Саха сирин дьоно-сэргэтэ бу күннэргэ норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” VIII-с спортивнай оонньууну көрө-истэ сылдьар, өрөспүүбүлүкэбит үгүс ыччатын олоҕо күрэх тула эргийэр. Ил Дархан А.С.Николаев бэлиэтээн эппитинэн, спортивнай оонньуу Оҕо саас сылын биир сүрүн тэрээһинэ буолла. Кырдьык даҕаны, “Азия оҕолоро” — оҕо аймах кыаҕын туруулаһар, эйгэтэ кэҥиир, сайдар-үүнэр өрө көтөҕүллүүлээх бырааһынньыга. Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэбит үгүс улууһуттан тыһыынчанан оҕо омук дойдуларын кытта күрэхтэһэр, ырыа-үҥкүү бэстибээлигэр кыттар, “Азия оҕолоро” көрүҥнэрин куйаар ситим нөҥүө сырдатар, киэҥ хабааннаах тэрээһиннэргэ күүс-көмө буолар.
Маннык аан дойду таһымнаах улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ Муома оройуонуттан хас да оҕо кытта сылдьара
барыбытын үөрдэр.
Аҕыйах хонуктааҕыта улууспутугар үөрүүлээх сонун тилийэ көппүтэ. Улахан Чыыстайтан төрүттээх уолан Роман
Тарабукин мас тардыһыы көрүҥэр 80 киилэ ыйааһыҥҥа кыһыл көмүс мэтээли ылан муҥутуур кыайыылаах буолла! Олохтоох дьон тута чемпион туһунан билэр баҕалара күүһүрбүтэ.
Рома Тарабукин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн соҕотох уоллара, кини мединститукка үөрэнэр эдьиийдээх уонна үс
саастаах кыра балтылаах. Төрөппүттэрэ Антонина Юрьевна уонна Павел Егорович Тарабукиннар иккиэн Улахан
Чыыстайтан төрүттээхтэр, убаастанар үтүө дьон.
Былырыыҥҥыттан Рома Дьокуускай куоракка 29 нүөмэрдээх оскуолаҕа үөрэнэр, быйыл тохсус кылааска таҕыста.
Үөрэҕэр үчүгэй, көхтөөх үөрэнээччи. “Модун” спортивнай комплекс тренеригэр Дмитрий Александрович Саввиҥҥа
дьарыктанар.
Куоракка көһүөн иннинэ уол Улахан Чыыстайдааҕы орто оскуола сэттис кылааһын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ.
Үөрэҕин таһынан аатырбыт “Һоҥҥачаан” ансаамбылга сылдьыбыта, спордунан кыра эрдэҕиттэн Юрий Гаврильевич
Ивановка дьарыктаммыта. Юрий Гаврильевич дьоҕурдаах уолу таба көрөн мас тардыһыытыгар чуолаан эрчийбит.
Маны сэргэ Рома аҕата оҕо эрдэҕиттэн бу көрүҥүнэн ситиһиилээхтик дьарыктанар эбит. Онон спортсмен уолбут
аҕатын туйаҕын хатаран, утумун быспакка салгыы сайда турара дьонун үөрдэр. Төрөппүттэрэ этэллэринэн,
оҕолоруттан дьиссипилиинэни ирдииллэр эбит, үлэҕэ, барыга көхтөөх буоларга иитэллэр. Рома төрөөбүт дойдутугар ыстаадаҕа хаста да сайылаабыт, ханнык да үлэттэн иҥнэн турбат туруу уол буолар.
Дьокуускайга Рома аан бастаан дьарыкка кэлбитигэр тренерэ Д.А.Саввин уолу биир нэдиэлэ көрөн, дьарыктаан
баран, тута Саха сирин первенствотыгар кытыннарбыт, онно тута бириистээх иккис миэстэҕэ тиксибит. Онтон ыла
“Азия оҕолоро” путевкатын ылан мас тардыһыытынан күүстээхтик дьарыктанан барбыт. Быйылгы үөрэх дьылыгар Саха сириттэн сүүмэрдэммит хамаанда сүүрбэччэ хонукка Монголияҕа күрэхтэһэ бара сылдьыбыт. Норуоттар икки
ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” оонньуу иннинэ Аллараа Бэстээххэ баар “Манчаары” диэн лааҕырга биир ыйы быһа
күүстээх тургутууну ааһан, Саха сирин хамаандатыгар киирбит. Рома мас тардыһыы күрэҕэр күүһүн-уоҕун, өйүн-
санаатын ууран, кыайыы үрдүк чыпчаалыгар тиийдэ. Чулуу уолбут ийэтэ Антонина Юрьевна этэринэн, “Азия оҕолоро” тэрээһинэ үрдүк таһымнаахтык ыытылла турар. Хамаандалары ХИФУ уопсайдарыгар олордоллор, толору иҥэмтэлээх аһынан аһаталлар, спортивнай уонна параднай таҥастарынан хааччыйбыттар. Тарабукиннар дьиэ кэргэннэригэр бу күрэхтэһии олохторун биир чаҕылхай өйдөбүлэ буолла. Рома төрөппүттэрэ уолларыгар ыалдьыбыт биир дойдулаахтарыгар уонна тренердэригэр махталларын тиэрдэллэр.
“Азия оҕолоро” VIII-с спортивнай оонньууга өссө биир спортсмен уол, эмиэ Улахан Чыыстайтан төрүттээх Тамерлан Слепцов скалолазание көрүҥэр кытынна. Тамерлан Романы кытта биир кылааска үөрэммиттэр. Төрөппүттэрэ Вероника Афанасьевна уонна Петр Петрович Слепцовтар Муомаҕа биллэр-көстөр ытыктанар ыаллар. Петр Петрович эдэр эрдэҕиттэн спордунан үлүһүйэн дьарыктанар, Майа сэлиэнньэтигэр ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи “Манчаары оонньууларыгар” мас тардыһыы көрүҥэр ситиһиилээхтик кыттыбыт эбит. Тамерлан аҕатын утумнаан оҕо эрдэҕиттэн спорка дьоҕурдаах уол. Сааһыырга кинини волейболга Елизавета Ивановна Тарабукина дьарыктаабыт. Тамерлан бары өттүнэн бэйэтин кыанар, тэтиэнэх уол диэн учууталлара ахталлар. Кини ыстаадаҕа сайынын атааран, тыа дьонун кыһалҕатын, эт-сиин эрчиллиитин, айылҕа үөрэҕин билэ улааппыт.
Улахан Чыыстай орто оскуолатын алтыс кылааһын ситиһиилээхтик бүтэрэн, Дьокуускайга баар Международнай арктическай оскуолаҕа (МАШ)киирбит. Быйыл ахсыс кылааһы үчүгэй түмүктээх бүтэрбит. Уол МАШ иһинэн баар волейбол, скалолазание дьарыгар эрчиллэр, оҕунан ытар маастарыстыбатын үрдэтэр, брейк-данс диэн аныгы
үҥкүүнэн үлүһүйэр. Оскуолаҕа олунньу 23 күнүгэр ыытыллыбыт “Арктика уолана” күрэҕэр ситиһиилээхтик кыттыбыт, ох саанан ытыыга уон сэттэ оҕоттон бастакы миэстэҕэ тиксибит. Бу көрүҥҥэ кыайыылаах уолбутугар Артем Варданян анал бирииһин – ох сааны — туттаран Тамерлан үөрүүтэ үрдээбит. Бэлиэтээн эттэххэ, күрэх суудьуйаларынан Егор Филиппов, Артем Варданян буолбуттар.
Дьэ, оттон “Азия оҕолоро” оонньууга хайдах тиийэн кытынна диир буоллахха, куорат иһигэр скалолазание көрүҥҥэ
элбэх оҕоттон талыы буолбут, онно Тамерлан тургутууну ааһан Саха сирин хамаандатыгар киирбит.Бу көрүҥ
өрөспүүбүлүкэбитигэр саҥа сайдан эрэр эбит. Саха сириттэн уон икки оҕо кыттыбыт: алта уол, алта кыыс.
Скалолазаниеҕа оҕолору анаан дьарыктаары ыам ыйыгар Москваттан тренери ыҥырбыттар. “Дохсун” спортивнай
комплекска уон биэс миэтэрэлээх скалодром быйыл тутуллубут.Төһө да финалга хамаандаттан ким да тахсыбатар,
оҕолор кыахтарынан үчүгэйдик кыттыбыттар, бэйэлэрин көрдөрөн, атын скалолазтары көрөн улахан уопут ылбыттар.
Бэл, радиоҕа Саха сирин скалолаз оҕолорун Казахстан спортсмена “аҕыйах кэмҥэ дьарыктаммыт да буоллаллар,
сүрдээх кыахтаах эбиттэр” диэн хайҕаабыта.
Тамерлан Слепцов инникитин “Дыгын оонньууларыгар” кыттар уонна Белолюбскай оскуолатыгар дьарыктанар
баҕалааҕын ийэтэ кэпсээтэ. МАШ оскуолатын үөрэнээччилэриттэн аан бастакынан Тамерлан “Азия оҕолоро”
спортивнай оонньууга кыттан, оскуола историятыгар киирэр оҕо буолбут. Уол төрөппүттэрэ тренердэргэ махталларын биллэрэллэр, чуолаан, Александр Ильич Спиридоновка (МАШ тренерэ). Бэлиэтээн эттэххэ, Александр Ильич Муома хайаларыгар, “Кыайыы чыпчаалыгар” тахсыбыт эбит.
Онон Улахан Чыыстай тренердэрэ көччөх гына көтүппүт уолаттара ситиһии чыпчаалыгар тиийэллэриттэн муҥура
суох үөрэллэр эрэ. Уонна бу уолаттар кылаастарын оҕолоро үгүстэрэ да спорка ситиһиилээхтэр диэн бэлиэтээн
этэллэр. Оттон Муома олохтоохторо чулуу спортсменнар үүнэн тахсан эрэллэриттэн киэн туттабыт.
Норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” VIII-с спортивнай оонньуу тэрээһиннэригэр спортсменнартан ураты Муоматтан өссө Алексеева Алина (Муома орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ) күрэхтэһиилэри дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдата сылдьар. Кини оҕолор пресс-кииннэрин эдэр кэрэспэдьиэнэ. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан 50 кэрэспэдьиэн пресс-кииҥҥэ хамаанданан үлэлии-хамсыы сылдьаллар эбит. Алина хамаандата остуол тенниһин, ууга харбааһыны уонна саахыматы сырдатар. Күн аайы күрэхтэһии туһунан ыстатыйалар Телеграмм-каналга, Контакка, “Кэскил” хаһыакка тахса тураллар. Саха НКИХ ханаалыгар “Азия оҕолорун” оонньууларын дневнигэ тахсар. Эдэр кэрэспэдьиэннэри Бырабыыталыстыба дьиэтигэр национальнай Бэчээт күнүгэр аналлаах үөрүүлээх чааска ыҥырбыттара. Алина “Азия оҕолоро” бастакы оонньуулары сырдаппыт айар дьоҕурдаах кэрэспэдьиэннэри кытта көрсүһүүгэ кытынна. Оҕолор пресс-кииннэрэ көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэ үлэһиттэригэр, тэрилтэлэригэр сүҥкэн көмөнү оҥордулар.
“Азия оҕолорун” култуурнай-маассабай тэрээһиннэригэр оройуоммутуттан үҥкүү ансаамбыла кытта сылдьарын
ахтар эмиэ тоҕоостоох. Ол курдук, “Туундара үөрүүтэ”норуодунай ансаамбыл (сал. А.М.Федорова) оҕолоро
бэстибээлгэ айар талааннарынан көрөөччүлэри үөрдэллэр.
Бары билэрбит курдук, «Азия оҕолоро» оонньуу бастакы бэрэсидьиэммит М.Е.Николаев уурааҕынан аан бастаан
Саха сиригэр 1996 сыллаахха ыытыллыбыта. Ол саҕаттан бу киэҥ хабааннаах тэрээһинтэн оҕолор кынат анньынан,
билигин биллэр-көстөр спортсменнар, айар куттаах дьон, бэчээт, телевидение үлэһиттэрэ буола үүннүлэр. Муома
ыччата оонньууларга ылбыт сатабылларыгар, баай уопуттарыгар тирэҕирэн инникитин өссө да сайда-үүнэ туруоҕа.
Татьяна Данилова