«Хэвэк оран» күрэххэ

Төрүт тыл, сурук-бичик декадатын чэрчитинэн олунньу 16 күнүгэр Муома улууһун аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарын ассоциацияларын (сал.Зульфия Саввина), оройуоннааҕы киин библиотека (сал.Елена Терешкина), Арчы дьиэтэ (сал.Ирина Слепцова), оройуоннааҕы культура управлениета (сал. Юрий Черов) тэрээһиннэринэн «Хэвэк оран» диэн быйыл 90 сааһын бэлиэтиир биир дойдулаахпыт эбээн бастакы учуонай-лингвиһэ Василий Дмитриевич Лебедев айымньыларынан дорҕоонноохтук ааҕыы күрэҕэ ыытылынна.

Күрэх түөрт бөлөҕүнэн буолла. Оскуолаҕа киириэх иннинээҕи саастаах 8 оҕо кытынна. Манна «Кэнчээри» уһуйаан иитиллээччитэ Люлиана Жиркова бастакы, иккис Улахан-Чыыстайтан «Осикат» уһуйаан оҕолоро (күргүөмүнэн ааҕыы), үһүс «Чуораанчык» уһуйаан иитиллээччитэ, саамай кырачаан кыттааччы Ясмина Саввина буоллулар.

Алын сүһүөх үөрэнээччилэрэ 14 буолан күрэстэстилэр. Манна Н.А.Брызгалов аатынан Индигир орто оскуолатыттан Вика Слепцова уобараска киирэн туран айымньыны олус итэҕэтиилээхтик ааҕан бастакы, иккис Н.С.Тарабукин аатынан Улахан Чыыстайдааҕы орто оскуола үөрэнээччитэ Айтал Тарабукин, үһүс Муома алын сүһүөх оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ Анжелина Анисимова буоллулар. 5-11 кылаас оҕолоругар сэттэ кыттааччы, манна Н.С.Тарабукин аатынан орто оскуола орто сүһүөх кылаастарын «Нимкан» бөлөх бастакы, иккис В.Д.Лебедев аатынан Орто-Дойду орто оскуолатын үөрэнээччитэ Ньургун Павлов, үһүс Муома орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Валя Никулина буоллулар.

Улахан дьоҥҥо 12 киһи кытынна. Индигир, Чыбааҕылаах нэһилиэктэриттэн кыттааччылар кэлэн күрэҕи киэргэттилэр. Ол курдук бастакы миэстэни Улахан-Чыыстай этно-культурнай киинин үлэһитэ Анфиса Прокопьева остуоруйа кэпсээн бастаата, иккис Орто Дойду культуратын Киинин үлэһитэ, эбээн культуратын пропагандиһа Кылаана Егоровна Слепцова икки хоһоону нойосуус ааҕан иккис, Индигир нэһилиэгиттэн сиэннэрин илдьэ кэлэн эбээн тыла-өһө сүппэтигэр үгүс сыратын биэрэр Дария Гаврильевна Черова үһүс бочуоттаах миэстэҕэ таҕыстылар. Маны таһынан Сандуева Лариса Васильевна, Афанасьева Сардаана Васильевна, Никулина Лидия Ивановна, Анисимова Татьяна Ивановна, Лыткина Мотрена Ивановна, оройуон баһылыгын солбуйааччы Кульбертинова Акулина Владимировна, «Чикти» этно-культурнай киин үлэһиттэрэ, «Һээку» ансаамбыл кыттыылаахтара эбээннии саҥаран-иҥэрэн күрэххэ кыттыыны ыллылар.

Күрэххэ уопсайа 40 киһи кытынна. Кыттааччылар сертификаттары, кыайыылаахтар грамоталары, оҕолорго үөрэҕирии Управлениетын минньигэс бириистэрин, оройуон дьаһалтатыттан оонньуулары, оройуоннааҕы киин библиотека кинигэлэри, культура управлениетын салайааччыта Юрий Черов улахан дьоҥҥо анал бэлэхтэрин туттулар.

Уһуйааччылар Мария Прокопьевна Федотова — Нулгынэт, Кылаана Егоровна Слепцова, Евдокия Егоровна Слепцова, Елена Алексеевна Слепцова, Ирина Петровна Софронова.

Кыттааччылар, көрөөччүлэр бука бары эбээннии таҥнан кэлбиттэрэ туспа кэрэ көстүү буолла. Күрэс норуоту түмэр һээдьэнэн түмүктэннэ.

Кэрэхсэбиллээҕэ диэн ыраах Чыыстай ыстаадатыттан «Эрикит» родовой община биригэдьиирэ Василий Викторович Соловьев бу тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыта. Кини ыстаадатыгар олорон спутниковай интернетынан видеотын ыытан бастакытын маннык күрэххэ кытынна. Ыстааданан сүүрэ сылдьар табалар тыыннаах фон буоллулар. Василий «Белый олень» диэн хоһоону нууччалыы ааҕан (куонкурус балаһыанньатынан эбээн тылынан ааҕыы) конкурска хапсыбата, ол эрээри өйтөн уһун хоһоону ааҕан көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылла.

Ассоциация былааныгар таба общиналарын кытта табаһыттары долгутар араас боппуруостарга видеоконференциялары ыытыы турар.

 

Анна Саввина