ХААМЫЫ – ЧЭГИЭН СЫЛДЬЫЫ ТУТУЛА

Үрүҥ тунах үгэнниир, үрүҥ илгэ үрүлүйэ устар, күн сайыҥҥы туруута… Айылҕабыт муҥутуур чэлгийэн-сириэдийэн турар кэмигэр бука бары сүргэбитин толорунар, күүһүрэр-уоҕурар, күүстэнэр-күдэхтэнэр кэммит эбит. М. К. Аммосов аатынан ХИФУ профессора, үөрэхтээһин билимин хандьыдаата Г. С. Попова-Санаайа «Ис хоһоон» диэн кинигэтигэр «…Бу кэмҥэ ылбыт күүһүнэн-уоҕунан туох тыынар тыыннаах барыта сыл тахсан эрдэҕэ» диэн сөпкө да суруйбут.

 

Түгэнинэн туһанан, Дьокуускай куорат пааркатыгар баар «Стимул» сканди түмсүүгэ тиийэн  куораппыт Общественнай палататын бэрэссэдээтэлэ, үөрэхтээһин билимин хандьыдаата, дьон-сэргэ чөл олох пропагандиһын быһыытынан бары билэр киһибит, түмсүү салайааччыта  Матвей Иванович Лыткины көрсөн сэһэргэстим.

‒ Биһиги бу хаамыыны тэниппиппит ыраатта. 2013 сылтан саҕалаан балачча элбэх киһи хаамар буолла хотуннан-соҕурууннан. Ол эрэн хаамыы туһатыгар, техникатыгар элбэх ыйытыы киирэ турар. Дьон ыйытар: хаамыы туохха туһалыырый? Бэлиэтээн этиэм этэ, биһиги дьоммут бу көрүҥү сүрдээҕин ылыннылар. Медицина ааттаах-суоллаах учуонайдара, өйдөөхтөрө  этэллэринэн маннык хаамыы ‒ саамай киһи доруобуйатыгар туһалаах, хоромньута суох биир бастыҥ эрчиллии буолар. Скандинавскай дойдуттан киирбит хаалыктаах хаамыыны билигин биһиги Сахабыт сирин дьоно сүрдээҕин ылынна. Ол курдук ханнык да улууска тиийдэххэ хаамыынан дьарыктанар киһи элбэх.

 

Уопсайынан, хамсаныы туһата дакаастаммыта ыраатта.  Ол гынан баран ханнык көрүҥүнэн дьарыктанабын диир буоллахха, мин тус бэйэм саныырбынан,  хаалыктаах хаамыы биир саамай туһалаах. Киһи сис тоноҕоһун чөлүгэр түһэрэр. Аҥардас хаалыгы ылан сиртэн тайаннахха сиспит көнө түһэр. Сис көнө быһыытыйда да сүһүөхпүтүгэр, ааҕан көрбүттэринэн, 26 бырыһыан ноҕурууска суох буолар эбит. Сүһүөх, тобук, иэччэх ыалдьар буоллаҕына маннык көрүҥ чэгиэн-чэбдик сылдьарга саамай туһалаах. Биһиги манна пааркаҕа Сканди түмсүү дьонун кытта мустан күн аайы 40 мүнүүтэ хааман туохха да тэҥнэммэт чэбдигирдиини ылабыт. Эмтээҕэр ордук туһаны ылан олохпутун уһатабыт.

Хаалыкпыт төһө үрдүк буолуохтааҕын үгүстүк ыйыталлар. Араас формула баар. Саамай сүнньэ – киһи илиитэ кэннигэр барыахтаах. Хаалык уһун буоллаҕына илиини токурутан, иннигэр умса туттан хаамаҕын. Ол сыыһа, сис тоноҕоско туһалаабат.  Киһи илиитэ кэннигэр барда да сис көнөр. Онон хаалык уһуна киһи киининэн буолуохтаах. Киһи илиитэ кэннигэр баран,  сиспит көнөн, төбөбүтүн умса туппакка хаамтахпытына сис тоноҕоспут сөпкө хамсаан барар. Санаан көрүҥ,  5 килэмиэтири хаалыктаах хаамтахпына төһөлөөх сиспэр эрчиллии буоларын, хаан киирэрин-эргийэрин. Билигин дьон наар олорор, офиска үлэлиир, саҥа кэм хаамыытынан компьютерга убанна. Итинник түгэҥҥэ киһи көхсө көһүйэр-сылайар. Сколиоз, остеохондроз, сүһүөх араас ыарыыта үксэ онтон төрүөттээх.

Төһөнү хаамабыт диир буоллахха, араас наука источниктарыттан көрдөххө, бастаан саҕалыырга 40 мүнүүтэ хаамар сөп. Онтон сөбүлээн-амтаһыйан, миэхэ үчүгэй эбит диэтэххинэ сыыйа биир-икки чаас да хаамыҥ. Биһиги, холобур, өрөбүллэргэ икки чаас хаамабыт. Чэбдигирдэр суолтата туохха да тэҥнэммэт. Дьиҥинэн, күҥҥэ 2 чаас хаамыы кимиэхэ баҕар кыаллар суол. Ол кэнниттэн ис сыа умайыыта, мустубут холестерин, шлак сайҕаныыта, киһи организма ырааһырыыта ис турукпутугар, олохпут уһууругар сүҥкэн буо суолтата.  Икки чаас хааман походтаан кэллэхпитинэ  восстановление, сверхвосстановление диэн баар. Восстановительнай процесс. Киһи доруобуйатыгар эбэрэ, уруккубунааҕар өссө үчүгэйбин дии сананара саамай үчүгэй.  Тиһигин быспакка нэдиэлэҕэ кырата үстэ хаамыахха наада.  Кыаллар буоллаҕына күн аайы даҕаны. Манна түмсүүбүтүгэр сылдьар дьон «Хаампатах күммүтүгэр хайдах эрэ буолабыт» дэһэллэр. Кырдьык даа оннук, ол аата обмен веществ бытаарар. Хааман-сиимэн, хамсанан искэ сылдьар сыаны энергия быһыытынан туһанабыт.  Аһылыкпыт, кистэл буолбатах, олох мөлтөх, наар сахар, углевод. Учуонайдар аахпыттарынан, хас биирдии киһиэхэ сүүстэн тахса тыһыынча килокалорий саппаас сыалаахпыт.  Сарсыардааҥҥы дьарыгы зарядка дииллэр дии.  «Зарядиться» диэн. Ол аата искэ баар сыаны энергия оҥорон туһаныы. Аэробнай  диэн дьайыы буолар. Дьэ бу хаамыыбыт суолтата итиннэ сылдьар. Сис тоноҕоско хаан киллэрэр саамай наадалаах. Хаан баттааһыннаах дьоҥҥо хаамыы эмиэ туһалаах. Биһиги бэрэбиэркэлээн, кэтээн көрбүппүт, оннук диагнозтаах киһи биир чаас  хааман кэллэҕинэ хаанын баттааһына лаппа түһэр. Тымыр кэҥиир, сымныыр, спазм сүтэр. Хаалыктаах хаамыы ‒ профилактическай медицина инникитэ. Хаамыы-хамсаныы көмөтүнэн биир бэйэм улахан туһаны ыла сылдьабын. Балыыһаҕа тиийбэккэ доруобуйабытын харыстаныахха, көрүнүөххэ.

Тиһигин быспакка дьарыктаныҥ. Нууччалыы эттэххэ 3 «п» быраабылата: постепенно, последовательно, постоянно тутуһуллуохтаах. Муомаларга, хоту сирдэргэ бассейн, спортзал, тренажернай зал олох дэлэйэ суох. Онтон тохтоон турбакка хаамыҥ, хамсаныҥ! Куоракка олорор дьон кыһыннары хаамабыт. Минус 50 буоллаҕына хаамарга өссө үчүгэй. Тоҕо диэтэххэ,  киһи тоҥумаары түргэнник хаамар, онтубут өссө туһалыыр. Кислород аҕыйыыр, Среднегорьеҕа сылдьар курдук эффект, тыыҥҥа-быарга, тыҥаҕа-сүрэххэ үчүгэй дьайыыта баһаам.
Барыгытыгар доруобуйаны! Чэгиэн буолуҥ!

Лена Гоголева.

Читайте дальше