Быйылгы үбүлүөйдээх дьон — А.П. Гуляева 75, П.П. Стручков 70, З.И. Слепцова, А.В. Старкова 65, В.В. Попова, Н.В. Соркомова, Т.И. Кириллина 60 саастарын бэлиэтээтилэр.
Итии үүттээх чэй иһэ-иһэ, ас арааһын аһаан, ирэ-хоро кэпсэтэн, ыллаан — туойан, үбүлүөйдээхтэр идэлэринэн оонньуу оонньоон тэрээһин олус көрдөөхтүк ааста. Кыайыылаахтарга бириистэрин туруордулар. Бу кэрэ бэлиэ тэрээһини олохтоох Сынньалаҥ дьиэтин үлэһиттэрэ директор Анастасия Никулина, худрук Марина Эверстова иилээн-саҕалаан ыыттылар.
✍🏻 Людмила Стручкова, Чуумпу Кытыл.