Көмөлөһөр да араастаах

Биһиэхэ былыргыттан «айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс» диэн өйдөбүл баара сүтүөхтээҕэр, өссө ордук күүһүрэргэ дылы.

Соторутааҕыта бэйэм үөлээннээхтэрбин кытта көрсөн кэпсэттим, кинилэр дьоҕус биэнсийэлэринэн оҕолоругар уонна сиэннэригэр көмөлөһөллөрүн таһынан туох эмэ  тэрээһиҥҥэ харчы хомуллар буолла да, маҥнайгынан тута биэрэллэр эбит. Баҕар, онно сэбиэскэй кэмҥэ олорбуппут оруоллааҕа буолуо. Оччолорго бүгүҥҥү курдук харчыны таҥара оҥостуу суоҕа уонна бэйэ туһугар буолбакка, бүтүн сойуус туһугар үлэлиир-хамсыыр ураты суолталаахтара. Кэмниэ-кэнэҕэс уосастыба тутулларын үөрэтэр учуонайдар билиммиттэринэн, сэбиэскэй дьон баһыйар өттө биир уопсай сыаллаах буолан бэйэлэрин дьоллооҕунан ааҕыналлар эбит, төһө кыалларынан туһалааҕы оҥорорго дьулуһаллара. Ол аата харчытааҕар национальнай идея быһаарар оруоллааҕа көстөн тахсыбыт.

Үөрэхтээхтэр быһаарбыттарынан, бүгүн норуоту барытын түмэр идея суолдьут сулустуу буолбута соччо-бачча биллибэт, өссө олорон истэхпитинэн чуолкайданыа турдаҕа. Ити да буоллар уопсастыба өйүн-санаатын үөрэтэр кииннэр сыыппараларын көрдөххө «дьоллооххун дуо?» диэн ыйытыкка россияннар баһыйар өттүлэрэ «дьоллоохпун» диэн хоруйдууллар. Уопсайынан, дьол диэн киэҥ уонна араас өйдөбүллэртэн турар, олорго тохтообоппун, кини биир өрүтүн ылыахха, атыннык эттэххэ материальнай чааһын.

* * * *

Бүгүн Россияҕа быһа холоон 146 мөл. киһи олорор. Аны туран, социализм сууллуоҕуттан, нэһилиэнньэ баай уонна дьадаҥы  араҥаларын араастаһыыта лаппа улаатта. Бүтэһик дааннайдары ырыттахха, олохтоохтортон сыччах 10 эрэ бырыһыан киһи 100 тыһ. солк. хамнастаах эбит, өссө ити киин сирдэр сыыппаралара. Тыа сирин бакаа киэҥник үөрэтэ иликтэр, ол да буоллар сүрэхтэринэн сэрэйэллэр ‒ тыаҕа сүүс тыһыынчаны аахсааччы тарбахха баттанар, маннык хамнас дэҥ эриэккэскэ баар.

Бу боппуруоһунан дьарыктанар социологтар этэллэринэн, Россия дьоно-сэргэтэ материальнай кыһалҕалары чэпчэкитик ылынар уонна сиэр-майгы сыаннастарын өрө тутар. Ол курдук төрөппүт уонна оҕо икки ардыларыгар бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү, кыһамньы атыттардааҕар ордук күүстээҕэ көстүбүт. Холобур, Россияҕа үлэ үгэнигэр сылдьар эдэр дьиэ кэргэн ийэлээх аҕатыгар харчынан көмөлөһүүтэ 68%-ҥа тиийэр, бу Москва, Санкт-Петербург, о. д. а. мегаполистарга. Биллэн турар,  баларга хамнас уонна эбии дохуоту оҥостуу биһигиттэн таһы-бааччы үрдүк, онон ый аайы 15-13 тыһ. солк. биэрдэхтэринэ, улахан охсуута суох. Ити куораттары эттибит, аны тыабыт сирдэригэр төннүөххэ.

* * * *

Саха сиригэр орто хамнас 80 тыһ. солк. диэн официальнай источниктар этэллэр. Маны экономистар тустаах методиканы туһанан ааҕан таһаараллар, утаран туһа суох, наукаҕа олоҕурбут буолуохтаахтар. Дьиҥэр, үгүспүт 80 тыһ. солк. ыларбыт буоллар үөрэртэн солото суох сылдьыа этибит. Учуонайдар быһаарбыттарынан, тыа ыала, дьиэ кэргэнэ хатыламмат ураты култуура кодтаахтар. Тугуй диир буоллахха, кыра хамнастан, биэнсийэттэн ийэлээх аҕа, эһээ-эбээ оҕолоругар, сиэннэригэр көмөлөһүүлэрэ. Төрөппүттэри икки бөлөххө араараллар: маҥнайгылар ыал буолбут оҕолоруттан туспа олороллор, үчүгэй биэнсийэлээхтэр, бэйэ кэтэх  хаһаайыстыбалаахтар. Иккистэр оҕолорун кытта олороллор, онон дохуоттара уопсай, кинилэри  донордар дииллэр. Маҥнайгылар оҕолоругар, туох эмэ наада тирээтэҕинэ, көмөлөһөллөр. Оттон иккистэр киэннэрэ ‒ быыстала суох, хамнас буоллун, биэнсийэ буоллун ‒ барыта оҕолоругар-сиэннэригэр. Манна хос санааны таһаарар табыгаһа суох, бу үчүгэй хаачыстыба диэн үөрэхтээхтэр чиҥэтэн этэллэр. Ол да буоллар, санаталлар ‒ РФ Дьиэ кэргэн кодексытыгар суруллубутунан, оҕолор ийэлээх аҕаларыгар көмөлөрө-кыһамньылара маҥнайгы уочараттаах буолуохтаах диэн.  Тыаҕа билигин да төрөппүт көмөтүнэн олорооччу эдэр ыаллар элбэхтэр, оттон үтүө үтүөнэн төннөрүн долоҕойго тохтоттоххо, сарсыҥҥы кэрэтийэн көстөргө дылы.

* * * *

Омуктар биһигиттэн атыттар, кинилэргэ тус бэйэни ордук көрүнүү уһугулаан турар. Ийэ-аҕа хамнастара, биэнсийэлэрэ лаппа үрдүк, оҕолорун эрдэ араартара, олор эмиэ кырата суох дохуоттаахтар. Онон үбүнэн-харчынан көмөлөсүһүү кинилэргэ суоҕун кэриэтэ. Омуктарга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ биһиэнигэр майгыннаабат. Холобур, немецтэр сыыппараларын эридьиэстээтэххэ, биһиги дойдубут биэнсийэлээхтэрэ тиийиммэт араҥаҕа киирсэллэр. «Хаан биир, харамаан тус-туһунан» диэн омук дьиэ кэргэннэригэр чаастай көстүү. Германияҕа өскө биир эмит ыал оҕото төрөппүттэригэр харчынан көмөлөһөр буоллаҕына, кинини судаарыстыба подоходнай нолуоктан босхолуур. Кырдьыга, көмөҕө наадыйааччы ийэ-аҕа аҕыйах. Билэрбит курдук, сайдыылаах экономикалаах омук дойдуларын аҕам саастаахтара биэнсийэҕэ таҕыстылар да, аан дойду аартыктарынан туристыы бараллар, араас уопсастыба түмсүүлэригэр киирэннэр күн бокуойа суох сылдьаллар, о. д. а. Баар кырдьыгы эттэххэ, Арассыыйаҕа да бу көстүү номнуо биллэр буолла, Саха сиригэр эмиэ. Ол да буоллар биэнсийэлээхтэри «в шоколаде» араҥаҕа киирдилэр диирбит эрдэ, сыыйа үүт-тураан олох тиэргэммитигэр киириэҕэ.

* * * *

Үөһэ биэнсийэлээхтэр харчыларын уопсай хочуолга угалларын эппиппит. Үөрэхтээхтэр манна биири бэлиэтииллэр: өскө оҕолор, сиэннэр атахтарыгар бигэтик турбут буоллахтарына, материальнайдааҕар моральнай көмө-өйөбүл оҥоһуллара ордук диэн. Үөрэммитинэн салгыы уопсай бюджекка үбү уга сырыттахха, кини улаханнык сыналаммат буолуон сөп диэн сэрэтэллэрэ оруннаах буолан тахсар. Ону баара, ордук тыа сиригэр үрдүк хамнас-биэнсийэ сатыылыахтара ыраахха дылы, ол иһин аҕа саастаах көлүөнэ удьуор утумун уһатааччыларыгар көмө илиитин уунара балай да өр кэмнээх буолуоҕа. Мантан санаа түспэтин, үчүгэй хаһан баҕарар үчүгэйи ыҥырар.

Афанасий Иванов

Читайте дальше