Сэтинньи 15 күнүгэр Арчы дьиэтигэр Петр Иннокентьевич Слепцов төрөөбүтэ 100 сааһыгар аналлаах саахымат күрэҕэ буолан ааста. Манна 15 киһи кыттыыны ылла, ол иһигэр 6 оскуола оҕото оонньууга холонно. Остуол тула олорон спорт «чуумпу көрүҥэр» сүгүрүйээччилэр өйдөрүн сытыылаан саахыматтаан оонньоотулар.
Тыҥааһыннаах күрэх түмүгүнэн, оҕолорго:
Маҥнайгы миэстэни — Альберт Слепцов (11 «Б», МОО), иккис — Эрсан Хадаров (ИОО), үһүс миэстэни — Дима Гореев (11 «Б», МОО) ыллылар.
Эр дьоҥҥо:
Бастакы миэстэ — Герман Гаврильевич Слепцов, иккис миэстэ — Прокопий Петрович Ефимов, үһүс миэстэ — Виктор Анатольевич Пилюченок.
Кэрэ аҥаарга:
Бастакы миэстэ — Акулина Ивановна Корякина, иккис миэстэ — Саргылана Афанасьевна Слепцова, үһүс миэстэ — Евдокия Иннокентьевна Слепцова.
Аҕам саастаах оонньооччу диэн Василий Матвеевич Петровка, эдэр оонньооччу диэн Айтал Хадаровка анал бириис туттарылынна.
Петр Иннокентьевич кыыһа Ольга Корякина уонна сиэннэрэ аҕаларын үтүө аатын үйэтитэн олус сэргэх тэрээһини ыыттылар.
Саахыматы сатыыр уопуттаах дьоммут оонньуутун көрөн, хаамыыларын батыһан кэнчээри ыччаппыт өйү сайыннарар, толкуйу тобулларар остуол оонньуутугар сатабыллара сааһыланыа, билиилэрэ кэҥиэ диэн эрэнэбит.

Татьяна Данилова

Читайте дальше