Хотугу Хоһуун ситимэ быстыбат

Хара тыа баайдаах,
уол оҕо дьоллоох.

Алтынньыга – Хотой Айыы ыйыгар – хоту дойдуга сир тоҥон, кыстык хаар түһэн, өрүс мууһунан бүрүллэн барар кэмэ. Олохтоох дьон мантан ыла муус аннынан балыктыыр, булчуттар хара тыа баайын сонордоон ыраах айаҥҥа туруналлар. Күүстээх тымныылар түһүөхтэригэр дылы, сэтинньи ыйыгар – Баай Барыылаах Байанай ыйыгар – өрүскэ балыктыы сытар эр киһи, кэлин дьахтар аймах кытта үгүс буолар.
“Тымныы – уол оҕо доҕоро”, “тимир уһаарыллан тимир буолар, уол оҕо эриллэн эр бэрдэ буолар” диэн саха өс хоһоонноро уол оҕо айылгытын аҕыйах бэргэн тылынан чопчу быһаарбыттар. Дьэ, бу тымныы кэмҥэ уолаттар тоҥтон толлубат, ыарахантан чаҕыйбат эр бэрдэ буолан улааталларын туһугар иитэр санаалаах Муома орто оскуолатыгар “Хотугу Хоһуун” күрэҕэ сылын аайы ыытыллар.


Быйылгы үөрэх дьылыгар бу тэрээһин онус төгүлүн буолла. Күрэх сыала-соруга: булт, балыктааһын сиэрин-туомун өйдөтүү, уол оҕо эт-хаан өттүнэн кыаҕын, булчут буолар үөрүйэҕин сайыннарыы, төрөөбүт дойдуга тапталы, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны иҥэрии. Манна кылаас уолаттарын хамаандата муус аннынан балыктааһыҥҥа, кутаа уот күрэҕэр, ойбон алларыытыгар, ырааҕы быраҕыыга, “Булчут мүччүргэннээх сырыыта” эстафетаҕа күргүөмүнэн көхтөөхтүк кытталлар. Мантан ураты Хотугу Хоһуун уоланы быһаарарга эбии күөн күрэс ыытыллар. Баҕалаах уол оҕо кутаа уоту отто охсор, “Булт үөрэҕэ” өй-билии күрэҕэр кыыл, көтөр суолун таайар, туут хайыһарынан сүүрэн сыал ытар. Күрэх түһүмэхтэрэ сылынан кыра уларыйыылаах буолаллар. Сүрүн көрүҥ – балыктааһын, манна бастакы, улахан, кыра, элбэх балык хаптарбыт уол анал аакка тиксэр. Тэрээһин түмүгүнэн үс кыайыылаах хамаанда, биир бастыҥ Хотугу Хоһуун наҕараадаланар.


Устуоруйаны сэгэтэн көрдөххө, күрэх 2015-2016 үөрэх сылыгар сэтинньи ыйга күһүҥҥү сынньалаҥ кэмигэр аан бастаан ыытыллыбыт. Бырайык ааптардарынан саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталлара С.Е.Винокурова, Т.И.Данилова, А.К.Николаева уонна билиҥҥи иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы А.М.Слепцова буолаллар. Сылынан наардаатахха, “Хотугу Хоһуун” үрдүк аатын ылбыттар: Николай Слепцов — 2015 с., Артем Слепцов -2016 с., Гавриил Слепцов – 2017 с., Мечислав Винокуров – 2018 с., Олимпий Колесов -2019 с., Оскар Кудрявцев – 2022 с., Тимур Уваровскай — 2023 с., Олег Лыткин – 2024 с. Бу бары тыаҕа сыстаҕас уолаттар, хара үлэни билэ улааппыт оҕолор. Аҕыс уолан бэрдэ кыайыы өрөгөйүн билэн үөрбүттэрэ, харыс үрдүү түспүттэрэ, бэйэлэригэр эрэллэрэ күүһүрбүтэ учууталлар өйдөрүгэр-санааларыгар умнуллубат өйдөбүл буолан хаалбыт.


2020, 2021 сылларга дойду үрдүнэн хамсык ыарыыта туран, элбэх киһилээх тэрээһиннэр бобуллан, “Хотугу Хоһуун” күрэҕэ ситимин быспакка куйаар ситиминэн ыытыллыбыта. Бу сылларга оскуола уолаттара дьоннорун кытта сылдьан балыктаабыт хаартыскаларын ыытан, балык көрүҥүнэн “Саамай улахан балык”, “Дэлэгэй балык”, “Саамай кыра балык”, “Ураты көстүүлээх дьикти кэрэ хаартыска” (балыкка сыһыаннаах) анал ааттарга тиксибиттэрэ. Биллэн турар, күрэх муҥутуур кыайыылааҕа диэн суоҕа.
Урукку сылларга оскуола 8-11 кылааһын уолаттара эрэ кытталлара. Быйылгы онус төгүлүн ыытыллар “Хотугу Хоһуун” күрэх уратыта диэн оскуола 5-11 кылаас уолаттара бары икки күн устата үөрэх кэннэ тута өрүскэ таҕыстылар.


Алтынньы 17, 19 күннэригэр уопсайа 100-чэкэ оҕо уонна 20-чэ улахан дьон буолан “Муома төрдө” сиригэр муһуннубут. “Хотугу Хоһуун” күрэх бары түһүмэҕин ааһан, бириистээх миэстэҕэ тигистилэр: 5-7 кылаас бөлөҕөр – 7 “а” (сал. С.Е.Винокурова), 6 “б” (сал. Р.Е.Слепцов), 7 “в” (сал.И.М.Турантаева) кылаастар уолаттара, 8-11 кылаас бөлөҕөр – 11 “а,б” холбоһуктаах хамаандата (сал. А.А. Громов), 9 “б” (сал. Н.В. Старкова), 10 кылаас (сал. А.И. Корякина) уоланнара. Уу иччитэ Күөх Боллох Тойон күндүлээн “Көмүс хатырыктаах”, “Байанайдаах балыксыт”, “Өттүк харалаах”, “Күөх Боллох бэлэҕэ” анал ааттары Федот Слепцов, Богдан Соркомов, Павел Корякин, Алексей Слепцов, Андрей Громов ыллылар. Быйылгы «Хотугу Хоһуун — 2024» муҥутуур кыайыылааҕынан Олег Лыткин, 11 «а» кылаас үөрэнээччитэ, буолан үөрүүтэ үрдээтэ. Оҕолор бу күн түмсүүлээхтэрин, тулуурдаахтарын көрдөрөн, бары да кыахтарынан өрө көтөҕүллүүлээхтик кытыннылар. Муомабыт чэбдик салгынынан тыынан, айылҕалыын алтыһан, билбэти билэн, бэйэни тургутан кыралыын-улаханныын астына күммүтүн атаардыбыт.
“Хотугу Хоһуун” күрэх аан бастаан тэриллиэҕиттэн ыла Муоматааҕы “Аан Айылгы” паарката (дириэктэрдэр М.Н.Иванов, билигин С.И. Неустроева) сылын аайы быыстала суох өйөөн, бириис туруоран ыччаты сайыннарыыга сүрүн олук уурар. Бу тэрилтэҕэ Муома орто оскуолатын кэлэктиибин махтала муҥура суох улахан. Быйылгы тэрээһиҥҥэ күүс-көмө буолбут бары төрөппүттэргэ, чуолаан, көхтөөх аҕаҕа Л.А.Никулиҥҥа, Муоматааҕы ГИМС инспекторскай учаастагын сүрүн инспекторыгар И.А.Сокорутовка оскуола салалтата барҕа махталын тиэрдэр.
Муома уолана сиртэн силистэнэн, дойдутугар тирэҕирэн бөҕө туруктаннын, ис кыаҕа үрдээтин, үтүө эр бэрдэ буоллун. Хотугу Хоһуун албан аата аатырдын!

Татьяна Данилова

Читайте дальше