Биир сомоҕо тыынынан

Балаҕан ыйын бастакы өрөбүлүгэр, быйыл балаҕан 1 күнүгэр нефть уонна гаас промышленноһын үлэһиттэрин күнэ бэлиэтэнэр.
Биһиги оройуоммутугар “Саханефтегазсбыт” тэрилтэтин тустаах сулууспата – заправкалыыр станция 2003 сыллаахха үлэтин саҕалаабыта. Онтон 2009 сыллаахха туспа нефтеыскылаат арыллан оройуон социальнай-экономическай сайдыытын мэктиэлиир.Бу дьоһун үлэлээх тэрилтэни Муома төрүт олохтооҕо, элбэх оҕолоох ыал аҕата, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына Пантелеймон Пантелеймонович Ефимов 15 сылын салайар:
— Бастаан тэриллэрбитигэр өссө 1984-1985 сылларга «Якутуголь» саҕана тутуллан испит холбоһуктаах нефтебаза сиригэр тэрилтэлэр емкостардаах площадкаларыгар үлэбитин саҕалаабыппыт. Правительство дьаһалынан бу уматык резервуардара “Саханефтегазсбыт” тэрилтэ бас билиитигэр бэриллибиттэрэ. Аныгы кэм ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн саҥа нефтеыскылаат объегын тутуу боппуруоһа турбута. Эһиилигэр инженернэй үлэ ыытыллан тустаах территорияны бэлэмнээһин үлэлэрэ саҕаламмыттара. Манна Муома орто оскуолатын үөрэнээччилэрин көмөлөрүн ахтыбат буолар сатаммат. Оҕолор биһиги үлэһиттэрбитин кытта ыскылаат туруохтаах сирин талахтартан, хас эмэ сыллары сыппыт бөхтөн ыраастааһыҥҥа көхтөөхтүк үлэлээбиттэрэ. Ыскылаат тутуутун бэдэрээччит «Нордспецстрой-1» тэрилтэ ыыппыта. Улахан туруорсуу, күүрээннээх үлэ түмүгэр 2016 сыллаахха хоту оройуоннарга тутулла илик аныгы ирдэбиллэргэ толору эппиэттиир баараҕай объект үлэҕэ киирбитэ.


Бу объекпыт оборудованиета аныгы ирдэбил быһыытынан сыллата саҥардыллар. Технология уларыйа турарыгар эппиэттиир гына үлэһиттэрбит маастарыстыбаларын кэмиттэн кэмигэр үрдэтинэллэр. Билигин оттукпут барыта нефть буолла. Онно емкостар эмиэ уларыйаллар. Манна нефть сылытар анал тэрил көрүллүбэтэх буолан, кэккэ ыарахаттары көрсөбүт. Сөптөөх туруорсуу түмүгүнэн эһиилгиттэн саҥа оборудование кэлэр. Онно бэлэмнэнэн эбии емкостары бэйэбит күүспүтүнэн бетоннаан бүтэрдибит. Билигин кырааска үлэтин ыытабыт. Инникитин оператордарга үлэ миэстэтин олохтуурга табыгастаах буолар гына тустаах контейнер туруоруохпут. Нефть хаачыстыбатын үрдэтэр сыалтан эһиилгиттэн емкостары хардары-таары кутан ыраастыахпыт диэн ОДьКХ-лары сэрэтэн турабыт. Биллэрин курдук, оборудование үксэ омук сиригэр оҥоһуллубутунан биир улахан кыһалҕабыт саппаас чаастарын булуу буолар. Санкция түмүгэр сүрүн чаастар омук сириттэн кэлбэт буолан үлэбитин атахтыыр. Ол эрээри импортозамещение быһаарылларыгар үөһээ салалта сөптөөхтүк үлэлэһэр. Бэйэбит күүспүтүнэн кыаллары саҥардабыт, тупсарабыт. Заправка станциятын площадкатын саҥардан бетоннаабыппыт, саҥа модульнай заправкалыыр станциялары сакаастаабыппыт, кэтэһэбит. Ити курдук тэрилтэ үлэтэ күннэтэ кэҥээн нефтегаас промышленноһа Муома оройуонугар сайдарыгар төһүү күүс буолар.


Үлэлиир тэрилтэбит сыллата тупсан, араас саҥа оборудованиенан хааччыллан сүргэбит көтөҕүллэр эрээри, Индигир эбэбит биэрэгэ сыл аайы түһэн сүрүн объекпытыгар чугаһаан эрэрэ дьиксиннэрэр. Бу кыһалҕаны быһаартара сатаан оройуоҥҥа кэлбит Бырабыытылыстыба чилиэннэригэр, араас таһымнаах депутаттарга туруорса сатаатым да, көдьүүһэ көстүбэт. Биэрэкпит кимэн киирэ турар, сөптөөх дьаһал ылыллыбат. Бу олус сэрэхтээх балаһыанньа. Манна суһал дьаһал ылылларын кэм-кэрдиис ирдиир.
Биллэрин курдук, тэрилтэ үлэтин хаачыстыбата тустаах үлэһиттэртэн тутулуктаах. Тэрилтэҕэ каадыр хамсааһына күүскэ тахсар буоллаҕына, үлэ атахтаныан сөп. Биһиги тэрилтэбит үөһээҥҥи салалтата каадыр боппуруоһугар күүскэ үлэлэһэр, сөптөөх үлэ усулуобуйатын тэрийэр. “Саханефтегазсбыт” салалтата бары филиалларын үлэһиттэрин биир ньыгыл хамаанда сорҕото диэн тыыҥҥа иитэр, үлэһиттэр биир сомоҕо буолан оройуоҥҥа ыытыллар бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар. Муома национальнай нэһилиэгэ ыытар тэрилтэлэр икки ардыларынааҕы Спартакиадаҕа куруутун күрэхтэһэбит. Манна ситиһиилээхтик кыттар туһугар үлэһиттэр өрүү дьарыкка сылдьаллар, эт-хаан өттүнэн чэбдигирэллэр. Эрчиллиилээх буолан “Саханефтегазсбыт” сыллата ыытар спортивнай күрэхтэригэр ситиһиилээхтик кыттабыт. Быйыл сайын Дьокуускай куоракка баран спортсменнарбыт иккис миэстэни ылан үөрүү өрөгөйүн билбиттэрэ.
Ыччаттарбытын араас тэрээһиннэргэ көҕүлүүр киһинэн профсоюзпут салайааччыта Марияанна Дягилева буолар. Урут профсоюзпут Белай Гораҕа баар эбит буоллаҕына, билигин туспа арахсан цеховой профком тэриннибит. Айылҕаҕа бииргэ тахсыылар, концертарга кыттыылар, ыһыахха туспа түһүлгэ тэринии, национальнай таҥас тиктии тэрилтэбит коллектива түмсэригэр төһүү күүс буолар. Маны таһынан эдэр ыччаты үлэҕэ көҕүлүүр дьоммутун –бэтэрээн үлэһиттэрбитин махтана ахтыам этэ: тэрилтэбит бастакы күннэриттэн үлэлээбит Семен Семенович Тарабукин, Константин Пантелеймонович Ефимов, Андрей Спиридонович Хабаров, Андрей Васильевич Атласов уонна да атыттар. Уопуттаах дьон эдэрдэри кытта бииргэ сылдьан, үлэҕэ такайан үлэ таһаарыытын үрдэтэбит.
Түмүкпэр, бииргэ үлэлиир коллективпын, бэтэрээннэри идэлээх күммүтүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин, үлэлэригэр өссө үрдүк ситиһиилэри, кытаанах доруобуйаны, байылыат олоҕу, дьолу-соргуну баҕарабын.
Пантелеймон Пантелеймоновичка бириэмэ булан кэпсэппитигэр махтанан туран, нефтеыскылаат иллээх коллективыгар сомоҕо күүһү, или-эйэни баҕарабын.

Христина Кривошапкина

Читайте дальше