Билии күнүн көрсө Муома алын сүһүөх оскуолата аана тэлэччи аһыллан, сибэкки дьөрбөтө тутуурдаах боччумурбут үөрэнээччилэр тиэтэйэ сүүрэллэр. Саҥа үөрэх дьылыгар маҥнайгы кылааска 40-ча оҕо оскуола боруогун саҥа атыллыыр. тупсарыллыбыт сырдык оскуола бары мустубут учууталлары, үөрэнээччилэри, төрөппүттэри ураты киэргэллээх, сурук-бичик ойуулаах, дьыл араас кэминэн ойуулаах лаампаларынан үөрэ-көтө көрсөр. Учууталлар саҥардыллыбыт оскуола кэбиниэттэрин, остолобуойун, бибилиотекатын уонна аактабай саалатын астына кэрийэ көрөллөр. Санаттахха, оскуолаҕа сайыҥҥы кэмҥэ «Үөрэҕирии ситимин саҥардыы» федеральнай бырагырааманан хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна. Тутааччылар оскуола ис-тас үлэтин кэмигэр хаачыстыбалаахтык үлэлээн туттардылар.
Мустубут ыалдьыттары Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үлэ уонна социальнай харалта миниистирин солбуйааччы, Муома улууһун куратора Альбина Трубина оҕолору, учууталлары саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан эҕэрдэлээн туран, өрөспүүблүкэ үөрэҕирии салаатыгар ураты болҕомтону уурарын, өйөбүлү куруук оҥорорун тоһоҕолоон бэлиэтээтэ уонна оскуола директорыгар Альбина Петроваҕа министиэристибэ Махтал суругу уонна сыаналаах бэлэҕи туттарда. Муома оройуонун Аҕа баһылыга Дмитрий Аммосов Билии күнүнэн эҕэрдэлээтэ, ситиһиилээх үөрэҕи, үлэни баҕаран туран, Үлэ сылыгар тэриллибит лааҕырга Гуляева Настя, Иванова Нарыйаана, Слепцова Агата, Тогмитова Диана, Атласов Эрчимэн үлэҕэ көхтөөх кыттыыларын иһин үөрэнээччилэри тус бэйэтин аатыттан Махтал суруктарынан, бэлэхтэринэн бэлиэтээтэ. Ону сэргэ баһылык быстах байыаннай дьайыыларга кыттар дьонноох ыаллар оҕолоругар СӨ Ийэлэр фондаларыттан кэлбит анал бэлэхтэри туттартаата. Муома нэһилиэгин баһылыга Иван Дягилев мустубут дьону үөрэх саҥа дьылынан эҕэрдэлээтэ уонна Муома алын сүһүөх оскуолатыгар 30 тыһыынчалаах сертификаты үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Муома алын сүһүөх оскуолатын директора Адьбина Петрова саҥа үөрэх дьылыгар саҥардыллыбыт оскуола былаас бары таһымыгар үлэһиттэрин күүстэринэн оҥоһуллубутун бэлиэтээтэ туран үлэһиттэр, төрөппүттэр ааттарыттан махтал тыллары эттэ. Учууталлар эмиэ олус үөрэллэрин, үлэлииргэ тэриллибит усулуобуйа күүстэригэр күүс эбэрин туһунан санааларын үллэһиннилэр.
“Муома оройуона” МТ пресс-сулууспата