Олунньу 14 күнүгэр оройуон ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуота Муома нэһилиэгэр
түмүктэннэ. “Осикат” этнокултуурунай киинин саалатыгар нэһилиэнньэ толору
муһунна. Улахан экраҥҥа ситэрэн биэрэр матырыйаалларынан баһылык Дмитрий
Аммосов сүрүн дакылааты оҥордо.
Дакылаат сүнньүнэн нэһилиэнньэни долгутар ыйытыктарга Дмитрий Викторович
толору эппиэттэри биэрдэ: “Промышленность салаатыгар оройуоҥҥа сиртэн хостонор
баайы туһанан үлэлииргэ 90 лицензия бэриллибитэ биллэр. Чуолаан “Поиск золота”
тэрилтэ социальнай хайысхаҕа эбэһээтэлистибэтин суотугар ааспыт сылга оройуоҥҥа 5
мөл. солк. көрбүтэ. “Полиметалл” тэрилтэтэ билигин чинчийэр-үөрэтэр кэрдиискэ
сылдьар. Тэрилтэ үөрэтиллибит сир баайын хостуурга кырата 50 сылга үлэлиир кыах баар
буоллаҕына ылсарга бэлэм, онтон атын остуойута суох дииллэр. Үлэни тэрийиигэ
ороскуота үлүгэр, аны суола-ииһэ тэйиччитэ сыттаҕа”.
Быйылгыттан оройуон киинигэр саҥа “Туундара үөрүүтэ” оҕо искусствотын
фольклорнай Киинэ тутуллара быһаарыллан, бырайыагын үлэтигэр быһа барыллаан 12
мөл.солк. көрүлүннэ. Манна оҕо искусствотын оскуолатын директора Анна
Митрофановна Федорова бэйэтинэн сүүрэн-көтөн кэскиллээх үлэни ситиспитин
бэлиэтиир тоҕоостоох. Оройуон киинигэр өр сылларга спортивнай саала тутуутун
нэһилиэнньэ кэтэһэр. Манна “Үтүө дьыала” Дирекциятын иһинэн үлэ барыахтаах. Сотору
кэминэн “ОДьКХ” МУП тэрилтэтэ уларыйыахтаах, боломуочуйата толору нэһилиэк
дьаһалтатыгар бэриллиэҕэ. Ону дьаһалта бэйэтэ сөптөөҕүнэн көрөн үлэтин
сүрүннүөхтээх. “Бэйдиэ ыттары тутарга анал вольер оҥоһуллара наадата суох, босхо
аһатан-сиэтэн тутарга үлүгэрдээх харчы ороскуоттанар, тоҕо маны сөптөөхтүк
дьаһайбаттарый?” диэн ыйытыыыга босхо сылдьар ыттары уодьуганныырга саҥа сокуон
ылыллан эрэрэ этилиннэ. Онно хаһаайын ытын сиэрдээхтик харайан туппат буоллаҕына,
10 тыһ.солк. саҕалаан 80 тыһ.солк. диэри ыстараап төлүөн сөбө ыйыллар. Өссө бэйдиэ
ыттары дьаһайарга анал бэтэринээр инспектора баар буолуоҕа. Кырдьыга, бу үлэни
сүрүннүүргэ нэһилиэк баһылыктара тус эппиэттэригэр.
“Эдэр специалистарга анал дьиэ тутуллуон сөп дуо?“ диэн ыйытыыга Төбүлэх
нэһилиэгэ бу хайысхаҕа күүскэ ылсан үлэни саҕалаабыта бэлиэтэннэ. Бэйэлэрэ бырайыак
оҥорон, көмүскээн, экспертизаҕа ыыппыттар. Бу уопуту атыттар холобурга ылыахтарын
сөп. Кэнники сылларга оҕо төрөөһүнэ аҕыйах, бу үөрэх тэрилтэтигэр охсууну оҥорор.
Сааһыырга нэһилиэнньэтин ахсаана элбиир эбит, оҕо төрөөһүнүн көрдөрүүтэ эмиэ үрдүк.
Сибээс хайысхатыгар «Аартыка синергията» диэн бырайыак чэрчитинэн уһук хоту
нэһилиэктэргэ түргэн интернети холбуурга үлэ бара турар. Ааспыт сылга Чуумпу
Кытылга күүстээх кыамталаах спутниковай сибээс киирбитэ. Быйыл кулун тутар ыйга
Буор Сыһыыга испэсэлиистэр кэлэн сибээһи холбуохтара, таҥыахтара. Кэлэр сылга Кулун
Өлбүккэ холбонорун туһугар тустаах тэрээһин саҕаланнаҕына, оройуон олохтоохторо
бука бары биир киһи курдук куоласкытын биэрэргитигэр ыҥырабыт. Оччотугар аҕыйах
нэһилиэнньэлээх бөһүөлэктэрбит бары кэриэтэ сибээскэ холбонуохтара. Оттон Сааһыырга
2025 сылга диэри ВОЛС ситимин тиэрдэр үлэ ыытыллара былааҥҥа турар. Онтон салгыы
Өймөкөөнүнэн Соболооххо, Хонууга диэри оптовай сибээс тардылларын курдук үлэни
туруорсабыт. Маны олоххо киллэрэргэ үлэ бары өттүн үөрэтэр сорук турар. “Кээликис”
суолун сөргүтэн, ол суолунан “Тихон” карьерын таас чоҕун туһанарга, ол суолунан
сибээс ааһарын курдук толкуйдар бааллар. “Бу киэҥ үлэни СӨ Бырабыыталыстыба
таһымыгар туруорсарга бэлэммит”, — диэн санаатын үллэстэр баһылык. – “Суол баар
буоллаҕына, олох сайдар. Буруустааҕынан ааһар суолунан Муомаҕа диэри сылы эргиччи
үлэлиир суолу нэһилиэктэр туруорсаллар. Биллэринэн, оттукпутуттан саҕалаан ас
бородууктатыгар тиийэ 4 ыйга быысаһан кыһыҥҥы суолунан таһаҕас тиэйиллэр. Онон
сылы эргиччи суолу туруорсуу — олох ирдэбилэ. Оройуоҥҥа үлэлиир, олорор
усулуобуйаны тэрийдэххэ, тустаах испэсэлиистэр тохтуохтара, олохсуйуохтара. Сибээс
мөлтөҕүттэн матыыптаан көһөллөр диэн баара. Ол эрээри үрдүк күүрүүлээх сибээс
киирбит бөһүөлэктэргэ эдэр ыччаттар хаалбаппыт дэһэллэр, ол аата сибээс тупсубута
дьону туппат диэн түмүккэ кэлэбит”.
Түмүккэ мустубут дьон Хонууга саҥа бетон матырыйаалынан аэропорка диэри суол
хайдах быһыылаахтык, светофордаах, суолу туоруур бэлиэлэрдээх оҥоһуллуохтааҕын
экраҥҥа сэҥээрэ көрдүлэр. ААУо “Доринжиринг” тэрилтэ 4800 тыһ. солк. сыаналаах
бырайыак үлэтин ыыта сылдьар, сайыҥҥы кэмҥэ суолу үөрэтэн, ырытан барбыттара.
Дакылаат сүнньүнэн улахан этинии, дьон баҕа санаата иһиллибэтэ. Бу нэһилиэнньэ
оройуон сыллааҕы үлэтин толору астыммытын бэлиэтэ диэн сыаналыыбыт.
«Муома оройуона» МО пресс-сулууспата