Ийэ күнэ… Бу күн сыл ахсын сарсыарда аайы Акулина Иннокентьевна Троеваны көччөх гынан көтүппүт чыычаахтара — сэттэ оҕото эҕэрдэлииллэр, олоҕу бэлэхтээбит күндү киһилэригэр махталларын биллэрэллэр. Оттон Акулина Иннокентьевна олоҕун оччотооҕу уустук сылларын ахтан-санаан кэлэр… Соҕотохто биир түгэҥҥэ чугас киһини сүтэрии, сэттэ оҕону кууһан хаалыы тустаахха олус ыарахан кэм этэ…
Аҕалара, саамай иитэр-аһатар киһилэрэ күн сириттэн күрэммит күнэ Линаҕа олоҕор саамай ыарахан күннэр этилэр. Ол күҥҥэ диэри кини Лэгэнтэй оҕонньор мааны кыра кыыһа, убайдар-эдьиийдэр бары атаахтатар күндү киһилэрэ этэ. Мантан ыла Лина санныгар улахан дьиэ кэргэҥҥэ бас-көс киһи буолуу, сэттэ оҕону атахтарыгар туруорар, дьон оҥортуур сорук турбута.
Акулина 1971 сыллаахха орто оскуола кэнниттэн оччотооҕу ыччат сиэринэн комсомольскай путёвканан төрөөбүт нэһилиэгэр субан сүөһү көрүүтүгэр үлэҕэ киирбитэ. Ыарахан үлэттэн толлубатаҕа, сүөһү иитиитин курдук кытаанах үлэҕэ оройунан түспүтэ. «Сайын Сылгы Турар диэн сиргэ сайылыкка көһөр үчүгэй да буолара! Оҕуһунан обрат үүтүн тиэйэрбит. Эдэр буоламмыт барытын ыллыы-ыллыы, үөрэ-көтө оҥорорбут. Социалистическай куоталаһыы кэмэ буолан үлэбитигэр олус кыһалларбыт», — диэн ахтар билигин оччотооҕу кэми Акулина Иннокентьевна. Сопхуоска үлэлээн баран кыыс иитээччи үөрэҕэр үөрэнэн 1976 сыллаахха детсадка воспитателинэн үлэлии киирбитэ.
1984 сыллаахха олоҕун аргыһын Уус Алдан уолун Семён Троевы көрсөн олохторун холбообуттара. Эдэрдэр Соболооххо олохсуйбуттара. Сыллата кыраланан улахан дьиэ кэргэн кэҥээн-тэнийэн саҥа дьиэ туттар түбүгэр түспүттэрэ. Ыал аҕата трактористыыра, сопхуоска от-мас тиэйэрэ. Эдэр ийэ детсадка үлэлиирэ.
Ити курдук олус дьоллоохтук олордохторуна, 1996 сыл Троевтарга алдьархай ааҥнаабыта.Сааскы кус саҕана элбэх оҕолоох аҕа ууга оһолго былдьаммыта. Эдэркээн ийэ үрдүгэр халлаан хараҥарбыта. Ол кэми кэнники маннык ахтар: — Сэттэ оҕобун кууспутунан туран хаалбытым. Саамай кырабыт Славик биирин эрэ туолбута, саҥа хааман эрэрэ. Улаханым Ленка устудьуон уонна сыры-сыллатааҕы икки кыыс, икки уол оскуола, Сашок детсад дьоно этилэр.
Бэйэм огдообо, оҕолорум тулаайах хаалбыттарын ылынар олус ыарахан этэ, аһыыбын кыратык аһарда түһэн баран, күүстээх санаабын бүтүннүү түмэн «Хайаатар даҕаны оҕолорбун атахтарыгар туруоруом» диэн кытаанах санаа киирбитэ, ол санаабыттан күүс эбиллибит курдукка дылы этэ. Ол иһин билигин мин курдук балаһыанньаҕа түбэспит атын ийэлэргэ ыарахан кэмҥэ ыһыктынан кэбиспэккэ, олох моһоллорун мүччү түһэр күүстээх санааланыахха наада диэн этиэхпин баҕарабын.
Олох тохтоон хаалбатаҕа. Күндү чыычаахтара — сэттэ оҕо күннэтэ улаатан испиттэрэ, аһыыга ылларбыт ийэ санаата сайҕанан олоххо тардыһыыта күүһүрбүтэ. Буор Сыһыыттан аҕата, эдьиийдэрэ, убайдара аһынан-таҥаһынан көмөлөрүн тиэрдэ тураллара. Олохтоох нэһилиэнньэ эмиэ элбэх оҕолоох соҕотох ийэни олус өйүүрэ.
— Тыаҕа кэтэх дьиэҕэ олорор ыал түбүгэ тахса турар этэ. Саамай улахан кыһалҕабыт — оттуллар оһох, оттук маһы тиэйтэрии этэ. Түөрт массыына маһынан кыһыны туоруурбут. Биир түгэни санаан кэллим. Оччолорго бэһис кылааска үөрэнэр улахан уолбун биирдэ мас хайытарга үөрэттим. Ону кылааһынньыктара көрөн «Маамаҥ мощнайдык мас хайытар эбит ээ» диэбиттэрин кэннэ «Маама, эн аны хайытыма, мин бэйэм» диэбитэ. Оҕом Толик түргэн баҕайытык улааппыт курдук этэ, өйө-санаата, тыла-өһө улахан киһи курдук буолара.
Убайым Егор Васильевич кэлэн маспын эрбэтэн биэрэрэ. Ону көрөн кэлин улаханым Толя алтыс кылаастан «Дружбаҕа» үөрэнэн бэйэтэ маһын эрбэтэр буолбута. Оҕом сыыһа улахан баҕайы тоҥ чууркалары кытта бадьыктаһарын көрөн сүрэҕим ытырбахтыыра. Ытамньыйан ыларбын оҕолорбор көрдөрбөт буола сатыырым. Кыалларынан холкутук тутта сатыырым. Бырааттара убайдара күнү быһа маһы кытта тустарын түннүгүнэн көрөн тахсан көмөлөһөр буолбуттара. Толик убай киһи быһыытынан аны бырааттарын салайан-дьаһайан улахан да үлэни үмүрүтэр буолбуттара. Ленкам эмиэ атаах соҕус бэйэтэ, эмискэччи улаата охсон оҕо көрүүтүгэр сүрдээҕин көмөлөһөр буолбута. Эдьиий киһи быһыытынан балтыларын, бырааттарын билигин барыларын дьаһайар.
Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ улааппыт оҕолор сүрдээҕин бэйэ-бэйэлэрин көрсөр, көмөлөсүһэр буолар эбиттэр. Олус өйөһөллөр, туох наада буолла даҕаны сырсан кэлэллэр.
Миэхэ олус болҕомтолоохтор. Арай биирдэ Дьахтар күнүгэр уолаттарым «Маама, бу эйиэхэ!» диэн баран пакет туттардылар. Арыйан көрбүтүм — халаат уонна открытка. Оҕолорум барахсаттар бэйэлэрэ мунньуммут харчыларынан коммерсаннартан атыыласпыттар. Бастакы сюрпризтара ол бэлэхтэрэ этэ.
Самостоятельнай буола улааппыттара. Элбэх оҕолоохпун диэн олоруом дуо, тэрилтэлээх киһи быһыытынан субуотунньукка дьону кытта тэҥҥэ барсарым. Киэһэ кэллэхпинэ астарын астаан бары кэтэһэн чөкөллөн олорор буолаллара.
Төрөппүт мунньаҕын, аһаҕас уруоктары көтүппэт этим, сэттиэннэригэр сылдьарым. Иһит-таҥас сууйарым, дьиэ хомуйарым быыһыгар син биир хонтуруоллуур этим.
Сыл-хонук аастар ааһан оҕолор улаатан испиттэрэ. Оскуолаҕа ыытыллар тэрээһиннэргэ барытыгар көхтөөхтүк кытталлара. Үөрэхтэригэр бары үчүгэй буолан миигин, ийэ киһини, үөрдэллэрэ. Икки оҕом Сенялаах Саргы «президентскэй харыйаҕа» сылдьыбыттара.
Уолаттар ордук тустуунан умсугуйан дьарыктаммыттара. Толя, Сеня, Саша оскуолаларын чиэһин элбэхтэ көмүскээбиттэрэ. Кыра уол Слава эмиэ тустар этэ. Мин Хонууга ыытыллар оройуоннааҕы түһүлгэлэргэ тэҥҥэ «ыалдьа» киирсэрим. Ол иһин да буолуо билигин «Саха» КИНХ көрдөрөр күрэхтэрин дэлби ыһыытаан-хаһыытаан көрөбүн.
Уопсайынан, оҕону кыра сааһыттан үлэҕэ сыһыарар кэлин оҕоҕо бэйэтигэр да үчүгэй эбит. Үлэ үөрүйэхтэригэр уһуйуллар, сатабыллаах буолар, дьону кытта алтыһа үөрэнэр.
Уолаттар сайын аайы Победаҕа аймахтарыгар баран от үлэтин үөрүйэхтэригэр үөрэммиттэрэ. Устудьуоннуу сылдьан бырайыастарын булунар этилэр. Аймахтара аҕаларын суохтаппакка, батыһыннара сылдьан бултуурга уһуйбуттара, билигин саха эр киһитин сиэринэн бары төрдүөн бултууллар, балыктыыллар. Сир аһыгар эмиэ күргүөмүнэн сылдьарбыт, бары отонньуттар.
Кыргыттарым Сахаайалаах Саргы бэйэбин көрө сылдьан кыраттан саҕалаан астыырга үөрэммиттэрэ, билигин барыны бары астыыллар.
Оҕолор улааппыттарын кэннэ аны кинилэри үөрэттэрэр санаа киирбитэ. Биир кэмҥэ түөрт устудьуоннана сылдьыбытым. Ол да буоллар бары ыарахаттары эрдээхтик туораан тулуйбутум. Оҕолор бары үөрэхтэннилэр: Еленалаах Сахаайа пединституту, Анатолий сельхозакадемияны, Семён горнай институту, Вячеслав автодорожнай, Саргылана фельдшер үөрэхтээхтэр.
Билигин мин Депутатскайга улахан кыыспар Ленаҕа олоробун.
Хаһан эрэ «Оҕолорбун улаатыннарыахтаахпын» диэн санаабын толордум. Сэттэ оҕобун сэттиэннэрин атахтарыгар туруордум. Билигин оҕолорум мааныларыгар-далбардарыгар бэйэм оҕо курдукпун. Олоҕум устата ханна да айаннаабатахпын улахан уолум Толик сир-дойду бөҕөтүн көрдөрдө. Улахан кыыһым эмиэ омук сирдэринэн сынньатар.
Ийэ быһыытынан дьоллоохпун. Оҕолорум дьон тэҥинэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Бары ыаллар. Билигин мин эйгэм аны сиэннэрим. Сиэн диэн наһаа минньигэс дьон тулалыыллар.
Ийэ күнүнэн биир дойдулаахтарбын эҕэрдэлээн туран, ийэ буолар дьол диэхпин баҕарабын. Элбэх оҕолонортон саллымаҥ. Билигин элбэх оҕолоохторго судаарыстыба көмөтө, өйөбүлэ улахан. Дьахтар дьоло, бөҕө тирэҕэ — оҕолоругар.
Валентина Старостина