«Көмүс хатырык»

Өрөбүл күн Хонуу сэлиэнньэтин «Муома төрдө» сиригэр «Көмүс хатырык» диэн муус аннынан балыктааһын күрэҕэ ыытылынна. Бу сүрдээх көхтөөх тэрээһин Муома нэһилиэгин дьаһалтатын, ГИМС ыксаллаах быһыы-майгы управлениетын уонна «Осикат» оройуоннааҕы этно-култуурунай киинин көҕүлээһининэн буолла. Манна сааһыттан тутулуга суох араас балыксыт кэлэн астына балыктаатылар, биир дойдулаахтарын кытта айылҕаҕа алтыстылар. Уу иччитэ Күөх Боллох Тойон күндүлээн, күрэх кыттыылаахтара бириистээх миэстэҕэ тиксэн үөрүүлэрэ үрдээтэ. Ол курдук,
1 миэстэҕэ «Элбэх балык» Кириллин Олег таҕыста.
Анал ааттар:
«Маҥнайгы балык» уонна «Ытык саастаах балыксыт» —
Слепцов Владимирга,
«Бастыҥ, кыра балык» (6 см) — Слепцова Еленаҕа,
«Бастыҥ, улахан балык» (33 см) —
Слепцова Вероникаҕа,
«Кэскиллээх балыксыт» — Никулин Аликка
«Специальный приз от организаторов» —
Корякина Акулинаҕа ананнылар.
Индигир эбэбит куруук көмүс хатырыктааҕынан күндүлүүрүгэр махтанабыт.