Оройуоҥҥа эрдэттэн куоластааһын саҕаланна. Хаһан да буоларын курдук, маҥнайгынан табаһыттар куоластаатылар. Ол курдук атырдьах ыйын 29 күнүттэн ыраах чиэски сытар сирдэринэн бөртөлүөт көттө. Манна территориальнайдааҕы быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Петр Гермогенов, Индигир нэһилиэгин 325 нүөмэрдээх учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйата уонна куоластааһын хаамыытын кэтээн көрөөччүлэр ыстаадаларынан сырыттылар.
Учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Туйаара Слепцова биһиэхэ иһитиннэрбитинэн, «Быыбар болдьоммут күн чопчу кэмигэр ыытылынна. «Полярные авиалинии» компания МИ-8 бөртөлүөтэ биир көтүүнэн ыраах чиэски сытар нэһилиэк үс ыстаадаларын барыларын эргийдэ.
Куоластааһын анал балааккаҕа бары быраабыланы толору тутуһан ыытылынна. Үс ыстаадаларынан барыта 16 быыбардааччы — «Бэркичэх» ыстаадатыгар (биригэдьиир Петр Потапов) биэс, «Кыҥырайдаах» ыстаадатыгар (биригэдьиир Альберт Терешкин) биэс уонна «Чыбааҕылаахха» (биригэдьиир Николай Слепцов) алта быыбардааччы куоластаатылар».
Санатар буоллахха, бу быыбарга быыбардааччылар биэс бүлүтүөнү толордулар.Кэтээн көрөөччүлэр эппиттэринэн, куоластааһын туох да кэһиллиитэ суох ыытылынна.
Манна даҕатан эттэххэ, таас хапчааннар быыстарынан сытар таба ыстаадаларыгар санаатах аайы сырыы кыаллыбат. Онон быыбар кэмигэр ыстаадаларга анал болдьоммут күннэргэ бөртөлүөт көтөрө ыраах чиэски олорор, үлэлиир табаһыттарга ураты, бырааһынньыкка тэҥнээх күн буолар. Кыһыннары-сайыннары аһаҕас халлаан анныгар ыарахан үлэҕэ сылдьар дьоҥҥо бөртөлүөт тыаһа күүтүүлээх-кэтэһиилээх. «Улахан сиртэн» кэлбит дьон сонуннарын истэн табаһыттар сэргэхсийэллэр, дьонноруттан кэһии тутан чахчы да дьоро күн буолар.
Куоластааһын салҕанан барар. Бөртөлүөт атырдьах ыйын 30 күнүгэр Соболоох нэһилиэгин «Тихон» ыстаадатыгар, онтон атырдьах ыйын 31 уонна балаҕан ыйын 1 күннэригэр Улахан Чыыстай уон ыстаадаларыгар уонна балаҕан ыйын 2 күнүгэр быйыл саас Чыбааҕылаах нэһилиэгэр саҥа тэриллибит ыстаадаҕа көтөрө былааннанар.
Муома оройуона» МТ пресс-киинэ.