Ыстаада олоҕун сэргээтибит

Сайыҥҥы кэмҥэ оройуоммут оҕолоро сынньалаҥнарын туһалаахтык атаараллар. Сорох оҕо араас дойдуну көрөр, сорох дойдутугар хаалан үлэлиир, ким эрэ лааҕырга сайдар, ким эрэ дьонугар көмөлөһөр.
Оттон Муомаҕа ыстаадаҕа оҕо лааҕыра үлэлиирин туһунан бары билэрбит буолуо дуо? Оннук лааҕыр Улахан Чыыстай нэһилиэгэр тэриллибитэ быйыл уон аҕыс сыла буолбут. Иван Валерьевич уонна Оксана Семеновна Громовтар дьиэ кэргэннэрин “Хонҥачан (олененок)” үлэ лааҕырдара 2006 сылтан ситимнээхтик үлэлиир. Оҕолор манна табаһыттар олохторун билэллэр, ыстаада үлэтигэр сысталлар, Улахан Чыыстай кэрэ-бэлиэ сирдэрин көрөллөр.


Быйыл Муома орто оскуолатын түөрт үөрэнээччитэ Илья Неустроев, Алик Никулин, Рома Слепцов (үһүөн 7-с кылаастар), Саввин Петя (9-с кылаас) буолан ахсыс нүөмэрдээх Громовтар ыстаадаларыгар сайылаан кэллилэр. Биир кылааска үөрэнэр уолаттар Илья, Алик, Рома “Хонҥачан” лааҕыр туһунан кэпсээтилэр.


Уолаттар, Улахан Чыыстай ыстаадатын лааҕырыгар хайдах тиийэн хааллыгыт?
Маннык лааҕыр баар диэн дьоммут кэпсээбиттэрэ уонна онно барыахпытын баҕарарбытын ыйыппыттара. Биһиги тута сөбүлэһэн, айаҥҥа турунарга бэлэмнэммиппит. Дьэ, уонна бэс ыйын 6 күнүгэр АН-3 сөмөлүөтүнэн Хонууттан Чыыстайга көппүппүт. Онно биһигини көрсөн ыалларынан олоппуттара. Аҕыйах хонугунан ыстаада киэҥ куйаарын диэки Урал массыынанан көтүтэ турбуппут. Лааҕырга биһигиттэн ураты Улахан Чыыстай оҕолоро бааллара. Биһиги ыстаадабыт саамай улахан эбит, 2100-тэн тахса табалаах.Бастаан тиийэн баран наһаа ыраах дойду дии санаабыппыт. Улахан маһа суох киэҥ туундара курдук сиргэ тыһыынчанан таба мэччийэ сылдьара.Хайа чугаһынан суох, тумул баара. Лааҕырга ый курдук сылдьыбыппыт, Хонууга от ыйын 25 күнүгэр биирдэ төннүбүппүт.


Ыстаада олоҕо хайдах эбитий? Тугунан дьарыгырдыгыт?
Биһиги ыстаадаҕа аан бастаан сайылаатыбыт. Ол иһин барыта сонун этэ. Бары балаакканан олорбуппут. Улахан балааккаҕа остолобуой баара, онно аһаабыппыт. Уоппут генераторынан кэлэрэ, ону сынньата-сынньата холбууллара. Лааҕыр улахан дьоно Оксана Семеновна, Юлия Семеновна, Айыына Ивановна, Сардаана Васильевна күн аайы астыыллара, сарсыардааҥҥы, эбиэт, күнүскү, киэһээҥҥи аһылык барыта толору баара.
Табалар аһыыр сирдэрин уларытан үс миэстэнэн көһө сылдьыбыппыт. Бастакы Байыҥа, балыктыыр сир. Мудукси – иккис сир, онно чөҥөчөк бөҕө баар. Үһүс сир Уборнай, Малтан диэн үрэххэ баар. Көстөхпүт аайы балааккабытын көтүрэн, хаттаан туруорарбыт.
Биһиги табалары маныыр этибит. Икки симиэнэнэн солбуйса сылдьан ыстаада табаларын көрөрбүт. Күнүскү симиэнэ (кусчуйа) 14.30 чаастан 24.00 чааска дылы уонна түүҥҥү симиэнэ (явчийа) 24.00 – 12.00 бириэмэнэн солбуйсарбыт. 1-2 улахан киһи уонна хас да оҕо буолан барабыт. Акка олорон ол сиргэ тиийэбит уонна табалары маныыбыт. Таба от, лабыкта, тэллэй сиир. Тэллэй үүннэҕинэ, табалар сүтэн хаалаллар үһү, тэллэйи батыһан бараллар.
Ыстаада табата түүн уон икки чаас диэки кэлэр, онно малтычыйабыт, ол аата дукчаттан (стоянкаттан) куоппатыннар диэн маныыбыт. Табалар утуйдахтарына, бары утуйабыт. Биһиги оҕолор уон икки аҥаарга сытарбыт уонна быһа холоон уон биир чааска уһуктарбыт.
Табаһыттар сылга түөртэ табаны ааҕаллар: кыһын, саас, сайын, күһүн. Табаны ааҕыы кэмигэр сааһынан, ахсаанынан араараллар, укуоллууллар. Дьэ, манна түргэн туттуу, сымса хамсаныы элбэҕи быһаарар. Таба тэбиэн да, муоһунан да кэйиэн сөп. Биһиги табаны хараалга киллэрэргэ, тугуттары кулгаахтарын быһан бэлиэтииргэ көмөлөспүппүт. Сарсыарда уон иккигэ барбыппыт, түүн биэскэ кэлбиппит. Кытаанах үлэ манна буолар эбит.
Лааҕырга сарсыарда аайы сүүрэр этибит, сэрээккэ оҥорорбут, эппитин-хааммытын эрчийбиппит, футбол, волейбол, лапта, компьютер, остуол оонньууларын арааһын оонньообуппут. Үрэхтэргэ сөтүөлээбиппит. Онон үлэни-сынньалаҥы аттаран сайыны туһалаахтык атаардыбыт дии саныыбыт.


Ыстаада лааҕыра эһигини туохха үөрэттэ? Туох саҥаны биллигит?
Ыстаада үөрэҕин барытын биллибит. Аты, табаны аан бастаан мииннибит. Мииниллэр таба уучах диэн. Киһиттэн олох куттамматтар, оттон көннөрү табалар куота сылдьаллар. Табаны араара үөрэннибит: тугут, тыһы, атыыр, буур. Тугут ахсаана үс сүүс этэ. Ат ыраах барбатын диэн атаҕын быанан баайаллар, ону хайдах оҥороллорун биллибит.
Бириһиэн балаакка туруорарга үөрэннибит. Ардах хоппотун диэн үрдүнэн эбии сабар этибит. Күн аайы уот оттуллар буолан, мастыыр этибит.Чугас сиртэн талах, мутук хомуйарбыт, улахан маһы ыраах Урал массыынанан баран аҕалбыппыт. Костровой диэн ааттанан кутаа уот умуллубатын диэн дьуһуурустубанан мас эбэ сылдьарбыт. Онон мас хайытар, уот оттор үөрүйэхтэри баһылаатыбыт.
Эбээн омугу кытта алтыһан, араас эбээн тылын биллибит, холобур, тэкэн – баһыыба, абдал тэкэн – улахан махтал, маамыкта о.д.а. интэриэһинэй тыллар.


Ыстаада айылҕата дьикти кэрэ көстүүлээх. Биһиги Мраморнай хайаны, Динозавр сымыыттарын көрдүбүт, тарыҥҥа сырыттыбыт.
Кыһыл балыгы аан бастаан хаптаран амсайдыбыт. Хаһан да сиэбэтэх аһылыктары боруобалаатыбыт, ол курдук, таба төбөтүн миинэ, мэйиитэ (силии курдук амтаннаах эбит), сиикэй быара, панты (саҥа үүммүт муос), таба иһэ — барыта сип-сибиэһэй, доруобуйаҕа туһалаах астар. Таба төбөтүн аҕыс чаас буһараллар эбит. Балыктан араас аһы амсайбыппыт: ууга буспут, ыһаарыламмыт, тууһаммыт, хатарыллыбыт хачымаас. Кыһыл балык тууһаммыта семга курдук буолар эбит.
Араас хамсыыр-харамай аттыбытыгар баара. Илья тыатааҕыны (эһэни) көрбүтэ. Ыраахтан иһиирбиппитигэр чугаһаабатаҕа, барбыта.


Ыстаадаҕа өссө барыаххыт дуо?
Эһиил барар санаалаахпыт, ыстааданы олус сөбүлээтибит. Кылааспыт уолун эбии илдьэ барыахпыт. Уон түөрт сааспытын туоллахпытына, онно сайыҥҥы кэмҥэ үлэлиир былааннаахпыт. Ыстаадаҕа сылдьар уол күүстээх, үлэһит, айылҕаҕа сыстаҕас буолар дии саныыбыт. “Олененок” лааҕырга биһигини салайан илдьэ сылдьыбыт дьоммутугар, Сааһыырга түспүт ыалларбытыгар умнуллубат сайыҥҥы күннэрбит иһин улахан махталбытын тиэрдэбит.
Маннык ыстаада туһунан кэпсииллэригэр уолаттар харахтара умайан олорбута. Сонун сиргэ сылдьан, дьиэлэрин ахтыбатахтарын билиммиттэрэ. Кинилэр ый иһигэр улаатан, киэҥ көрүүлэнэн, тыаҕа сылдьар үөрүйэхтэри баһылаан кэлбиттэрэ тута харахха быраҕыллыбыта. Оҕолор хотугу омук төрүт дьарыгар сыстан, аан айылҕа киэҥ далай үөрэҕин эттэринэн-хааннарынан биллэхтэрэ.
Кэнчээри ыччаты кыра эрдэҕиттэн айылҕаҕа сыһыардахха, тулалыыр эйгэни ордук харыстыыр буолар, төрөөбүт дойдуга таптала дириҥиир. Бары айылҕа оҕолоро буоллахпыт…

Татьяна Данилова