Егоров Альберт Михайлович “Үөһээ Бүлүү Маҥаас дэриэбинэтиттэн силис тардыылаахпын” диэн бэйэтин
билиһиннэрэр: “Манна, этэллэрин курдук, соболоохтор күтүөттэрэбин. Ийэм кыра кылаастарга учуутал, бииргэ
төрөөбүттэр төрдүөбүт, ыал улаханабын. Кэргэним Айна Петровна фармацевт үөрэхтээх, аптекаҕа үлэлиир. Онон
Муомаҕа 2016 сыллаахтан күтүөттүү кэлиэхпиттэн кэлэ-бара баарбын диэхпин сөп. Оскуола кэнниттэн орто анал
үөрэххэ машинист-тракторист идэтин баһылаабытым, салгыы Уус Алданнааҕы коммунальнай хаһаайыстыба салаатыгар маастарга үөрэммитим. Ол быыһыгар армияҕа сулууспалаабытым, биология, математика идэлэригэр үрдүк кыһаларга үөрэнэ сылдьыбытым. Онтон техническэй хайысханы тутуһаммын, Арктическайдааҕы агротехнологическай университет “Инженерия” отделениетыгар кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэрим кэллэ, диплом ыларым хаалла. 2016 сыллаахха оройуоҥҥа Петр Николаевич Черемкин баһылыктыы олорор кэмэ этэ, эһиилигэр бөһүөлэккэ хочуолунай тутуута ыытылларын истибитим. Куоракка тиийэн ханнык туох тэрилтэ бэдэрээтчит буоларын билэн, сварщигынан кэпсэтэн, 2017 сыл сайыныгар чоҕунан оттуллар хочуолунай тутуутугар кэлэн үлэбин саҕалаабытым. Онон бастакыбын улахан объегы кыһыл илиибинэн тутан таһаарбытым. Эһиилигэр ититэр трассалары уларытыыга, демонтаж, 13 чааһынай ыалы ситимҥэ холбооһуҥҥа күүскэ ылсан үлэлэспитим. Ол кэнниттэн сайыҥҥы уу турбатын тардыбытым.
2020 сыллаахха оччотооҕу СӨ “ОДьКХ” ГУП Муоматааҕы филиалын салайан олорор Дмитрий Аммосов “СӨ Ил
Дархан анал соругунан Озернай уулуссаҕа ититэр пуун тутуллар, кэлэн үлэлээ” диэн ыҥырыытын быһа гыммакка,
олохтоох уолаттартан хомуллубут биригээдэҕэ прораб, маастар быһыытынан үлэлээбитим. Ити сылларга куорат
мээрийэтигэр 24 үлэһиттээх аварийнай сулууспаны салайбытым, онтон коммунальнай хаһаайыстыба тэрилтэтигэр
начальник солбуйааччытынан.
Кэнники икки сылга оройуоҥҥа олохтоох “ОДьКХ” МУП тэрилтэтигэр кылаабынай инженеринэн үлэлээтим.
Сүрүннээбит үлэм — хаарбах дьиэттэн көһөрүү программатынан тутуллан киирэр икки саҥа дьиэҕэ ититэр ситимин
толору таҥыы. Оройуоҥҥа бастакынан итии, тымныы уу ааһар турбатын тартыбыт, бары санитарнай-техническэй
ирдэбилин тутуһан. Кырдьыга, бу иннинэ киирбит уопсай дьиэлэргэ тымныы уу ааһар турбата таҥыллыбыта, олоххо киирэ илик. МУП-ка үлэлиир кэммэр “Ю” хайаҕа барар суолу оҥорбуппут. Эргэ хочуолунайдар турбаларын түһэрэн, демонтаж оҥорон, үс кыра үрэҕи туораттыбыт. Ама да, үлүгэрдээх үлэ барбыта. Былырыын сайын урукку сбербанк көтүрүллүбүт миэстэтигэр баһаары утары үлэ чэрчитинэн икки улахан емкостары таҥан туруорбутум. Бэйдиэ ыттары тутар анал вольер тутуутун тэрийдибит. Ону таһынан суол оҥоруутугар, уопсай дьиэлэр сантехническай үлэлэрин барытын сүрүннээбитим, ол иһигэр социальнай объектарга, оскуола, кулууп дьиэлэрин ититэр ситимнэрин холбонуутугар”.
Ити курдук, Альберт Михайлович бииртэн биир үлэтин туһунан “хааһахтан хостуурдуу” холкутук кэпсиир. Эдэр
киһи аҕыйах мүнүүтэҕэ үлэтин-хамнаһын кэрдииһиттэн сырдаппыта, ол төһөлөөх көлөһүнтэн, сыраттан тахсарын киһи сэрэйэр эрэ. Ону таһынан Альберт Михайлович кумааҕы үлэтин баһылаабытын сөҕө истэбин. Ол курдук, элбэх үлэҕэ сметатын, суоттааһынын бэйэтэ оҥорор эбит. Биир сууккалаах үлэтин этэн аһарар: “Күн аҥарыгар кумааҕыны кытта үлэлэһэбин, эбиэттэн киэһэ сыбаарка үлэтигэр, онтон киэһэ хойут суол оҥоруутугар тахсарым”. Ити курдук, эдэр киһи оройуон киинигэр баар уонунан сылларга кыаттарбатах сыбаалка сирин докумуонун оҥорсубут, карьер сириттэн тутуу матырыйаалын хостоон туһанарга анал лицензия ылары ситиспит. Эдэр киһи ханна даҕаны үлэлээтэр хаһаайыстыба туруктаах буоларыгар кыһамньылаах, эппиэтинэстээх сыһыанын оройуоннааҕы ЕДДС үлэһиттэрэ махтана ахталлар:
“Альберт Егоров МУПка дьуһуурустубалыыр кэмигэр тахсар саахал тутатына туоратыллар, ол туһунан киниттэн
иһитиннэрии түргэнник, чуолкайдык оҥоһуллар. Туоратыллыбыт үлэтин ыйыталаһан, куруук билсэ турааччы.”
Кэпсэтии түмүгэр Алберт Михайлович бииргэ үлэлэспит дьонугар, тустаах салайааччыларга махталын биллэрэр.
Үөрэ истиэм иһин, мунньуммут уопутун үллэстэ эдэрдэри уһуйбут, элбэххэ үөрэппит эбит. Маннык үлэҕэ-үөрэххэ
дьулуурдаах, “хара” үлэттэн толлубат, кыайыылаах-хотуулаах үлэһит үтүөтэ ыччат киһи аныгы үйэ көлүөнэтигэр
холобур буолуон сөп. Альберт Егоров олохтоох, бэриниилээх үлэтэ сыаналанан, өссө Муома национальнай нэһилиэгин баһылыгыттан Махтал сурук, сыаналаах бэлэх тутта. Эҕэрдэлиибит! Кэскиллээх эдэр киһиэхэ ситиһиилээх үлэни, чөл доруобуйаны, дьиэ кэргэнигэр бигэ туругу, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт.
М.СТАРКОВА.