Чуумпу Кытылга Ю.А.Слепцов аатынан норуот айымньытын дьиэтин үлэһиттэрин /дир. Анастасия Никулина, худ.рук. Рудольф Макаров, культорганизатор Марина Эверстова/ тэрийиилэринэн Аҕам саастаахтар күннэрин чэрчитинэн араас тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Балаҕан ыйын 24 күнүттэн саҕалаан маастар кылаастар: «Эбээ сүөгэйэ» Старкова А.В., «Уран тарбах» Старкова Л.И., «Минньигэстик астыахха» Хабарова А.П., «Талах оҕустар» Хабаров А.И., «Эбээни кытта оонньуохха» шашки Нучеканова М.М., «Өлгөм үүнүү» Егорова С.Е. — ыытылыннылар, оскуола оҕолоро олус көхтөөхтүк кытыннылар. Светлана Егоровна өссө МК-ка кыттыбыттарга алоэ кыһыҥҥы сибэккини бэлэх уунна.
Балаҕан ыйын 26 күнүгэр «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» ас-үөл дьаарбаҥката буолла. Бу күн хаһаайкалар дэлэй астара атыыга хамаҕатык барда.
Балаҕан ыйын 30 күнүгэр «Хаалыктаах хаамыыга түмсүөххэ» диэн ааттаах аҕам саастаахтарга хаалыктаах хаамыы тэрилиннэ. Нэһилиэкпит кэрэ көстүүлээх айылҕатыгар сибиэһэй салгынынан тыынныбыт.
Алтынньы 1 күнүгэр айылҕаҕа тахсан, сайылык Төгүрүк алааһыгар ыллаан-туойан, оонньоон-көрүлээн, итии чэйдээх, астаах -үөллээх бэрт тэрээһин буолан ааста. Быйылгы үбүлүөйдээхтэри эҕэрдэлээн, сэмэй бэлэх туттардыбыт. 8 түһүмэхтээх кэрэхсэбиллээх оонньуулары оонньоотубут. Манна үс хамаандаҕа арахсан куоталаһан, «Остуоруйалар» хамаанда бастакы, иккис «Спортсменнар», үһүс «Ырыаһыттар» буоллулар. Кыттыбыт дьон 11 кылаас үөрэнээччитэ Ефрем Эверстов оҥорбут брелогун туттубут. «Сулусчаан» уһуйаан иитиллээччилэрэ эбээлэргэ, эһээлэргэ эҕэрдэ ырыа ыллаатылар, хоһоон аахтылар, бэтэрээн уһуйаан үлэһиттэригэр сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Оскуола 5-7 кылаас уолаттара бэйэлэрэ оҥорбут ыарҕа миинньиктэрин туттардылар, оскуола кэлэктиибэ наһаа минньигэс балык бөрүөгүнэн, муравейнигынан күндүлээтилэр. Олус үчүгэйдик сынньанныбыт.
Барҕа махтал буолуохтун аҕам саастаахтары массыынанан илдьибит-аҕалбыт баһылыкпытыгар Петр Владимировичка, оскуола директорыгар Владимир Владимировичка, оскуола коллективыгар завуч Елена Павловнаҕа, библиотекарь Акулина Васильевнаҕа, уһуйаан салайааччытыгар Айталина Евгеньевнаҕа, иитээччи Ньургуйаана Егоровнаҕа.
«Саһарҕа» оҕо түмсүү /сал. Т. В. Фёдорова/, чуолаан оскуола улахан кылааһын оҕолоро, бэтэрээн үлэһиттэргэ Любовь, Николай Старковтарга хотонноругар харбыл мас тиэйэн, дьаарыстаан биэрдилэр.
Аҕам саастаахтар нэдиэлэлэригэр кыттыбыт бар дьоммутугар, оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр ситиһиилээх үөрэҕи, үлэни, чэгиэн туругу, барыта этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!
Людмила Стручкова