Муомаҕа кэтэһиилээх “Күөх рейс”

Алтынньы ый ортотугар Муомаҕа иккис “күөх рейс” кэлэн, сарсыардаттан оптовай маҕаһыын туһаайыытынан дьон-сэргэ тиэтэйэ-саарайа хаамар. Маҕаһыыҥҥа улахан уочарат суох, киирбит дьон сымыыт, коробкалаах үүт , пакеттарга нуорманан угуллубут сибиэһэй оҕуруот аһын удамыр сыанаҕа хамаҕатык атыылаһан үөрэн-көтөн төннөллөр.

Атыылаһааччыларга сылаас сыһыаннаах Егор Старков, Александра Слепцова, Саргылана Софронова үөрүйэхтик түргэн-тарҕан туттунуулаахтык үлэлииллэр. Санаттахха, бу иккис “күөх рейс” буолар. Бастакы рейс балаҕан ыйын бүтүүтэ көтөн кэлбитэ, онно кэлбит бородууктаны бастакы уочарат оҕо тэрилтэлэригэр, бэтэрээннэргэ, инбэлииттэргэ уонна байыаннай дьайыыга сылдьар дьонноох дьиэ кэргэттэригэр түҥэппиттэрэ.

 

Балаҕан ыйын ортотугар оройуоҥҥа СӨ Арктика сайдыытыгар уонна хотугу норуоттар дьыалалрыгар миниистирэ Владимир Черноградскай уонна “Аартыкатааҕы атыы-эргиэн хампаанньа” ХЭТ генеральнай директора Сайдам Степанов сылдьыбыттара. Кинилэр Муомаҕа быйыл кыһын үлэҕэ киириэхтээх Атыы-логистическай киин тутуутун хаамыытын көрөн-истэн барбыттара. Сайдам Федотович сыл бүтүөр диэри оройуоҥҥа алта чартернай рейс кэлиэхтээҕин эппитэ. Бүгүҥҥү туругунан икки “күөх рейс” кэллэ уонна бу нэдиэлэ саҕаланыыта биир самолет бурдук  кэлбитэ.

Иккис “күөх рейс” самолетунан 3,9 т оҕуруот аһа кэллэ, үлэһиттэр  өссө да рейстэри күүтэллэрин этэллэр. Оттон нэһилиэнньэ бородууктаны харайар, сылы эргиччи  толору үлэлиир  логистическай киин арыллан хааччыллыы таһыма тупсарыгар эрэнэллэр уонна арктическай улууска болҕомто күүһүрэн эрэрин бэлиэтииллэр, махтаналлар.

            МТ «Муома оройуона» пресс-сулууспата

Читайте дальше