Сахабыт сирин уһун тымныы кыһыныгар саамай тоҥор-хатар — кыстыы хаалар чыычаахтар барахсаттар буолаллар.
Муома оройуонун киинигэр — Хонууга үтүө сүрэхтээх Людмила Гаврильевна Степанова чыычаахтары аһаппыта сүүрбэттэн тахса сыл буолла.
» Урут переулок Школьный икки этээстээх мас дьиэҕэ олордохпутуна, ыаллыы олорор Слепцовтар аҕалара Алексей кыра оҕотун аралдьытаары хас күн аайы чыычаахтары аһатар буолара. Онтон кини эмискэ олохтон барбытын кэннэ чыычаахтар син биир көтөн кэлэн ас кэтэһэн олорор буолаллара. Барахсаттар Алексейы суохтаабыттар быһылаах диэммин, ол кэннэ аны мин аһатар буолбутум.
Эргэ начальнай оскуола көтүрүллэ илигинэ, онно эмиэ анаан ас уурарым, аһатарым. Билигин бу Спортивнай эргин аһатабын.
Чыычаахтары элбэх киһи аһатар этэ. Билигин суох Ольга Алексеевна, Прасковья Никитична ынах сүөһүнү тутар эрдэхтэринэ, «Чыычаахтар олус мусталлар, барахсаттар от сыатын сииллэр» диэн анаан от хаалларар буолаллара. Кэлин Надежда Рачинская, Надежда Семёнова анаан аһаталларын көрөбүн.
Серафим Щелканов «урут Муомаҕа барабыайдар суохтар этэ, баржалар сылдьар буолуохтарыттан 50-с сыллартан саҕалаан төрөөн-ууһаан дэлэйдилэр», — диэн кэпсиир буолара.
Людмила Гаврильевна күн аайы дьарык оҥостон сарсыарда эбэтэр күнүс чыычаахтарын аһата тахсар. Төһө даҕаны бэйэтэ икки өттүгэр тайахтанан сырыттар, сүрэҕин баҕатынан иккис мэндиэмэнтэн анаан оҥостон түһэр, анал миэстэҕэ чыычаахтарыгар ас кутар. Биэнсийэтэ түстэҕинэ, оптовай маҕаһыынтан рис куруппа атыылаһан айылҕа оҕолорун аһатарын эбээһинэһин курдук саныыр.
— Ыйга быһа холоон 15 кг куруппаны сииллэр. Ити кэлин өссө аччаабыта. Урут сэниэлээх, ырааҕы хаамар эрдэхпинэ 30 кг диэри сиэччилэр.
Дьиҥнээҕэ пшено буолуохтаах, пшеном бүппүтэ, ол иһин бу билигин рис кутан табыгынатабын. Сорох дьон килиэп быраҕаллар, ол эрэн килиэп туустаах буолан көҥүллэммэт.
Айылҕа оҕолоругар харыстабыллаах сыһыаны, аһыныгас буолууну бэйэтин холобурунан көрдөрөр Людмила Гаврильевна өр сылларга библиотекарынан үлэлээбитэ. Киэҥ билиилээх-көрүүлээх киһи өссө биир сүрүн дьарыга — кыраайы үөрэтээччи. Биһиги хаһыаппытыгар кини үгүс интэриэһинэй ыстатыйалара бэчээттэнэллэр.
… Кыһын тыына күнтэн күн биллэрэн иһэр.»Чыычаахтарым сүтэрдэхтэрэ. Аһыыр кэмнэрэ буолбут…» диэн үтүө сүрэхтээх Людмила Гаврильевна тайахтарын ылан тиэтэйбиттии таһырдьаны былдьаһар.
Үтүө санаа үксүү турдун!