Үөрэҕирии салаатын бухгалтериятыгар уһуннук үлэлээбит биир идэлээҕим Надежда Михайловна Старкова быйыл
үбүлүөйдээх сааһын бэлиэтээтэ. Таптыыр хаһыаппар үтүө үлэһит киһи туһунан кылгас ахтыы суруйарга сананным.
Надежда Михайловна үөрэҕирии салаатын бухгалтериятыгар кылаабынай бухгалтерынан 1990 сыллаахха үлэлии
киирбитэ. Үлэтигэр сүрдээх бэриниилээх, үрдүк профессиональнай таһымнаах үлэһит, үлэһиттэрин таба аттаран
үлэлэтэр дьоҕурдаах, ирдэбиллээх салайааччы этэ.
Бухгалтер диэн элбэх үлэттэн, эрэйтэн, тулууртан, дьулууртан тахсар үлэ. Отчуот кэмигэр туох барыта умнуллара.
90-с сыллар бэрт эрэйдээх, мускуурдаах ыарахан кэмнэр ааспыттара. Ордук бухгалтерия үлэтигэр. Ол курдук
хастыы да ый хамнас кэлбэт кэмнэрэ, харчы уларыйыыта… 1 000 солкуобайбыт 100 000 солкуобай буолбута биһиэхэ,
бухгалтердарга, үлэбитигэр уустуктардаах буолбута. Хамнас, харчы суоттаныыта биэстии, алталыы нууллар эбиллэн
суоттанара. Хас да ыйдаах хамнас мунньуллан Госбаантан хас да куулунан харчыны ылан үлэһиттэргэ түҥэтэр
соҕотох кассир кыайан ааҕан түҥэппэт этэ, ол иһин бухгалтерия үлэһиттэрэ кассирга көмөлөһөр этибит. Хата сыыһа-
халты, ордук-хоһу тахсыбытын өйдөөбөппүн.
2006 сыллаахха муус устарга 381 нүөмэрдээх дьаһалынан Саха сиригэр бухгалтерскай учуот реформатын
эксперименин ыытар туһунан В.А.Штыров аҕыс улуус баһылыктарын кытта сүбэлэһэн эксперимент саҕалыырга
быһаарыы ылыммыттара. Ол иһигэр Муома улууһа кыттара быһаарыллыбыта. Оччолорго оройуон баһылыгынан
С.А.Сюльскай үлэлиирэ.
Муома оройуона муниципальнай тэриллии баһылыгын дьаһалынан 2006 сыл бэс ыйын 7 күнүгэр 210 нүөмэрдээх
дьаһалынан үп үлэтин, бюджетнай учуоту уонна отчуотунаһы ордук табыгастаах оҥорор инниттэн оройуон үрдүнэн
биир финансовай дьиссипилиинэни тутуһар сыалтан "Муома оройуонун бюджетнай тэрилтэлэрин кииннэммит
бухгалтерията" диэн муниципальнай тэрилтэ тэриллибитэ. Итинэн сибээстээн нэһилиэктэргэ бухгалтерскай
сулууспалар тохтотуллубуттара.
Хаһан баҕарар саҥаны киллэрии ыарахаттардаах.
Саҥа тэрилтэҕэ дьиэни-уоту булуу, сүүрбэттэн тахса сөптөөх каадырдарынан хааччыйыы, толору
компьютеризациялааһын, үлэһиттэри барыларын саҥа сетевой программаҕа үөрэттэрэн тэрилтэни оннун булларан
Надежда Михайловна салайааччы быһыытынан сатабылын, уопутун туоһулуур.
Кииннэммит бухгалтерия күн бүгүнүгэр диэри саҥаттан саҥа үрдүк үөрэхтээх каадырдарынан таһаарыылаахтык
үлэлии турар.
Кылгас ахтыым түмүгэр биир идэлээҕим Надежда Михайловнаны 65 сааскынан истиҥник эҕэрдэлээн
туран, чэгиэн чэбдик доруобуйаны, үлэҕэр ситиһиилэри, тус олоххор дьолу-соргуну, уһун үйэни
баҕарабын.
Александра Егоровна
Слепцова, суот-учуот
үлэтин бэтэрээнэ