Аҕа – дьиэ кэргэн дурдата-хаххата, эрэллээх эркинэ

Аҕа диэн улаханы, күттүөннэҕи аан бастаан саҕалаабыт, олохтообут, барытыгар инникилээбит
эр киһини ааттыыллар. Дириҥ ытыктабылы ылбыт, оҕолорун кэскиллээх өй-санаа өттүнэн ииппит,
байыппыт, сирдээбит, үтүөтүк сабыдыаллаабыт эр киһи. Аҕа диэн оҕолорун, дьиэ кэргэнин
тустарыгар эппиэтинэстээх, кыһамньылаах, кыайыгас, үтүөҕэ-кэрэҕэ дьулуһуулаах, үтүө санаалаах
киһи. Кини ийэҕэ уонна оҕоҕо эрэллээх доҕор, эрэбил, тирэх, бигэ киһи.
Быйыл оройуоҥҥа Аҕа сылынан биллэриллибитэ. Ол чэрчитинэн, муус устар 19 күнүгэр оройуон
аҕаларын түмсүүтүн тэрээһинэ сөргүтүллэн ыытылынна. Тэрээһини култуура управлениетын
начальнига Юрий Черов көҕүлээтэ. Кини быйылгы сыл дойдуга Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо
саас, оройуоҥҥа Аҕа сылларынан биллэриллибитин, ити барыта ситимнээх суолталаах өйдөбүллэр
буолалларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Кини Улахан Чыыстай нэһилиэгин уопутуттан сырдатта.
Сааһыыр, Соболоох аҕаларын түмсүүлэрин үлэлэрин туһунан кылгас ролик мустубут дьон
сэҥээрилэрин ылла.
Баһылыгы солбуйааччы Артур Тарабукин билигин аҕа киһи дьиэ кэргэҥҥэ сүрүн оруолу ыларын
ааһан, дурда-хахха буолан, дойдуну көмүскүүр аналын чиэстээхтик толорор диэтэ. Мунньахха
кыттыбыт аҕалар оҕону иитиигэ боппуруоһу тула аһаҕастык кэпсэттилэр. Кылаабынайа, аҕа
бэйэтин холобурунан, үлэнэн иитиэхтээҕэ этилиннэ. Кырдьык, кэнники кэмҥэ аҕа, эр киһи оруолун
үрдэтии сытыы боппуруоска кубулуйбута мэлдьэх буолбатах.
Түмүккэ, Аҕа сылыгар урукку кэмнэргэ күүскэ үлэлээбит Аҕалар сүбэлэрин үлэтин уопутун тарҕатан,
сөргүтэргэ, үлэ былаанын торумнуурга, ырытан оҥорорго, Сэбиэт састаабын бигэргэтэргэ этиилэр
киирдилэр. Үтүө саҕалааһын кумааҕыга хаалбатар ханнык диэн эрэнэбит.

* * * * *


Ити күн “Осикат” ЭКК оройуоҥҥа Аҕа сылыгар аналлаах бэрт үчүгэй кэнсиэр буолан ааста.
Кэнсиэр саҕаланыытыгаркултуура управлениетын начальнига Юрий Прокопьевич Черов сахалыы
алгыһынан арыйда. Оройуон баһылыгын солбуйааччы Артур Александрович Тарабукин аҕа
сылынан эҕэрдэ тылын тиэртэ уонна киэн туттар ыал аҕатыгар Андрей Анатольевич Громовка
махтал суругу , бэлэҕи туттарда. Хонуу нэһилиэгин баһылыга Иван Евгеньевич Дягилев эҕэрдэ
тылын эттэ уонна аҕаларга Алексей Васильевич Неустроевка, Леонид Алексеевич Никулиҥҥа,
Арьян Николаевич Шкулевка эҕэрдэ суруктары, бэлэхтэри туттартаата.Кэнсиэргэ аҕалар, эһэлэр,
уолаттар, эр хоһууннар кытыннылар. Түбүктээх кытаанах үлэлэриттэн ордон ылбаҕай
ырыаларынан, тэтимнээх киһи сүргэтин көтөҕөр үҥкүүлэринэн көрөөчччүлэр сүргэлэрин көтөхтүлэр.
Бииртэн биир чаҕылхай нүөмэрдэри көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Кэнсиэргэ
Индигир, Чыбааҕылаах нэһилиэктэриттэн кэлэн кыттыбыттара өссө тупсаран ситэрэн-хоторон
биэрдэ. Ол курдук, «Алгыс» эр дьон ансаамбыла, «Тэтим» үҥкүү ансаамбылын эр дьоно,
баһаарынай сулууспа эр хоһууннара, игирэ уолаттар Харысхан, Арылхан Черовтар тэтимнээх
үҥкүүлэринэн киэргэттилэр, ырыаһыттар Дмитрий Макеев, Юрий Ильин, Данил Слепцов, Яков
Уваровскай, Василий Тихонов, Дьулус Крупышев бэртээхэй ырыалары бэлэхтээтилэр. Кэнсиэри
биллэр аҕа Юрий Алексеевич Винокуров хомоҕой тылынан иилээн-саҕалаан ыытта. Аттыбытыгар
баар дурда-хахха, эрэллээх эркин буолар эр хоһууттарбытынан киэн тутуннубут.
Аҕа оруолун, суолтатын үрдэтэр сыаллаах тэрээһиннэр оройуоҥҥа салҕанан бараллар.

«Муома оройуона» МТ пресс-сулууспата