Аммаҕа XVII Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа«Саҥарар саҥам сататын сабаҕалааҥ, этэр тылым эгэлгэтин эридьиэстээҥ» бэс ыйын 19 – 21 күннэригэр киэҥ далааһыннаахтык ыһылынна.
Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн сыалынан саха буоларбыт үтүө сиэрин – туомун, ытык суолтатын бар дьоҥҥо иҥэрии, үгэспитин кэлэр кэскилбитигэр сэһэргиир ытык күн буолар. Бу алгыстаах күҥҥэ Өрөспүүбүлүкэбит араас муннуктарыттан, Арассыыйаттан кытта тиийэ тоҕуоруһа муһуннулар. Биһиги оройуоммутуттан уонча буолан сырыттыбыт, араас түһүлгэлэргэ кытынныбыт.
Ытык Амма сиригэр үктэнэр кыраныыссатыгар аммалар алгыстаах алаадьынан, кымыһынан көрүстүлэр. Кэлбит
күммүтүгэр үрүҥ күнү көрүстүбүт, алгыс кэрэтин ылынныбыт. Күнү көрсөр сиэри – туому тутуһан, алгысчыт
алгыһынан, кулунчуктары, сылгыны киллэрэн, биэ кымыһын, минньигэс эт амсайан,оһуокайдаан күммүтүн
уруйдаан – айхаллаан көрүстүбүт. Былыт быыһыттан күн сардаҥатын ыытан,күммүт тыган кэлбитэ үчүгэйиин,
сылааһынан сыдьаайан сири – дойдуну сырдатта. Сылдьыбыт эрэ киһи барыта сыллааҕы күүһү – сэниэни
ылынан, арчыланан, алгыс үтүөтүн иҥэриннилэр.
Олоҥхо ыһыаҕын арыллыыта бэйэтэ туспа долгутуулаах түгэн. Үстүүн Нохсоороп «Дыырай бухатыыр» олоҥхотун
остуоруйатыгар ыалдьыттаан, сүрүн дьоруойдарга «ыалдьан» биир тыынынан көрдүбүт. Ил Дархан Айсен
Николаев ыһыах күнүнэн эҕэрдэлээтэ, Олоҥхо ыһыаҕын ытык дуоҕатын анньан ыһыах саҕаламмытын бигэргэттэ.
Алгыстаах сиргэ Аммаҕа олус истиҥник көрүстүлэр. «Кэнчээри» детсадка түһэрэн, аһылыгынан, хонор сирбитин
хааччыйан бэркэ сырыттыбыт. Аны Мээндиги нэһилиэгэ Муома, Өймөкөөн делегациятын бэйэлэрин
түһүлгэлэригэр маанылаан көрүстүлэр. Оҕолор сахалыы үҥкүүлээтилэр, нэһилиэк баһылыга ыалдьыттары
эҕэрдэлээтэ. Муома оройуонун баһылыгын солбуйааччыта Акулина Кульбертинова махтал тылы эттэ. Сандалы
тула олорон, иһирэх кэпсэтии барда.
Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар Муона чараҥар 22 түһүлгэнэн араас күрэстэр, күрэхтэр, быыстапкалар, маастар
кылаастар ыытылыннылар. Онно иис түһүлгэтэ, манна ырыа – тойук дьиэрэйэр, оһуокай үҥкүүтэ, ат сүүрдүүтэ,
араас быыстапкалар, ураһаларга, балаҕаннарга оллоонноон олорон олоҥхо кэпсэнэр. Аал Луук мас бэйэтэ туспа
кэпсэл, сардаана симэхтээх баараҕай Аар Хатыҥ үгүс киһи сэҥээриитин ылла, ыра санааларын сипсийэллэрин
иһиттэ.
“Эмис Түмэппий курдук этэн дьэргэлдьиттэхпинэ” олоҥхо күрэҕэр оҕолорго Эрчимэн Атласов, улахан дьоҥҥо
Айталина Николаева ситиһиилээхтик кытыннылар. Эрчимэн сүүстэн тахса оҕоттон «Түөлбэ үгэһин утумнааччы»
анал аакка тигистэ. Олоҥхо улахан түһүлгэтигэр кыттарбытыгар күүс – көмө, өйөбүл, сүбэ – ама тиэрдибиттэригэр
Ирина Слепцоваҕа, Анна Федороваҕа махтанабыт.
III Өрөспүүбүлүкэтээҕи Саха сирин улуустарыттан 100 киһи кыттыылаах Тимофей Васильевич Захаров — Чээбий
«Ала Булкун Бухатыыр» олоҥхотун уһун тыыннаах ааҕыы кыттааччыта Надежда Соркомова ааттанан туоһу сурук
тутта.
Кылаана Слепцова«Олоҥхо персонажтарын ырыата – тойуга “ куонкуруска Д.Силэпсиэп “Көтөр
Мүлгүн”олоҥхотуттан Симэхсин эмээхсин оруолун толорон кытынна.
«Или – эйэни туойуохха, оһуокайдаан ойуохха» өрөспүүбүлүкэтээҕи оһуокай күрэҕэр Александра Старкова
кытынна. Эдэр толорооччу бэркэ аһыллан оһуокайдаата.
«Алгыстаах тойукпут айхаллыы дуорайар» өрөспүүбүлүкэтээҕи тойук күрэҕэр Надежда Иванова, Кылаана
Слепцова кытыннылар.
«Олоҥхо ыһыаҕын маанылаах таҥаһа» күрэххэ Елена Терешкина киэргэнэн – симэнэн тахсан кыттыыны ылла.
Эр хоһуун Алексей Ефимов«Эр бэрдэ» күрэххэ кытынна. Күрэхтэһээччилэриттэн хаалсыбакка бэйэтин кыаҕынан
бэркэ кытынна.
Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар «Чарующие звуки северного края» түһүлгэлэригэр Алена Корякина икки күн
устата дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтэ. Манна эбээннии, эбэҥкилии, юкагирдыы, чукчалыы, долганныы тылларынан
олоҥхо толордулар, һээдьэ этилиннэ, хабарҕа, норуот ырыаларын күрэҕэр 19 улуустан 42 кыттааччы күөн
көрүстүлэр. Чыыстайтан сылдьар Анфиса Прокопьева ырыаҕа, һээдьэҕэ кыттан ситиһиилэннэ.
Ити курдук Айыыһыт алҕаабыт Амма сиригэр үс күммүт бэрт сэргэхтик, интэриэһинэйдик ааста.
Олоҥхо ыһыаҕын үөрүүлээх сабыллыытыгар Владимир Михайлович Новиков — Күннүк Уурастыырап «Куоралдьын
Кугас аттаах тойон Дьаҕарыма бухатыыр» олоҥхотунан «Дьаҕарыма бухатыыр» испэктээги Олоҥхо тыйаатыра
туруорда.
Ити курдук, ытык Амма сиригэр XVII Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа«Саҥарар саҥам сататын сабаҕалааҥ,
этэр тылым эгэлгэтин эридьиэстээҥ» истиҥ эйгэҕэ үрдүк таһымнаахтык тэрээһиннээхтик ааста.
Түгэнинэн туһанан, Олоҥхо ыһыаҕар баран кыттан кэлэрбитигэр күүс – көмө, өйөбүл буолбут Муома оройуонун
баһылыгын солбуйааччыларыгар Артур Тарабукиҥҥа, Акулина Кульбертиноваҕа, култуура управлениетын
салайааччытыгар Юрий Черовка махтанабыт. Маннык улахан таһымнаах тэрээһинтэн уопут атастаһан, элбэҕи
билэн – көрөн кэлбиппит инники үлэбитигэр төһүү күүс буолуоҕа.
Айталина Николаева