Муома алын сүһүөх оскуолатын иһинэн үлэлиир Суон — Тииттээҕи «Кэскил» уһуйааҥҥа бүгүн Байанай ыйын түмүктүүр тэрээһин ыытылынна.
Оройуоннааҕы кииннэммит библиотека үлэһитэ Юлия Августовна Сюльская оҕолорго кыыллар тустарынан кэпсээтэ, кыыллар тустарынан кинигэ көрдөрдө, таабырын таайтарда.
Оскуола түмэлин салайааччыта Антонина Яковлевна урукку сылларга туттулла сылдьыбыт булт тэриллэрин эһээлэрбит хайдах туттан бултаабыттарын туһунан кэпсээтэ, көрдөрдө. Кырачаан иитиллээччилэр хоһоон ааҕан, булчут уҥкүүтүн үүҥкүүлээн көрдөрдүлэр.
» Бэргэн ытааччы» күрэххэ уолаттар тииҥи, куобаҕы, саһылы ытан, ону таһынан «Ким элбэх балыгы хаптарар» диэн балыктааһыҥҥа күрэхтэстилэр.
Тэрээһин олус сэргэхтик ааста. Кырачаан оҕолорбут сыал ытан, балыктаан астыннылар, үөрдүлэр-көттүлэр. Инникитин да итинник сэргэх тэрээһиннэр ыытылла турдуннар.
Түмэл салайааччыта Антонина Яковлевна Слепцова.