Устудьуон көхтөөх олоҕо
Хас биирдии киһи олоҕор саамай кэрэ, умнуллубат, өйгө-сүрэххэ хатанан хаалар чаҕылхай кэминэн устудьуон
сыллара буолаллар диэтэххэ үгүс киһи сөбүлэһиэ. Эдэр ыччат үлүскэннээх үөрэх үөһүгэр ситэн-хотон, устудьуон
умсулҕаннаах олоҕор буһан-хатан сатаабатын сатыыр, кыайбатын кыайар, талбыт идэтин баһылаан олох киэҥ
аартыгар үктэнэр.
Бүгүн биһиги редакциябытыгар А.Д.Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы Култуура уонна Искусство колледжын
устудьуоннара ыалдьыттыыллар.
Аурика Черова:
— Мин билигин дойдубар педагогическай практикабар кэлэ сылдьабын. Практикам кэмигэр уһуйааҥҥа, оскуолаҕа
тэрээһиннэри ыыттым, оҕолорго ырыа үөрэттим.
Култуура колледжа үгүс ыччаты үөрэтэн-уһуйан олох киэҥ аартыгар таһаарбыт, өрөспүүбүлүкэ биир кырдьаҕас үөрэҕин кыһата. Манна айар талааннаах ыччат култуура, айар үлэ бары салааларыгар үөрэх-билии иҥэринэллэр. Биһигини улахан уопуттаах преподавателлэр үөрэтэллэр. Мин үөрэнэр салаам «Уус-уран айар үлэ». Дьиҥэр, үөрэххэ киирэрбэр төрүт култуура диэни улаханнык билбэт киһи киирбитим. Оһуохай, тойук диэни араарбат да этим. Онтон үөрэхпит, үөрэтэр предметтэрбит барыта саха төрүт култууратын, фольклорун, историятын, саха төрүт үгэстэрин үөрэтэр буоламмыт, сүрдээх элбэҕи биллим, иҥэринним.
Маҥнай утаа олус ыарырҕаппытым.Кууруспутугар үксэ сахалар түөлбэлээн олорор улуустарыттан — Сунтаартан,
Ньурбаттан сылдьар оҕолор. Саха төрүт култууратын эттэригэр-хааннарыгар иҥэриммит дьон. Хотуттан иккиэбит, миигин кытта өссө биир уол баар. Бастаан тиийдэхпитинэ биһигини «ни рыба, ни мясо» дииллэрэ. Онон ити өттүгэр «пробеллаах» эбиппит. Үөрэнэн истэҕим ахсын улам ылларан, билигин олох умсугуйан туран үөрэнэбин. Ордук ырыа-тойук предметтэрин сөбүлүүбүн уонна преподавателлэрбит Василиса Вячеславовна Мыреева олоҥхоҕо уһуйара уонна Михаил Николаевич Винокуров алгыс, сиэр-туом хайдах ыытылларын көрдөрөрө-кэпсиирэ ордук интэриэһинэй.
Саха музыкальнай инструменнарыгар — хомуска, кырыымпаҕа, күпсүүргэ оонньуурга, тойуктуурга, оһуохай этэргэ
үөрэнним. Былыргы ойууттар,удаҕаттар, боотурдар тустарынан үһүйээннэри, номохтору интэриэһиргиир буоллум.
Үөрэх программатынан ырыа-тойук бөҕө үөрэтэбит. Күн аайы «Сарсын нойосуус үөрэтэн кэлэҕит» диэн буолар. Норуот айымньыларын, олоҥхону үөрэтэбит.
Иллэҥ кэм диэн суоҕун кэриэтэ. Элбэхтэ мусуойдарга, тыйаатырга сылдьабыт, кэнсиэртэргэ кыттабыт.
Үөрэхпин бүтэрэрим номнуо биир сыл хаалла. Үөрэҕим кэнниттэн төрөөбүт дойдубар кэлиэхпин баҕарабын.
Билигин оскуоланы бүтэрээри сылдьар оҕолорго үөрэххитигэр кыһаллыҥ уонна чопчу ханнык идэҕэ үөрэниэххитин
үчүгэйдик толкуйдаан талан баран туттарсыҥ диэхпин баҕарабын.
Зарина Атласова:
— Мин бу колледжка "Фото-видео творчество" салааҕа үһүс кууруска үөрэнэбин. Тохсус кылаас кэнниттэн үөрэнэ киирбитим. Бастаан отборочнайга сыыйыллыбытым. Онтон атын үөрэххэ — повар идэтигэр докумуоннарбын туттараары сырыттахпына ыҥыран ылбыттара уонна "төлөбүрдээх үөрэххэ биир миэстэ таҕыста" диэбиттэрэ. Олус баҕарбыт үөрэҕим буолан ийэм Мария Дмитрьевна «Төлөбүрдээх да буоллун, сөбүлүүр үөрэххэр үөрэн» диэн үөрэххэ киирэн хаалбытым. Онтон биир ыйынан үчүгэйдик үөрэнэр буоламмын бюджетнайга көһөрбүттэрэ. Үөрэххэ киирбиппэр олус да үөрбүтүүм!
Хайаан да кыһаллан үөрэниэм, үчүгэй фотограф буолуом диэн бэйэбэр сорук туруоруммутум.
Маҥнай кууруспутугар 22 этибит, билигин үһүс кууруска 14 буолан хааллыбыт. Үөрэхпит олус интэриэһинэй. Күн аайы саҥаны билэҕин, барыта сонун. Билигин цифровизация үйэтэ буолан, биһиги идэбит инникилээх, кэскиллээх.
Сүрүн үөрэтэр предметтэрбит — «Режиссура видеофильма», «Сценарное мастерство», «Операторское мастерство»,
«Мастерство фотосъёмки». Практикабытыгар «Сахафильмҥа» киинэ устуутугар сылдьабыт.
Кыралаан фотосессияларга сакаас киирэр. Үбүлүөйдэри, тэрээһиннэри түһэрэбин.
Араас конкурстарга кыттабын. Биир улахан ситиһиим — бу ааспыт сыл ахсынньы ыйга «Республика Кино»
өрөспүүбүлүкэтээҕи кылгас метражтаах киинэ бэстибээлигэр «Хореография» диэн документальнай киинэ устан маҥнайгы миэстэни ыллым.
Билигин дипломнай үлэбин саҕалыыр былааннаахпын. Кулун тутарга төрөөбүт дойдубар кэлэн ыстаада олоҕун туһунан киинэ устуом. Сценарийым, раскадровкам бэлэм. Төрөөбүт күммэр дьонум «Саnon m50 mark 2» камера бэлэхтээбиттэрэ, үлэбэр ону туһанабын. Ордук айылҕаны уонна дьон мэтириэттэрин түһэрэрбин ордоробун.
Үөрэҕим таһынан спортивнай, култуурунай тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттабын. Былырыын саас орто үөрэх кыһаларын икки ардыларыгар теннискэ күрэххэ кыттыбытым.
Иллэҥ кэммэр быыстапкаларга, мусуойдарга сылдьабын. Онно биһиэхэ, устудьуоннарга, «Пушкинскай карта» олус
абыраллаах. Биир быыстапкаҕа сылдьан Санкт-Петербургтан сылдьар Екатерина, Сергей Мозин диэн биллилээх
фотограф уонна оператор идэлээх дьону кытта билсибитим. Кэлин Мозин Ютуб ханаалыгар анаан Дьокуускай туһунан фото-видео матырыйааллары ыытан бииргэ үлэлэһэбит.
Фотографтартан Петя Ви, Иван Семёнов, Вадим Скрябин үлэлэрин сэҥээрэбин.
Инникитин үөрэхпин бүтэрдэхпинэ ВГИК-ка туттарсыахпын баҕарабын.
Дьэ, бу курдук кэпсээннээхтэр устудьуон кыргыттар. Көрсүһүүбүт түмүгэр кыргыттарга туйгун үөрэҕи, баҕа санаалара туоларын туһугар харса суох дьулуһалларыгар баҕа санаабын эттим.
Валентина Старостина