Чуумпу Кытыл – чөл олох тирэх киинэ

Атырдьах ыйын 20 күнүгэр көтөр аалынан киинтэн ыраах сытар Чуумпу Кытыл бөһүөлэгэр сырыттыбыт. Бөһүөлэк сылын аайы араас эбийиэктэринэн киэркэйэрэ, тупсара харахха быраҕыллар. Аэропортан тахсыыга “Чуумпу Кытыл” диэн суруктаах, кирилиэстэрдээх улахан стела тутуллубут.
Баһылык Петр Никифоров: “Аҕыйах кэминэн халлаан хараҥарыыта, стела араас уотунан киэркэйиэҕэ, кирилиэстэрин эмиэ уотунан оонньотуохпут” диир. Стела утары бэрт улахан спортивнай былаһаакка болҕомтону тардар. Нэһилиэк дьаһалтата 2017 сыллаахха олохтоох көҕүлээһини өйүүр программаҕа (ППМИ) киирсэн, улахан спортивнай былаһаакка тутуутугар сайаапкалаһан кыайан, 2021 сыллаахха олохтоохтор үөрүүлэригэр волейбол, футбол, улахан теннис, о.д.а. спорт көрүҥнэригэр дьарыктанар спортивнай былаһаакка тутуллан олоххо киирбитин туһунан баһылык Петр Владимирович киэн тутта кэпсиир: “Маннык тутуулар олохтоохтор эт-хаан өттүнэн сайдалларыгар, чөл олоххо тардыһыыларыгар олук буолара саарбаҕа суох. Салгыы 2018 сыллаахха бөһүөлэк спортивнай саалатыгар хапытаалынай үлэ барбыта. 2019 сыллаахха Кыайыы скверэ таҥыллан саҥардыллыбыта. Онтон 2021 сыллаахха араас тэриллээх тренажернай саала аһаҕас халлаан анныгар баар спортивнай саалаҕа сыһыары тутуллан олоххо киирбитэ. Эдэр ыччат сөбүлээн мустар, дьарыктанар сирдэрэ буолла. Былырыын, 2023 сыллаахха Чуумпу Кытыл бөһүөлэгэ чөл олох тирэх киинин аатын ылбыта”.
Салгыы бөһүөлэк устун кутуу таас суолунан айанныыбыт. Суолу тупсарыыга нэһилиэк 2022 сыллаахха ылсан үлэлээбит, олус бэрт. Бөһүөлэк ортотугар аҕыс квартиралаах биир этээстээх уопсай дьиэ дьэндэйэн тутуллан эрэрин көрөн тохтуубут, үлэһиттэрдиин кэпсэтэбит. Тутууга Дьокуускай куораттан 10-ча эдэр дьон кэлэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Прораб уол Игорь Аргунов тутуу саас ыам ыйыттан саҕаламмытын, күһүөрү алтынньыга диэри бүтэрэр соруктаахтарын этэр. Үлэ туһунан сиһилии тутууну ыытар бэдэрээччит “ДИАЛСГРУПП” ААУо тэрилтэтин салайааччытын Дмитрий Слепцову кытта быһа сибээһинэн кэпсэтэбит. Муомалар киэн туттуохпут иһин, Дмитрий Муоматтан тардыылаах, Слепцов Петр Петрович уонна Ольга Федотовна уоллара буолар.
Дмитрий Петрович хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын иһинэн аҕыс квартиралаах дьиэ тутуутугар тендергэ кыайбыттарын туһунан кэпсиир: “Тутууга хантараак быһыытынан 2025 сылга диэри тутуу үлэтин ыытыахтаахпыт. Ол эрээри, болдьоҕун уһаппакка, быйылгы сылы аһардыбакка киллэрдэрбит диэн бүччүм санаалаах үлэлиибит. Сааскы ыйдарга тустаах матырыйааллары кэмигэр барытын тиэрдибиппит. Тутуу үлэтигэр ыам ыйын саҕаланыытыгар сыбаайата түспүтэ. Дьиэни аныгылыы технологиянан оҥоһуллубут мас эркиннээх монолит панелынан туһанабыт, бу экологическай бөҕө, эрэллээх уонна уһун үйэлээх матырыйаал быһыытынан биллэр. Биллэринэн, маннык матырыйаалынан Хонууга икки саҥа уопсай дьиэ тутуллубута. Оттон Төбүлэххэ бырайыак быһыытынан уопсайа 425,25 кв.м. иэннээх уопсай дьиэни, үс биирдии хостоох, икки иккилии хостоох уонна үс үстүү хостоох квартиралары тутабыт. Билигин тутууга 12 киһи үлэлиир, олохтоохтортон 4 киһи дуогабар бэрээдэгэнинэн көмөлөстүлэр. Аҕыйах хонугунан тутааччылар кырыыһатын оҥоруохтара. Балаҕан ыйыгар куораттан СӨ тутуу дирекциятыттан специалистары кытта кэлэн тутуу хаамыытын, түмүгүн көрүөхпүт. Быйылгы сылга олохтоохтор күлүүстэрин туталларын курдук үлэлэһэн көрүөхпүт. Ол эрээри саҥа эбийиэктэргэ бас билии быраабын судаарыстыбаннай регистрацията бастаан тутааччы аатыгар, онтон муниципальнай тэрээһиҥҥэ оҥоһуллар буолан, эбийиэк үлэҕэ киллэриллиитин болдьоҕо уһуон сөп. Түгэнинэн туһанан, нэһилиэк баһылыгар Петр Никифоровка, олохтоох Петр Николаевка, Родион Хабаровка, Алексей Стручковка уо.д.а уолаттарга махталбын биллэрэбин. Бары үлэҕэ биир тыла суох күүс-көмө буолаллара баһаам.”
Чөл олох тирэх киинэ буолбут Чуумпу Кытыл бөһүөлэгэ сылын аайы киэркэйэр, тупсар, сайдар кэскиллээх. Эдэр эрчимнээх салаайааччы Петр Владимирович үлэтин кыайа-хото тутан, ыытыллар үлэлэргэ докумуоннарын кэмигэр оҥорон, куоҥкурустарга киирсэн, үлэ арааһа ыытыллара атын нэһилиэктэргэ үтүө холобур буолар. Ол өссө оскуола территориятыгар аҕыйах хонугунан саҥа остолобуой дьиэтэ тутуллан киирэн эрэрэ эмиэ туоһулуур. Бу туһунан Петр Владимирович маннык быһаарар: “Хас сылын аайы олохтоохтор үөһэ салалта мунньаҕар биир улахан кыһалҕалаахтарын биллэрэн, саҥа оскуоланы туруорсаллар. Үлэлии турар орто оскуола ааспыт үйэ 40-нус сылларыгар тутуллубута, элбэх салҕааһыннаах тутуу. Боппуруос күн бүгүҥҥэ диэри оннуттан хамсыы илик. Ааспыт сылга Роспотребнадзор уоргана оскуола территториятын иһигэр баар кыра остолобуой дьиэтэ аныгы ирдэбилгэ сөп түбэспэтин туһунан предписание оҥорбута. Балаһыанньаны бьыһаарар соруктаах, олохтоох оскуола директорын Владимир Владимирович Васильевтыын биир сүбэҕэ киирэн, оройуон аҕа баһылыгын аатыгар саҥа остолобуой тутуутугар өйөбүл оҥороллоругар көрдөһүү сурук суруйбуппут. Көрдөһүүнү быһа гыммакка, быйылгы сылга оройуон бюджетыттан 2,5 мөл.солк. көрүлүннэ. Тыырыллыбыт үп-харчы киирээтин кытта, бырайыакка, тутуу матырыйаалыгар тендер биллэриллэн, куоракка тутуу матырыйааллары оҥоруунан дьарыктанар ААУо “Металлком” тэрилтэтин кытта дуогабар түһэрсибиппит. Сааһыары кыһыҥҥы суол сабыллыан эрэ иннинэ, икки улахан куруус массыыналарынан тутуу матырыйааллара кэмигэр тиэллэн кэлбиттэрэ. Суол ороскуотун нэһилиэк бюджетыттан уйуммуппут. Кэлбит матырыйаалларынан оскуола эр дьоно бары турунан, остолобуой дьиэтин тутан дьэндэтэн таһаардылар. Сылытар тэриллэрэ киирбиттэрэ, сотору сылааска холбонуоҕа. Тутуу үлэтигэр олохтоохтор бары саба түһэн, элбэх субуотунньуктар тэрилиннилэр. Оттон күннээҕи тутууга оскуола эр дьоно ылсан үлэлээбиттэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Бу барыта оскуола салалтата (директор В.В. Васильев) үлэни сөпкө аттаран туруоран, маннык улахан үлэни ыытта. Онон үөрэх дьыла саҕаланыыта саҥа остолобуой оскуола үөрэнээччилэригэр аанын тэлэччи аһыаҕа”.
Атын нэһилиэктэргэ бурдук ас астааһыныгар кыһалҕа баарын истэ-билэ олоробут. Ыраах нэһилиэктэргэ, ол иһигэр Төбүлэххэ килиэби дьон сайаапкатынан нэдиэлэҕэ иккитэ буһаралларын баһылык үөрэ-көтө кэпсиир. Үлэни “Быйаҥ” маҕаһыыҥҥа Атласов ИП тэрийэр эбит. Бу курдук, баһылык Петр Владимирович нэһилиэк социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын тула үлэни кылгастык сиһилии сырдаппытыгар махтанабыт.

Мира Старкова

Читайте дальше