Чөл олоҕу өрө тутан

Муома оройуонугар чөл олоҕу тутуһар, спорду өрө тутар нэһилиэктэртэн биирдэстэринэн Чыбааҕылаах национальнай нэһилиэгэ буолар. Өссө ааспыт үйэ 90-с сылларыгар нэһилиэк олохтоохторо мустаннар үүнэр-сайдар туһугар, кэнчээри ыччаты кэхтибэт кэскиллиир иннигэр арыгыта суох чөл туруктаах сырдык олох иһин туруулаһыахха диэн быһаарыныы ылбыттара. Оччолорго нэһилиэккэ арыгы алдьархайыттан тахсар айдаан аҕыйаҕа суоҕа. Отучча сыл чөл олох иһин туруулаһыы түмүгэр Чыбааҕылаах ыччата оройуон спортивнай аатын дьоһуннук көмүскүүр чиэһи сүгэр. Айар талааннаах ыччаттара кыракый Сайдыыларын аатын республикаҕа дорҕоонноохтук ааттаталлар. Кыраһыабай кыргыттара куйаар ситимигэр дьон сэҥээриитин ылаллар. Оройуоҥҥа ыытыллар араас тэрээһиннэргэ Сайдыы ыччата ситиһиилээхтик кыттар. Ыһыах күрэхтэригэр, Спартакиадаларга Сайдыылар аҕа баһылыктарын Игорь Громов салалтатынан көхтөөхтүк кытталлар, кэккэ ситиһиилэнэллэр. Нэһилиэккэ туспа спортзал суох буолан ыччаттар оскуола спортзалыгар дьарыктаналлара. Сэбиэскэй кэмтэн өрөмүөнэ суох турбут спортзал дьиэтэ олус тымныы, хаҕыс хараҥа этэ. Ыччаттар өрөмүөн үлэтин туруорсаллара эрээри үбүлээһин кырыымчыга атах буолара. Онтон былырыын олохтоох инициативалары өйүүр (ППМИ) республиканскай программаҕа оройуон аатыттан киирсэн көрөргө күүстээх санаа киирбитэ. Ол эрээри оройуон олохтоохторо туох диэн атын нэһилиэк кыһалҕатын быһаарыыга кыһаллыахтарай диэн саарбахтааһын санаата үөскээбитэ. Дьэ манна Хонууга олорор Сайдыы диаспората күүскэ үлэлэһэн нэһилиэктэр уонна оройуон киинин олохтоохторо Сайдыылары өйөөбүттэрэ. Чыбааҕылаах нэһилиэгэ бу программаҕа кыайан, тустаах үбүлээһин ылан билигин оскуола спортзалын өрөмүөннүү сылдьаллар. Өрөмүөн үлэтин олохтоох уолаттар бэйэлэрэ ыыталлар. Биригэдьииринэн Федор Богдашин үлэлиир. Бу күннэргэ оройуон дьаһалтатыттан анал хамыыһыйа баран үлэ хаамыытын билистэ. Ыччаттар үлэлэрин тэтимнээхтик саҕалаабыттар. Дьиэ истиэнэлэрэ, үрдүтэ анал матырыйаалларынан бүрүйүлүөхтэрэ, муостаҕа сылытыы үлэлэр ыытыллыахтара. Маны таһынан электропроводка уларыйыа. Тутуу матырыйааллара кэлбитигэр үөрүү, атын үлэтин олохтоох уолаттар баһыйа тутуохтара. Сылаас, сырдык саалга дьарыктанар туһугар Сайдыы ыччата субуотунньуктары да көҕүлүө диэн эрэнэбит. Норуот күүһэ-көмүөл күүһэ, чөл олох тирэх пуунугар спорт сайдарыгар оройуон олохтоохторун үтүө санаалара сырдык тосхоллоннун! Инникитин Сайдыы ыччата өссө да үрдүк ситиһиилэннин!

Христина Кривошапкина