Хас сарсыарда аайы үөрэммит оскуолам аанын үөрэ-көтө арыйан үлэлии кэлэрбиттэн дьоллоохпун

Бүгүн, балаҕан ыйын маҥнайгы күнэ — Билии күнэ. Учуутал идэлээх киһиэхэ ураты суолталаах күн.

СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара Светлана Сен-Дун-Шен Муома оройуонун Н.А.Брызгалов аатынан Индигир орто оскуолатыгар дириэктэринэн үлэлээбитэ быйыл тохсус сыла. Ол иннинэ учууталлаабыта, иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччынан үлэлээбитэ.

Светлана Афанасьевна бэйэтэ үөрэммит оскуолатыгар таһаарыылаахтык үлэлии сылдьарын чахчы даҕаны киһи эрэ хайҕыы көрөр. Төрөөбүт нэһилиэгин кэскилэ сайдарын туһугар туруулаахтык, ардыгар оскуолатын туһугар кимиилээхтик киирсэн, оҕо дьон үөрэх-билии аартыгын арыйан олоххо эрэллээхтик үктэнэллэрин туһугар дириэктэр киһи күн аайы өрө мөхсөн үлэлиирин ирдиир. Улахан кэлэктииби салайар эмиэ туһунан сатабылы эрэйэр. Ол эрэн ону барытын үлэ түмүгэ, оскуола уопсай көрдөрүүтэ, үөрэнээччилэр ситиһиилэрэ өрө кынаттыыр, инникитин өссө үрдүккэ сирдиир.

Бу бэлиэ күнү Светлана Афанасьевна хайдах көрсөр эбитий, бу туһунан кини бүгүн биһигини кытта санаатын үллэстэр:

— Бүгүн эмиэ биир долгутуулаах күн. Отут иккис үөрэх сылын көрсөбүн. Төһө да күн-дьыл аастар, син биир олус долгуйабын.

Ханнык баҕарар киhиэхэ үөрэммит оскуолата, маҥнайгы учуутала кини инники олоҕор, үөрэҕэр ураты суолталаах дииллэрин курдук мин олохпор «үөрэх», «оскуола», «учуутал» диэн тыллар куруутун инники миэстэҕэ тураллар.

Киһи биирдэ бэриллэр олоҕор талан ылбыт таптыыр идэтэ үйэтин тухары сырдыкка сирдиир, тыын угар, олоҕун уһатар Үрдук анала буолар.

Учуутал – үйэлэр тухары аан дойду үтүмэн үгүс норуоттарыгар өрө тутар, этэргэ дылы норуокка инникигэ сирдиир «бастакы киһи» быһыытынан сыаналанар идэ.

Ыччаты иитэр  уонна үөрэтэр үлэҕэ оскуола  дириэктэрэ тутаах күүс буолар. Бастатан туран, бу сүрдээх улахан эппиэтинэс. Дириэктэр киһи бэлэмиттэн, уопутуттан, идэтин төһө сатабыллаахтык баһылаабытыттан биһиги ыччаппыт —  кэлэр кэнчээри кэскилбит дьылҕата быһаччы тутулуктах. Онон дириэктэр күүһэ кини билиитигэр  буолар. Оскуола дириэктэрэ — олоҕу түстээччи,  олох суолун арыйааччы диэтэххэ баһан этии буолбатах.

Нэһилиэгим кэлэр кэскилин кэнэҕэскитигэр ис дууһабын, билиибин ууран үлэлии сылдьарым миэхэ олус долгутуулаах. Ол эрэн ону ыар сүгэһэр оҥостубакка, миэхэ дьон эрэнэн-итэҕэйэн туттарбыттарын өйдөөн туран хас сарсыарда аайы оскуолам аанын үөрэ-көтө арыйан үлэлии кэлэрбиттэн дьоллоохпун.

Түгэнинэн туһанан бары үөрэнээччилэри, учууталлары, оскуола бары үлэһиттэрин, төрөппүттэри балаҕан ыйын 1күнүнэн — Билии күнүнэн уонна саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытынан  Индигир орто оскуолатын аатыттан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!

Бүгүн Сахабыт сирин бары оскуолалаларыгар маҥнайгы чуораан саҥа үөрэх дьыла саҕаламмытын биллэрэн чугдаарар үөрүүлээх күн. Чэгиэн буолуҥ! Ил-эйэ тосхойдун!

@indigir_uottara

Читайте дальше