Телевизорга «Сулус» ханаалга «Сибиряктар характердарын үһүс рейх хайдах билбитэй?» диэн ааттаах биэрии буоларын истибитим. Онно Забайкальскай 16-с армия туһунан кэпсиэхтээхтэрэ. Бачча сааспар диэри Забайкальскай армия баарын истибэтэх да, аахпат да этим. Бу армияҕа Сибирь омуктарын уолаттара, ол иһигэр сахалар да сулууспалаабыт буолуохтаахтар диэн сэрэйэн, баҕар, биир эмит саха уолун туһунан истиэм диэн утуйбакка түүннэри кэтээтим.
Сэрии саҕана, Дьокуускайга алын сүһүөх командир оскуолалара үлэлиирэ. Ону бүтэрбиттэр, хайаан даҕаны, ити армияҕа барар буолуохтаахтар диэн өссө биир эрэллээҕим.
1941 сыллаахха Сэбиэскэй Сойуус тыыннаах буолара дуу, буолбата дуу Сталинград уонна Москва иһин кыргыһыылартан тутулуктаах этэ. Сүрүн резервэ бүппүт курдуга, арай Дальневосточнай байыаннай уокурук эрэ чөл этэ. Ону хамсатар табыллыбата, Япония сэриинэн түһэр куттала баара. Ол иһин советскай командование Япония биһиэхэ сэриинэн түһэр дуо? ону түргэнник бил», – диэн шифрдээх суһал телеграмманы Рихард Зоргега ыытар.
Зорге Японияҕа үлэлии олорор Германия посолун көрсөн, Япония Советскай Союзка сэриинэн түһэр былаана суоҕун билэр уонна «Бу сылга Япония ССРС-ка сэриинэн түспэт» диэн Тиксиинэн Москваҕа кистэлэҥ телеграмма ыытар. Разведчик бу тиһэх телеграммата этэ. Японскай контрразведка Зоргены кэтии сылдьара. Зорге рациянан биэрэн бүтээтин кытта, тутан ылаллар уонна хаайан сытан муҥнаан-сордоон өлөрөллөр.
Советскай командование, Зорге биллэриитигэр олоҕуран, Дальнай Востокка пограничнай сэриилэри эрэ хаалларан, атын регулярнай сэриилэри, бүтүннүүтүн кэриэтэ, суһаллык тимир суолунан Сталинградка, Москваҕа быраҕар. Ол иһигэр 16-с Забайкальскай армия Смоленскай куораты көмүскээһиҥҥэ ыытыллар. Армияны генерал-майор Михаил Федорович Лукин салайар. Смоленскай киириигэ Лукин армията, Забайкальскайын хаалларан, 16-с армия буолар. Бэйэтэ генерал-лейтенант буолар. Оччолорго фрону маршал С. Тимошенко салайара.
Манна Рихард Зорге, олоҕун сиртибэ ууран телеграмма биэриитин бэлиэтиир наадалаах. Советскай правительство Зоргега бу хорсун быһыытын иһин, кэлин, Советскай Сойуус Геройун үрдүк аатын иҥэрэр. Зорге ити курдук төрөөбүт дойдутун өстөөхтөртөн быыһаан турар.
Смоленскай былыр-былыргыттан Москваҕа киирэр аан, кириэппэс курдук сыаналанара. Ол иһин, 1812 сыллаахха Франция императора Наполеон Бородинотааҕы кыргыһыы кэнниттэн, Европа үгүс куораттарын күлүүһүн ыла үөрүйэх буолан, Смоленскай куорат-кириэппэскэ олорон, кыайбыт курдук сананан, үс күн устата, Москва куорат күлүүһүн аҕалалларын кэтэспит да, ким да аҕалбатах, ыраахтааҕы да, Кутузов да тугу да биллэрбэтэхтэр.
Наполеон инньэ гынан кураанах Москваҕа киирбит, ким да көрсүбүтэх, бары тахсан биэрбиттэр, олохтоохтор умайар кыахтаах мас дьиэлэри уоттаабыттар. Французскай армия аһа-үөлэ, таҥаһа-саба бүтэн аччыктааһына, тоҥуута-хатыыта саҕаланар. Ити кэмҥэ Кутузов саҥа армияны хомунар, өстөөҕү кытта иккистээн киирсэргэ бэмнэнэр. Денис Давыдов патризанскай сэриини саҕалыыр, устунан өстөөҕү утары норуот хамсааһына буолар.
Кыайбыт курдук санаммыт Наполеон сэриитэ тоҥон-хатан аччыктаан чугуйарга, дойдуларын диэки төннөргө күһэллэллэр.
Онтон немецтэр ити Смоленскайга 28 дивизияны, ол иһигэр 7 танковай дивизияны быраҕаллар. Кинилэри утары Рокоссовскай уонна Лукин сибиэһэй армиялара киирбитттэрэ. Төһө да сибиэһэй күүс да буоллаллар, сэриилэһэргэ үөрүйэх, уопуттаах немец сэриилэрин утары кирсэр ыарахан этэ, Лукин, төгүрүктээһиҥҥэ кииримээри, Смоленскайтан тахсан биэрбитэ. Ону фронт командующайа маршал С. Тимошенко: Тоҕо чугуйдуҥ? Смоленскайы төттөрү ыл! Ылбатаххына, ытыллыаҥ!» – диэн кытаанах бирикээһи биэрбитэ да, Смоленскай ылыллыбатаҕа.
1943 сыллаахха, ыам ыйыгар Кылаабынай командующай И. Сталин Смоленскайы ылыы операциятын былаанын оҥорууга поеһынан барбыта. Ити Сталин фронт инники линиятыгар бастакы уонна бүтэһик сырыыта этэ. Операцияны оҥорууга генераллар: Еременко, Соколовскай, аттаах сэрии генерала Осликовскай уонна генерал Волков аттаах корпуһа кыттыыны ылбыттара. Операция от уонна атырдьах ыйдарыгар ситиһиилээхтик оҥоһуллан, Москваҕа киирэр аан буолбут былыргы кириэппэс-куорат Смоленскай немецтэртэн босхоломмута, Москваҕа өстөөх киирэр куттала суох буолбута.
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии бүппүтүн кэннэ, Смоленскайга сэриилэспит немец генерала: «Ханнык да сэрии тактикатыгар сөптүбэспэт кыргыһыы буолан, биһиги күүспүтүн эспитэ, Смоленскайы ылан да баран, Москваҕа салгыы барбатахпыт, салгыы барар кыах суох этэ», – диэн билиммитэ. Ити курдук Сибииртэн кэлбит уолаттар, Европаны хаардыы хаампыт немец сэриилэригэр тосторун биэрбиттэрэ. Сталинградка да, Москваҕа да кимэн киириигэ хайыһардаах уолаттар, Белов уонна Доватор аттаах армиялара немец сэриилэрин салытынарбыттара, чугуйарга күһэйбиттэрэ.
Онтон Забайкальскайдааҕы армия командующайын Лукин дьылҕата хайдах этэй? Маршал Тимошенко бирикээһин толороору, армиятын ордугунан Смоленскайы төттөрү ыларга сорунан, атаакалаан киирэн куорат сорҕотун ылбыттарын кэннэ, уун утары немец танковай сэриилэрин көрсөн, элбэх сүтүгү ылан, чугуйара күһэллэллэр. Ол сылдьан төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэллэр, фрону кытта сибээс быстар.
Төгүрүктээһинтэн тахсыыга генерал Лукин улаханнык бааһырар, салгыы барар кыаҕа суох буолан, немецтэргэ билиэҥҥэ түбэһэр. Немецтэр Лукины бэйэлэрин диэки тардаары араас ньыманы тутталлар, ол иһигэр, немецтэргэ сулууспалыы сылдьар генерал Власовы кытта көрүһүннэрэллэр да, сөбүлэспэт. Ити курдук, хаһан босхолонуор диэри, араас лааҕырдарынан сылдьар. Немец хаайыытыттан босохоломмутун да кэннэ, чыыскалааһыҥҥа түбэһэн, аны советскай лааҕырга тутуллар.
Сэрии ааспытын кэннэ, хаста да Михаил Федорович Лукины Советскай Союз Геройугар түһэрбиттэрин: «Билиэҥҥэ түбэспитэ», – диэн аккаастаабыттара. Кэлин, Советскай Союз эстибитин, генерал өлбүтүн кэннэ, Россия Геройа диэн ааты иҥэрбиттэрэ. Ити курдук, хойутаан да буоллар, Забайкальскай армия командующайын М.Ф. Лукины чиэстээбиттэрэ.
Григорий Федотов