Үлэ, үлэ барахсан буоллаҕа дии олох туллар тутааҕа: дьону дьоллуур, киһини кэскиллиир.
Н.А.Брызгалов аатынан Индигир орто оскуолатыгар самаан сайын устата уопсайа биэс лааҕыр үлэлээбитэ.
Сүрүн сыалбыт- сорукпут төрүт дьарыкпытын илдьэ сылдьан оҕону үлэнэн иитии, ону сэргэ төрөөбүт тылбытынан иитии.
🥬🥕🥔 Арассааданы олордуу, үүннэрии уустук дьыала. Төһө ааҕыллан-суоттаныллан, төһө көрүүгэ-истиигэ турарыттан уонна айылҕабыт дьылыттан улахан тутулуктаах.
Быйылгы үүнүүбүт түмүгэ илгэлээх сайын сылааһынан угуттаммыт битэмииннээх оҕуруот аһа айылҕа биэрбитинэн хомулунна.
Ханнык баҕар оҕо иитиллэн тахсыытын сүрүн оҥкула- түмсүүлээх иллээх үлэ түмүгэ.
🏘️🐎🐄 Маны сэргэ Индигир кэнчээрилэрэ дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөрө элбэх, кэтэх хаһаайыстыба үлэтигэр эмиэ туора турбаттар, ньирэй аһаталлар, хотон көрсөллөр, оттууллар, оҕуруоттарын көрөллөр.
Светлана СЭНД