Соболоох нэһилиэгэр Ийэ тыл, сурук-бичик күнүгэр анаммыт тэрээһин бэрт сэргэхтик ыытылынна. Ол курдук, олунньу 13 күнүгэр Сынньалаҥ киинигэр бу күҥҥэ аналлаах «Төрөөбүт тылбыт, саҥабыт- биһиги баайбыт» литэрэтииринэй киэһэ тэрилиннэ.
Тэрээһиҥҥэ оскуола үөрэнээччилэрэ, эдэр ыччат, аҕам саастаах дьон кытыннылар.
Нэһилиэк аҕа баһылыга Эрик Павлов бу бэлиэ күнүнэн олохтоохтору эҕэрдэлээтэ, төрөөбүт тылга болҕомтолоохтук сыһыаннаһарга ыҥырда.
Тустаах күрэскэ кыттааччылар саха норуодунай поэтессатын Наталья Харлампьева хоһооннорун иэйиилээхтик , Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» айымньытыттан имитэн-хомутан , оскуола үөрэнээччилэрэ К. Оросин «Ньургун Боотур» олонхотуттан дорҕоонноохтук , Иван Гоголев -Кындыл «Тимир үйэ тэҥсигэ» драматыттан быьа тардан оруолларынан ааҕан иһитиннэрдилэр.
Хамаандалар бары да оонньууларга көхтөөхтүк кытыннылар, ол курдук, саамай уһун тылы таайыыга, иннинэн-кэннинэн аахтахха биир суолталаах тыллары булууга, өс хоһооннорун ситэриигэ о.д. а. күрэстэстилэр
Модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Сардаана Хабарова саҥа киирбит сахалыы тылларга оонньуу ыытта, нэдиэлэ күннэрин сахалыы ааттарын үс арааһын билиһиннэрдэ.
Литэрэтииринэй киэһээни хамаандалар кэрэхсэбиллээх Сыахайы онорон түмүктээтилэр.
Татьяна Степанова.