктэргэ куоҥкуруһунан спутниковай сибээс холбуурга кыах
биэрбитигэр үөрүөххэ эрэ сөп. Ону туһанан сибээс киириэн сөптөөх нэһилиэккэ күргүөмүнэн
куоластыахха наада. Интернет диэн ол сэһэргэһэргэ дуу, оонньуурга эрэ диэн буолбатах. Сүрүн
оруола билигин сибээс нөҥүө бары өҥөлөрү туһанарбытын өйдүөххэ. Дьиэттэн тэйбэккэ,
уочараты кэтэспэккэ “биир ситим түннүккэ” киирэн бары төлөбүрдэри оҥорорго табыгастааҕа
сыттаҕа дии. Доруобуйа тэрилтэтигэр урукку курдук тэллэх саҕа кумааҕыны тэнитэ туппакка,
ыарыһах устуоруйатын бэл куоракка үлэлиир быраас билэн-көрөн олорор кэмэ кэллэ. Онон сибээс
нэһилиэнньэ ахсааныттан тутулуга суох баар буолара олохпут хаамыыта, ирдэбилэ буолла”.
Буор Сыһыыга “Сылгы туһунан” сокуоҥҥа туох уларыйыылар киирэн эрэллэрий диэҥҥэ, ити
саха сылгытыгар сыһыана суох, эбэтэр онно киирэр быраабылалар сылгыһыттарга тарҕаммата
этилиннэ. Уопсайынан, ханнык да сокуоҥҥа уларыйыы киирэр түгэнигэр үс ыйынан олоххо
киириэхтээх. Ол эбэтэр онно бэлэмнэнии үлэтэ алта ый инниттэн барыахтаах, иһитиннэрии үлэтэ
күүскэ ыытылыахтаах. Оттон сылгы иитиитигэр уларыйыы кириэхтээҕэ туох да иһитиннэрии
оҥоһуллубакка, дойду тустаах министиэристибэтин сайтыгар киирэн маннык долгуйуу таҕыста
диэн быһаарыахха сөп.
Буор сыһыылары олохтоох боппуруостан ураты атын өрөспүүбүлүкэ таһымнаах, чуолаан
“Өлүөнэ өрүс муостата” тутуута долгутара билиннэ. Манна Георгий Михайлович эмиэ бэрт
судургутук быһаарда: “Бу сэбиэскэй саҕаттан сахалар ыра санаалара илэ олоххо киирэн эрэр.
Бырайыага олох аан дойдуга суох, ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар тутуллар буолан, араас таһымҥа
мөккүһүү, этии, ырытыы барбыта. Элбэх дьүүллэһиини ааһан, бырайыага бигэргэнэн, ханна да
суох гидротехническай, гидрологическай, географическай, техничесай, физическай, химическай
суолталаах экспертизаны ааһан, бастакы түһүмэҕэр 45 млрд.солк. суумаҕа үбүлэнэн, Хаҥалас
улууһун илин биэрэгиттэн баараҕай тутуу ааспыт сылтан саҕаланна. Үлэ биэс сылга ыытыллан,
быһа барыллаан 2029 сылга диэри түмүктэниэхтээх.
Субсидиялаах билиэт атыыга тахсан, дьоҥҥо тиийбэт түгэннэрэ тахсарын ыйытыыга Георгий
Михайлович өрөспүүбүлүкэ иһигэр көтүүлэргэ бюджеттан көрүллэр үп-харчы рейстэринэн
наарданарын эттэ:“Биир сүрүн оруолу транспортнай паарка эргэрбитэ буолар. Соторунан бэйэбит
самолеттарбыт таҥыллан тахсалларын күүтэбит, Ил-114 саҥа самолет кэлиэхтээх. Самолеттар

былаһааккалара уларытыллан, саҥардыллан, самолеттарбыт элбээтэхтэринэ, субсидияҕа көрүллэр
миэстэ ахсаана улаатыан сөп. Онно барытыгар бэйэбит бюджеппыт уйумматын матыыптаан,
федеральнай үбүлээһини көрдөөбүппүт ыраатта. Ол боппуруос хамныах курдук, оччотугар ити
хайысхаҕа үлэ тупсуоҕа. Ааспыт сылга Госдууманан “О северном завозе” улахан суолталаах
сокуон ылыллыбыта өрөспүүбүлүкэ уонунан сылларга араас таһымынан туруорсууларыгар, Саха
сирин элбэх этиилэригэр олоҕуран киирбитэ улахан кыайыыга тэҥнээх диэн сыаналыыбыт.
Сокуоҥҥа таһаҕаһы таһыыны федеральнай киин өттүттэн ким сүрүннүүрэ, былаас федеральнай
уонна эрэгийиэннээҕи уорганнарын боломуочуйаларын чэрчитинэн ким туох иһин эппиэтинэһи
сүгүөхтээҕэ эмиэ олох чуолкайдык ыйылла сылдьар. Сокуоҥҥа киирбит кэлим дьаһаллар,
миэрэлэр нуормалара туох суолталаахтарын кытта быһаарар — тэрээһин, тырааныспар, логистика
дьаһаллара, Уһук Хоту оройуоннарга таһаҕаһынан харгыһа суох хааччыйыыны үбүлээһин
мэхэньиисимнэрэ, ньымалара барыта чуолкайдык суруллар.
Урукку кэмнэргэ инбэлииттэри миэстэтигэр кэлэн көрөр хамыыһыйа кэнники сылларга
сылдьыбат буолла диэн ыйытыыга СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы
Дмитрий Сергин билигин быраастар түмүктэрэ куйаар нөҥүө быһаарылларын санатта. Ол эрээри,
хас биирдии ыарыһахха тус сыһыан ирдэнэр, биир халыыбынан быһаарыллыбата чуолкайданна.
Харах бырааһа хаһан кэлиэн сөбүн ыйытыыга Оройуоннааҕы Киин балыыһа кылаабынай бырааһа
Яков Бережнев үүммүт сылга харах быраастарын биригээдэтэ кэлэрин, миэстэтигэр уустук
эпэрээссийэлэри оҥорорго бэлэмнээхтэрин эттэ.
Икки бөһүөлэгинэн эдэр специалистарга дьиэ тутуутун боппруоһугар СӨ «Судаарыстыбаннай
сакаасчыт сулууспата» тэрилтэ "Моя Якутия В 21 веке" үтүө дьыала хамсааһынын олоххо
киллэрии отделын начальнига Алексей Петров билигин сүрүн болҕомто хотугу оройуоннарга
туһаайылларын эттэ. Сааһыырга 40 мөл.солк. суумалаах тутууну ыытарга сөбүлэҥмитин биэрэн
кэллибит. Нэһилиэккэ тутар кыахтаах бэдэрээтчит баар буоллаҕына үлэлэһэргэ бэлэммит. Анал
докумуоннардаах тутууга сайаапкалары сылын аайы балаҕан ыйын устатыгар тутабыт. Сорох
нэһилиэктэр дбаһалталара сүүрэн-көтөн тутуу бырайыагын, экспертизатын түргэтэтэн
оҥоттороллор, үлэни хонтуруоллаан ыыттараллар. Холобурдаатахха, Кэбэргэнэ бөһүөлэгин эдэр
эрчимнээх баһылыга спортивнай саала туттаран эрэр.
Хонуу, Буор Сыһыы, Чыбааҕылаах нэһилиэктэригэр биир сүрүн кыһалҕанан Индигир өрүс
биэрэгин бөҕөргөтүү үлэтигэр хайдах моһуоннаах дьаһаллары ыытыахаа сөбүн Георгий
Михайлович эмиэ олус үчүгэйдик ырытан, быһааран биэрдэ: “Өаүстэрбит, үрэхтэрбит барыта
федеральнай таһымнаах баай-дуол буолар. Биэрэги бөҕөргөтүү курдук киэҥ үлэни оройуон, бэл
өрөспүүбүлүкэ соҕотоҕун кыайбат дьыалата. Магадан уобалаһын, Саха сирин территорияларыгар
эппиэттиир “Ленскре бассейновое управление Федерального агенства водных ресурсов” диэн
улахан тэрилтэ баар. Бу тэрилтэни кытта СӨ айылҕа харыстабылын уонна экология
министиэристибэтэ бииргэ үлэлэһиэхтэрин сөп. Бырайыагын оҥорорго улахан чинчийии, үөрэтии
үлэтиин ыытан туран. Ол үлэни управление былааныгар киллэттэрэн. Билигин “Экология”
национальнай бырайыага баар, онно эмиэ киирсиэххэ сөп”. Манна сыһыаннаан баһылык Дмитрий
Аммосов управлениены кытта кэпсэтии барарны иһитиннэрдэ.
Ити курдук, икки нэһилиэгинэн дириҥ ис хоһоонноох, ырытыылаах ситэриилээх былаас
отчуота ситиһиилээхтик ааста. Нэһилиэнньэ өрөспүүбүлүкэ ыытар үлэтин биһириирин биллэрдэ.
Сайдыы балысханнык барарын, олоро усулуобуйа бары өттүнэн тупсарын бэлиэтээтилэр. Хотугу
сир тыатыгар бары сылааска холбонон, дьиэҕэ ванна, туалет киирбитин үөрэ кэпсээтилэр.
Кэскиллээх үлэ барарыгар сылаас, сырдык үөрэх кыһата хайаан да наадатын, тыаттан улуу
дьоннор үөрэнэн-үүнэн, олоххо бигэ тирэхтээх дьон тахсалларын саастаах дьон эттилэр. Кулун
Өлбүккэ Албан Старков бэйэ бородууксуйатын салаатын сайыннардахха, туруктаах буоларбытын,
тыаҕа сүөһүлээх-астаах киһи өлбөт үйэлээх буоларын санатта.

Икки бөһүөлэгинэн айан кэнниттэн оробуочай бөлөх саҥа балыыһа тутуутун хаамыытын,
үлэни-хамнаһы көрдө-иһиттэ.

«Муома оройуона« МТ пресс-сулууспата.