Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев 1996 с. олохтуоҕуттан олунньу 13 күнүгэр — биһиги уһулуччулаах сырдатааччы, тыл үөрэхтээҕэ-учуонай, сахалыы суругу-бичиги тарҕаппыт, бастакы үөрэх кинигэлэрин суруйбут Семен Андреевич Новгородов төрөөбүт күнүгэр төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн ыытабыт. Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ тэнийэн өссө декадаҕа кубулуйда. Саха тылын харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга бэчээт, маассабай информация сириэстибэлэрэ салаа быһыытынан улахан оруоллаахтар. Саха сирин нэһилиэнньэтин киэҥник хабарынан, нэһилиэнньэҕэ сабыдыала улаханынан, саҥа технологияны инникилээн баһылаан иһэринэн «Сахабэчээт” Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэтэ өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ медиахампаанньата буолар. Саха тылын, суругун-бичигин көрсө «Сахабэчээт” Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэтин генеральнай дириэктэрэ Ньургуйаана Стручкованы кытта көрсөн “Сахабэчээт” СӨ САТ тыллары сайыннарыыга үлэтин туһунан кэпсэттибит.
— Ньургуйаана Михайловна, өрөспүүбүлүкэ салалтата төрөөбүт тылга ыытар үлэтин туһунан туох санаалааххын?
— Норуот тыла – кини Орто дойдуга айыллыбыт кода, култууратын ураты кода. Өбүгэлэрбититтэн ситимнээх төрдүбүт-төбөбүт, силиспит-мутукпут, куппут-сүрбүт, өркөн өйбүт-санаабыт – иитиллибит ийэ тылбытыгар баар. Российскай Федерация Конституцията үгүс национальностаах дойду бары норуоттара төрөөбүт тылларын харыстыыр, үөрэтэр-чинчийэр, сайыннарар бырааптарын мэктиэлиир. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбит салалтата элбэх тыллаах үөрэх уонна информация эйгэтин үөскэтэн сайыннарыыга уонна төрөөбүт тылларбыт харысхаллаах, көмүскэллээх кэскиллээх буолууларыгар, инники сайдалларыгар ураты болҕомтону уурар, ситимнээх үлэни ыытар. Бу кэккэ кэлиҥҥи сылларга саха учуонайдарын 46 сыллаах бөдөҥ үлэлэрэ – 15 томнаах, 80 тыһ. тылы түмэр сахалыы Улахан быһаарыылаах тылдьыт бэчээттэнэн таҕыста. Гуманитарнай чинчийии институтун уонна Национальнай библиотека холбоһуктаах үлэлэрин түмүгэр бу томнар бары компьютергэ тиһиллэн, электроннай көрүҥҥэ киирэн бар дьон туһанар кыахтанна. Бу сүдү ситиһии. Бу үлэ төрдө-төбөтө инньэтэх Тааттаҕа олорбут политсыылынай, академик Э.К. Пекарскай үлэтиттэн төрүттэнэр. Оттон киниэхэ тыл баайын хомуйарыгар норуот, саха бастыҥ дьоно көмөлөспүттэрэ…
Өрөспүүбүлүкэ норуоттарын тылларын харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга туһаайыллыбыт сыаллаах судаарыстыбаннай программа олоххо киирэ турар. Төрөөбүт тылынан наука, методика, үөрэх, маассабай ааҕыы кинигэлэрэ тахсаллар. Билиҥҥи куйаар ситимин эйгэтэ кэҥээбит кэмигэр төрөөбүт тылы сыыппаранан сайдыыга киллэрии – олох ирдэбилэ буолла. Манна үгүс хайысхалаах үлэ бара турар.
Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын сайыннарыыга, тарҕатыыга, национальнай бэчээт уонна маассабай информация үлэһиттэрин үлэлэрин өйүүр, престиһин үрдэтэр туһуттан 2020 сыллаахтан от ыйын 1 күнүгэр Национальнай бэчээт күнэ олохтонон бэлиэтэнэр үгэһэ олохтонно.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев өрөспүүбүлүкэбит Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев тыллары харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга саҕалаабыт дьыалатын дьоһуннук тутан салгыыр, аныгы кэм ирдэбилинэн бэчээт бородууксуйаларыттан саҕалаан сыыппараҕа сайдыыны өйүүр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Николаевич Жирков төрөөбүт тыл сайдыытыгар үгүс өрүттээх үлэни ыытта – бэчээт дьыалата буоллун, Олоҥхоҕо буоллун, саха култууратыгар, үөрэххэ. Бэчээккэ саха бастакы хаһыатын, сурунаалын таһаарбыт өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи бөдөҥ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан суруналыыстыкаҕа бириэмийэ, Национальнай бэчээт күнэ олохтонуутугар, саха тылын учууталларын сийиэһин ыытыыга сүдү оруоллаах. 90-с сылларга СӨ Бэрэсидьиэнин иһинэн Тыл Сүбэтэ тэриллиэҕиттэн билигин Тыл бэлиитикэтин управлениетын салайар Римма Романовна Жиркова улахан уопуттаах салайааччы быһыытынан өрөспүүбүлүкэ тылларын сайыннарыытын түстэһэн кэллэ. Кини “Сахабэчээт” бырайыактара олоххо киириитигэр улахан көмөнү оҥордо. Онон түгэнинэн туһанан биһиги салайааччыларбытыгар дириҥник махтанабыт.
— «Сахабэчээт» СӨ САТ – өрөспүүбүлүкэбит биир саамай бөдөҥ, инникилээн иһэр судаарыстыбаннай медиахолдиннарыттан биирдэстэрин быһыытынан уларытыллан тэриллибитэ биэс сыл буолла. Бу кылгас кэмҥэ үгүс үлэ барда. Төрөөбүт тылынан үгүс хаһыаттары, сурунааллары бэчээттээн таһаараҕыт, куйаар ситимигэр таһаарар контеҥҥыт эмиэ элбэх. Үлэҕит, ситиһиилэргит туһунан кэпсээҥ эрэ.
— «Сахабэчээт» СӨ САТ 2019 сыллаахха СӨ Ил Дархана А.С. Николаев дьаһалынан уларытыллан тэриллибитэ. “Сахабэчээт” иһинэн улуустар 39 хаһыаттара, биэс өрөспүүбүлүкэтээҕи “Чолбон”, “Полярная звезда”, “Далбар Хотун” сурунааллар, “Илкэн”, “Арчы-Забота” хаһыаттар, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Улус.Медиа” интернет-платформа киирэллэр, 35 телеграм-ханаал уонна социальнай ситимнэргэ 102 аккауннаахпыт. Урукку өттүгэр улуустардааҕы хаһыаттар редакциялара биһиги састааппытыгар киирбиттэрэ, онон күн бүгүн барыта 39 улуус хаһыата саха уонна нуучча тылынан тахсар. Редакциялар урукку өттүгэр хаһыаты бэлэмнээн таһаарар эбит буоллахтарына, билигин саҥа кэм ирдэбилинэн сонуннары киэҥник тарҕатар сайтарга, социальнай ситимнэргэ тэҥинэн үлэлииллэр. Өйү-санааны уларытан, үлэни саҥалыы тэрийиигэ саҥа үөрүйэхтэргэ, аныгы тиэхиньикэни, ньымалары баһылыырга үөрэтиигэ, тиэхиньикинэн хааччыйыыга үлэ күөстүү оргуйда. Улуус хаһыатын редактордарыгар, үлэһиттэригэр сылын аайы үөрэтэр сэминээрдэри, маастар кылаастары тэрийэн ыытабыт. Ол түмүгэр куйаар ситимигэр үлэ олохтонон күүһүрэн иһэр. «Улус.Медиа» интернет-платформаны тэрийбиппит өрөспүүбүлүкэ олоҕун бары араҥатын хабан сырдатар буолан дьон-сэргэ сэргээн ааҕар инникилээн иһэр платформа буолла.
Саха литературатын төрүттэспит классик, дэгиттэр талааннаах суруйааччы, саха култууратын сайдыытын төрдүгэр турбут бөдөҥ диэйэтэл А.И. Софронов бастакы редактор быһыытынан тэрийбит «Чолбон» литературнай уус-уран, уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй сурунаала – саха норуотун олоҕун сайдан кэлбит үйэттэн ордук кэмнээх историятын кэрэһилиир духуобунай нэһилиэстибэтэ, норуот баайа буолар. Кырдьаҕас, баай үгэстэрдээх сурунаал. Билигин сурунаалы эдэр бэйиэт Гаврил Гаврильевич Андросов, айар аата Хабырыыс Ондороос салайар. Бу күһүн кини суруйааччылар үрдүк итэҕэллэрин ылан Саха сирин Суруйааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Сурунаал классиктар, саха суруйааччыларын, эдэр ааптардар бастыҥ айымньыларын, атын омук суруйааччыларын айымньыларын сахалыы тылбааһын бэчээттиир. А.И. Софронов-Алампа биир дойдулаахтарын – Таатта Дьохсоҕонун дьаһалтатын кытта сылын аайы сыл түмүгүнэн төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн көрсө бастыҥ үс ааптарга бириэмийэ туттарар үтүө үгэһин олохтоотулар. Уус-уран литератураны ааҕыыга тардар сыалтан аныгылыы квиз оонньуутун тэрийэн ыыталлар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, биллиилээх тылбаасчыт Владислав Семенович Доллонов редактордаах нууччалыы тахсар «Полярная звезда» литературнай уус-уран, уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй сурунаал Россия уонна Сахабыт сирин нууччалыы тыллаах суруйааччыларын айымньыларын, саха литературатын классиктарын, норуот суруйааччыларын, аныгы бастыҥ ааптардарын айымньыларын тылбааһын, кыраайы үөрэтиигэ-чинчийиигэ, историяҕа, этнографияҕа, литературоведениеҕа, искусствоведениеҕа аналлаах суруйуулары таһаарар, дизайна тубуста.
Саха норуотун бэйиэтэ Наталья Ивановна Харлампьева тэрийбит дьахталларга, дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы уонна соҕотох “Далбар Хотун” сурунаал быйыл 30 сылын туолар. Сурунаалга редакторынан биллиилээх суруналыыс, суруйааччы Айталина Константиновна Никифорова кэлэн үлэлии сылдьар. Сурунаал тахсар киэбэ кэҥээтэ, тубуста. Сурунаал үгэһин салҕаан, быйылгы үбүлүөйүгэр «Саха» НКИХ-ҕы (ген. дир. О.О. Марков) кытта «Далбар Хотун» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи интерактивнай куонкуруһу ыытабыт. Манна элбэх оҕолоох, иллээх дьиэ кэргэн ийэтэ, бэйэтэ дьарыктаах, дьыалалаах, кэтэх хаһаайыстыбалаах 45-65 диэри саастаах саха Далбар хотуттара кыттыахтара. Бастаабыт тыраахтары, бары кыттааччылар сыаналаах бирииһи тутуохтара. Норуот биһирэбилин үрдүк аата электроннай куоластааһын түмүгүнэн бэриллиэҕэ. Онон дьоммут-сэргэбит саха телевидениетыгар кэрэхсээн көрүөхтэрэ, кыттааччыларга ыалдьыахтара, куоластааһыҥҥа көхтөөхтүк кыттыахтара диэн эрэнэбин.
“Арчы”- “Забота” сахалыы, нууччалыы тылынан тахсар хаһыат былаас, уопсастыба уонна бизнес партнердаһыыларын, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй, култуурунай, спортивнай сайдыытын, олох уйгутун үрдэтиигэ саҥа сыһыан уопутун, чөл олох, көхтөөх уһун үйэлэнии хайысхаларын сырдатар. Спорт сайдыытыгар «Дьулурҕан”, аҕа көлүөнэҕэ «Бэтэрээн» диэн сыһыарыылардаах.
Өрөспүүбүлүкэбит тэриллибитэ 100 сылыгар анаан «Саха саргыта» сахалыы тыллаах альманаҕы таһаарбыппыт. Бастакы нүөмэргэ өрөспүүбүлүкэ олохтонуон иннинэ судаарыстыбаннас олугун уурбут саха саарыннарын туһунан СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев, СӨ Ил Дархана А.С. Николаев, СӨ Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы А.Н. Жирков, норуот суруйааччыта П.Н. Харитонов-Ойуку уо.д.а. учуонайдар, кыраайы үөрэтээччилэр, уопсастыбаннай диэйэтэллэр ыстатыйалара тахсыбыттара. Альманаҕы ааҕыан баҕалаахтар Бэчээт дьиэтин 125-с хоһуттан атыылаһыахтарын сөп.
Иккис нүөмэрбит өрөспүүбүлүкэбит Бастакы Бэрэсидьиэнэ, саҥа үйэҕэ сайдар олукпутун уурбут, ытык киһибит Михаил Ефимович Николаев сырдык аатыгар ананна. Сотору бэчээттэнэн кэлиэҕэ. «Саха саргыта» альманахха биллиилээх суруналыыс, суруйааччы, уопсастыбаннай диэйэтэл Иван Петрович Ушницкай – Уйбаан Удун сүрүннүүр редактор. Альманах оскуола, орто уонна үрдүк үөрэх учууталларыгар, култуура салаатын үлэһиттэригэр, ыччакка сырдатар үлэҕэ тиэмэнэн түмүллүбүт матырыйааллартан билиини ыларга, туттан тарҕатарга олус туһалаах.
«Илкэн” хаһыат хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарга анаан нууччалыы уонна сахалыы, маны сэргэ биэс официальнай тылынан – эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, чукча, долган тылынан тахсар, хотугу улуустарга тарҕанар, төрүт олохтоох хотугу норуоттар олохторун-дьаһахтарын, социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньаларын, ситиһиилэрин, кыһалҕаларын, култуураларын, литератураларын, үгэстэрин сырдатар хаһыат. “Илкэн” хаһыат өрөспүүбүлүкэ тыллары сайыннарар судаарыстыбаннай сыаллаах программатыгар киирэн Сахабыт сирин хотугу төрүт олохтоох омуктарын тылларын аан дойду таһымыгар таһаарар «Илкэн» мультимедийнай порталы олоххо киллэрэн үлэлэтэр. Бу портал алта тыллаах: эбээн, эбэҥки, чукча, долган уонна дьүкээгирдии икки тылынан – туундара уонна тайҕа дьүкээгирдэрэ тус-туһунан тыллаахтар. Хас биирдии тыл туспа блок быһыытынан тахсар. Сыыппара клавиатура оҥоһуллан, хас биирдии омук тылынан бэйэтин буукубаларынан матырыйааллара тахса турар. Бу омук бэрэстэбиитэллэрэ киирэн бэйэлэрин тылларынан ааҕан, санааларын бэйэлэрин алпаабыттарын буукубаларынан кэмэнтээрийдиир усулуобуйата оҥоһуллубута. Хас биирдии блок матырыйаалларынан, сонуннарынан эбиллэ, саҥардылла турар. Ордук чукча тыллаах блок тэтимнээхтик үлэлиир. Чукоткаттан киирэн ааҕан, санааларын үллэстэллэр. Ааспыт сылга бу порталы үлэлэтиигэ икки төгүллээн, ол иһигэр Өлөөҥҥө этноблогинг ыыттыбыт. Ол түмүгэр бастыҥ үлэлээх икки устудьуону “Илкэҥҥэ” үлэҕэ ыллыбыт. Порталбытын быйыл хотугу аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар сийиэстэригэр презентацияламмыта. «Илкэн» — бүтүн аан дойду Арктикатыгар суох ураты хаһыат уонна портал. Ити курдук, аныгы технологиялары хото туһанан, биһиги тылларбытын интернет киэҥ куйаарыгар тарҕатар кыахтанныбыт.
— “Сахабэчээт” киинэ оҥорон таһаарыытыгар эмиэ ылсыбыт эбит дии.
— Буойун-суруйааччы Тимофей Сметанин “Мэхээлэчээн булчут” диэн айымньытынан уус-уран киинэни уһула сылдьабыт. Үлэни кэллиэгэбит Зинаида Григорьева сүрүннээтэ. Монтажтанан, ситэриллэ сылдьар. Тиһэҕэр тиэрдэр үлэтэ өссө элбэх. Суруйааччы дойдутугар Кэбээйигэ айар бөлөх билсэ барда. Көрөөччүтүн дьүүлүгэр аны күһүн тахсарын былаанныыбыт.
Киинэ оҥоруута олус түбүктээх үлэ. Биһиги киинэ оҥорууга сайаапкалары эмиэ ылабыт. Нэһилиэктэр сакаастыахтарын сөп. Маны сэргэ улуустарга суруналыыс десанын эмиэ тэрийэбит. Ол курдук, былырыын Ленскэй оройуонун ыҥырыытынан суруналыыс турун тэрийбиппит. Ол түмүгүнэн Ленскэй оройуонун олоҕо-дьаһаҕа араас хаһыаттарынан, сурунаалларынан, интернет ситимҥэ таһаарыыларбытынан киэҥник сырдатыллыбыта. Улуустар нэһилиэктэрин, биирдиилээн тэрилтэлэрин, талааннаах дьоннорун кэлимник сырдатыыга биһиэхэ тахсыахтарын сөп. Биһиги таһаарар көрүҥмүт элбэх, хабар иэммит киэҥ.
— Төрөөбүт тылбыт олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр. Ону сэргэ тиэрминнэринэн эбиллэр, уларыйар-тэлэрийэр, саҥардыллар тыыннаах организм. Билигин биир тылы араастаан суруйар буоллубут. Ону ааҕааччы араастаан ылынар, сорох биһириир, сорох кыайан аахпат буоллубут, ыччаты ааҕыыттан, суруйууттан тэйиттигит дииллэр. Ити хайысхаҕа туох үлэ барарый?
— «2020-2024 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын харыстааһын, үөрэтии уонна сайыннарыы» Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай бырагырааматын чэрчитинэн Сахабэчээт үлэһиттэригэр аналлаах тирэх тылдьыты РНА СС ГЧуоХААНПЧИ учуонайдарын кытта бииргэ үлэлээн «Тирэх тылдьыты» таһаардыбыт. Кэллиэгэбит, “Чолбон” сурунаал үлэһитэ Анна Прудецкая үлэни сүрүннээн, улуус хаһыаттарын үлэһиттэрэ, ааҕааччылар, «Чолбон», «Полярная звезда» редакциялара, «Эҥсиэли» Нам улууһун хаһыатын өр сылларга салайан кэлбит Владислав Касьянов, хаһыакка араас тылдьыттары туһанан, ырытан, сахалыы хаһыаттарга үгүстүк көстөр нууччалыы тыллар тылбаастарын, солбук тылларын чуолкайдаатылар. “Тирэх тылдьыты” улуус бары редакцияларыгар тарҕатан, үлэбитигэр тиэрминнэри биир тэҥник туттарбытыгар тирэх оҥостобут.
— Билигин кумааҕы хаһыаты ааҕааччы ахсаана аҕыйаан иһэр диибит. Сурутуу үлэтэ эмиэ уустук…
— Билиҥҥи кэмҥэ эдэр, орто да көлүөнэ куйаар ситимиттэн информацияны ылар. Оттон ордук аҕа саастаах көлүөнэ уруккутун курдук кумааҕы хаһыатын кэтэһэн ааҕар. Ол эрээри почта сулууспатын үлэтэ уларыйан, урукку кэмнэргэ курдук почтальон ыал аайы сылдьан ханнык хаһыаты, сурунаалы суруттараҕын диэн сурутууну ыыппат. Урукку кэмҥэ курдук нэһилиэктэргэ массыынанан, сөмөлүөтүнэн тиэрдии суох. Электроннай көрүҥүнэн, куар-кодунан суруттарыы баар, ол эрээри сорох нэһилиэктэргэ интернет ситим мөлтөх буолан, сурутуон да баҕалаах киһи кэмигэр кыайан суруппакка хаалар түгэнэ баар. Сорох нэһилиэктэргэ почта да суох буолбут. Онон сорох нэһилиэктэргэ дьоннорун-сэргэлэрин туһугар кыһаллар нэһилиэк баһылыктара тус бэйэлэринэн редакцияттан ылан тийэн таһааран тиэрдэллэр.
Нэһилиэнньэни биир өйгө-санааҕа иитиигэ, түмүүгэ, төрөөбүт тылы харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга хаһыат, сурунаал оруола улаханынан бары үөрэх, култуура тэрилтэлэригэр суруттарар туһуттан туһааннаах министиэристибэлэр субсидия көрүөхтэр этэ. Оттон почтаҕа дойду салалтатын өттүттэн судаарыстыбаннай болҕомто уурара наада.
“Суруллубут – суоруллубат”, кумааҕы хаһыат, сурунаал архыып докумуона буолан үйэлэргэ хараллан хаалар. Оттон интернет ситимин туһунан быһа-бааччы этэр кыах суох.
Интернет ситимтэн кылгас матырыйааллары түргэнник ааҕан билэ охсор үчүгэй. Оттон кумааҕы хаһыат, сурунаал эттээх-сииннээх матырыйаалларын ааҕыы киһи өйдүүр, толкуйдуур да дьоҕуругар атыннык сабыдыаллыыр, киһи хараҕын да харыстыыр. Хаһыаты, сурунаалы сөбүлээн ааҕыы литература, наука кинигэлэрин ааҕыыга олук буолуохтаах. Ааҕааччыны, өйүгэр оҥорон көрөр дьоҕурдаах, өйдөөх-санаалаах, тобуллаҕас толкуйдаах киһини иитиигэ тирэх буолуохтаахпыт.
— 90-с сылларга хас хаһыат редакциятын аайы нэһилиэнньэттэн көтөх муҥунан суруктар – корреспонденция киирэрэ. Билигин редакция үлэтигэр көмөлөөх суруйар дьон төһө баалларый?
— Ити хайысхаҕа уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэри кытта үлэни күүһүрдэр сыалтан анал балаһыанньа оҥордубут. Сир аайы суруйар дьоҕурдаах, көхтөөх дьон бааллар. Нэһилиэк аайы оннук дьоҥҥо тирэҕирэн, киһи мээнэ тиийбэт ыраах сытар сирдэри хабан кинилэр олохторун сырдатар уонна бэйэбит информациябытын тиэрдэр баҕалаахпыт. Бастаан утаа экспериментальнай былаһаакка курдук аҕыйах улууска боруобалыахпыт. Уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэр үлэлэрэ улуустар редакцияларынан кииннэнэн барыаҕа. Инникитин сыл түмүгүнэн бастыҥ үлэлээхтэри сыаналыыр үгэс олохтуохпут.
— Түмүккэ тугу баҕарыаҥ этэй?
— Олоҥхобут баай тылын байҕалыгар, саха литературатын классиктарын, норуот суруйааччыларын айымньыларыгар тирэҕирэн, биһиги тылбытын байытыахтаахпыт, өйбүтүн сытыылыахтаахпыт, суруйар таһыммытын үрдэтиэхтээхпит, тылбытын сайдыы саҥа ньымаларыгар киллэрэри баһылыахтаахпыт, бэйэбит тылбытынан ааҕарбытын элбэтиэхтээхпит, үүнэр көлүөнэлэргэ тиэрдиэхтээхпит.
Валентина Бочонина