Төбүлэх орто оскуолатын оҕолоро бу күннэргэ психологическай наука хандьыдаата, Учууталлар учууталлара, РФ
үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Иосиф Петрович Хабаров кэриэһигэр, Арассыыйаҕа Учуутал, наставник
сылыгаранаммыт “Строим будущее Момы” научнай-практическай конференцияҕа кытыннылар.
IX кылаас үөрэнээччитэ Ярослав Старков “Производство шлакоблоков из золошлака, т.е. из минеральной
несгорающей части каменного угля” диэн тиэмэҕэ чинчийии үлэтинэн ситиһиилээхтик кыттан II миэстэни ылан
дипломант буолла. Салайааччыта Соркомова Нина Васильевна.
Ярослав кэпсээниттэн:
– Тиэмэбин учууталым сүбэлээбитэ. Нэдиэлэттэн ордук ылсан үлэлээн, бэлэмнэнэн кытынным. Өссө да маннык
конференцияҕа кыттыам, тус бэйэбэр элбэҕи биллим. Салайааччыбар Нина Васильевнаҕа махтанабын!
Салгыы мин V кылааc үөрэнээччитэ Айсиэн Онопровы кытта сэһэргэстим.
– Айсиэн, дьэ улахан конференцияҕа кыттар хайдах эбитий. Оскуолаҕыттан хас буолан кытынныгыт? Бэйэҕэр туох
саҥаны биллиҥ?
– Ый анараа өттүгэр «конференцияҕа кыттыҥ,” – диэн эппиттэригэр баар матырыйаалбын сурукка киллэрэн
бэйэтинэн үлэ тахсан кэлбитэ. Мин салайааччым – ийэм Анна Александровна Онопрова. Конференцияҕа кыттар,
биллэн турар, наһаа долгутуулаах. Элбэх киһи иннигэр кэпсиигин, ЗУМ нөҥүө кытынныбыт. Дьиҥинэн мин үһүс
сылбын маннык конференцияҕа кыттабын. Олус эппиэтинэстээх.
– Тимэлээҕин хайдах талбыккытый?
– Мин былырыыҥҥыттан оскуолабар баран-кэлэн иһэммин паарка аттыгар күрбэ таас баарын бэлиэтии көрбүтүм.
Онно С.В.Обручев уонна Д.Е. Старков-Миичикэ диэн дьоҥҥо анаммыт сурук баарын аахпытым. Ийэбиттэн
ыйыппытым. Ону ийэм библиотекаттан “В неведомых горах Якутии» диэн кинигэни булан, уларсан аҕалбыта. Иккиэн
аахпыппыт, ырыппыппыт. Каартаҕа С.В. Обручев ханан айаннаабытын көрбүппүт. Онон бу сырыыга төрөөбүт дойдум
туһунан элбэҕи биллим.
– Оройуоммут аҕа баһылыга Д.В. Аммосов бу конференцияҕа эксперт быһыытынан үлэлээн кыттааччыларга элбэх
ыйытыктары биэрбитин истибиппит. Эйигиттэн тугу ыйыппытай? Уонна онно эн эппиэтиҥ?
– Дмитрий Викторович миигиттэн “Дальстрой диэн тугуй?, Иҥээлигэ бэйэҥ сылдьыбытыҥ дуо?, Миичикэ диэн
кимий?” – диэн ыйыппыта. Бэйэм тугу билэрбинэн кэпсээбитим. Иҥээлигэ тиийэ иликпин, ийэм кэпсээниттэн эрэ
билэбин. Былыр үс хайаны дабайан таһаҕастарын сүгэ сыл дьан хааман сыл аайы айанныыллар эбит. Ону олус
сөхпүтүм.
– Инникитин маннык конференцияҕа кыттыан баҕалаахтарга тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Маннык научнай конференцияларга элбэхтик кыттыҥ. Кинигэтэ ааҕыҥ, киһи кинигэттэн ордук элбэҕи билэр эбит.
– Төһө өр бэлэмнэммиккиний? Инники туох былааннааххыный?
– Бастаан ити эппитим курдук күрбэ таас баарын көрөммүн, ону интэриэһиргээн билиэхпин баҕарбытым. Онтон
үлэбин саҕалаабытым. Олус кэрэ айылҕалаах, хатыламмат уһулуччу ньуурдаах, хайалардаах сиргэ олорорбунан
киэн туттабын. Оскуолам иһинэн туристическай куруһуок баар буолуон баҕарабын. Кыраттан саҕалыахха диэн
ийэбинээн сүбэлэһэн, икки күннээх С.В. Обручев тохтоон ааспыт сиригэр Иҥээлигэ хааман барар маршрут былаанын
бырайыактаан оҥордубут. Үлэм тиэмэтэ “Экспедиционный маршрут “По следам С.В. Обручева”. Бырайыагым олоххо
киириэн олус баҕарабын. Элбэх үп наадата суох. Сүрүнэ баҕа баар буолуон наада уонна үөрэнэр оскуолам,
нэһилиэкпит, төрөппүттэр өттүлэриттэн өйөбүл. Бырайыакпыт олоххо киирдэҕинэ айаммыт туһунан видео устан
куйаар ситимигэр ыытыам. Атын сиргэ олорор оҕолор, улахан да дьон Муома диэн кэрэ айылҕалаах сир баарын
билиэхтэрэ. Оҕолору кытта айылҕаҕа сылдьаммыт үүнээйилэри, кыыллары, балыктары, үөннэри-көйүүрдэри
үөрэтиини саҕалыа этибит. Экология өттүнэн эмиэ араас өрүттээх үлэ барыа дии саныыбын.
– Айсиэн, миэхэ сиһилии эппиэттээбиккэр махтанабын. Өссө да маннык интэриэһинэй тиэмэлэри булан, чинчийэн-
үөрэтэн, ситиһиилээхтик конференцияларга кыттан иһэргэр баҕарабын! Инникигэ хардыы оҥорбуккунан
эҕэрдэлиибин!
Туйаара Федорова,
Төбүлэх орто оскуолатын педагога