Бүгүн, кулун тутар 15 күнэ — дойдубут Президенин талар улахан суолталаах күн.
Муома оройуонун бары быыбардыыр учаастактара лоп курдук сарсыарда 8 чааска аһылыннылар.
323-с быыбардыыр учаастакка куоластааһын бастакы күнэ Араассыйа Өрөгөй ырыатынан саҕаланна. Ол кэннэ эрдэһит быыбардааччыларга УИК чилиэннэрэ урналары көрдөрдүлэр. Бэрэссэдээтэл Николай Онопров: — Быыбардааччылар испииһэктэригэр 1818 киһи киирдэ. 333 быыбардааччы атын сиргэ куоластыыбыт диэн сайабылыанньа суруйан, быыбардааччылар испииһэктэриттэн таһаарыллыбыттара, — диэн билиһиннэрдэ.
Үлэ күнэ буолан сарсыарда аҕыс чаастан дьон кэлиитэ көхтөөх. Саамай маҥнайгынан авиация бэтэрээнэ Александр Ошустанов, тэрилтэлэртэн «Кэнчээри» уһуйаан кэлэктиибэ (сэб.Надежда Жиркова) куоластаатылар. Быыбардыыр учаастак бырааһынньыктыы киэргэтиллибит, таһырдьа ыраахтан музыка иһиллэр. Дьон бары үөрэн-көтөн, хардарыта эҕэрдэлэһэн быыбарга бырааһынньыкка кэлбит курдук сүргэлэрэ көтөҕүллүбүт.
Куоластааһын киэһэ 20 ч. диэри ыытыллыа.