…Халлааҥҥар күөрэгэй
Ырыата күөрэйэр,
Оттон мин сүрэхпэр
Ахтылҕан нүөлүйэр.
Салгынныын тэтэркэй
Сарсыарда тэмтэйэр.
Санаабар дьиэрэҥкэй
Сардаҥа дьэргэйэр.
Бу тоҕо кэрэтэй,
Күн сирэ күндүтэй…
(Сайа – Н.В.Михалёва)
Сэтинньи 17 күнүгэр Хонууга "Осикат" ЭКК М.Р. Скороходкина, С.Г. Сивцев ааттарын үйэтитэр “Ыллас миигин кытары…” дуэтынан ырыа күрэҕэ ыытылынна. Икки түһүмэхтээх кэнсиэри Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын
туйгуннара Алёна Корякина, Юрий Черов иилээн-саҕалаан ыыттылар. Кинилэр Мария Романовна Скороходкина,
Семён Гаврильевич Сивцев сыанаҕа элбэхтик ыллаабыт “Мичээрдэр” диэн биир дойдулаахпыт Гаврил Слепцов айбыт ырыатын ыллаан киирбиттэрин мустубут дьон олус биһирээтэ. Дьэ ол кэннэ, "Арчыына" ансаамбыл чороонноох үҥкүүтэ кэнсиэри арыйда. Сивцевтэр кыргыттара Саргылаана, Сандаара Г.Иванова – Айтыына Уран тылларыгар,
М.Федотова – Намыына матыыбыгар “Дьиэ кэргэн” ырыаны толорон, бу дьоһун тэрээһин сыалын-соругун арыйдылар.
Ырыа кэмигэр Сивцевтэр дьиэ кэргэн араас сылларга түспүт хаартыскалара көстө турбута мустубут дьону барытын
уйадытта, долгутта.
Балаһыанньа быһыытынан, күрэххэ 18-тан үөһэ саастаах дьон барыта аҕыс дуэт кытынна. Ол курдук, Индигиртэн
Екатерина, Сергей Коркиннар, Мария Шкулёва уонна Матрёна Никулина, Мария Корякина уонна Дария Черова
эҥээркэй ырыалара күрэҕи киэргэттэ. Хонууттан ырыаһыттар Роза Прибылых уонна Галина Чугунова, Франческа
Сметанина уонна Марат Петров, Сардаана Аргунова уонна Сахаайа Васильева, Лидия Неустроева уонна Василий
Аммосов, Василий Тихонов уонна Егор Старков кыттыыны ыллылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ И.Е. Дягилев – Муома
национальнай нэһилиэгин баһылыга; И.Н. Слепцова – Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арчы
дьиэтин салайааччыта; Н.И. Скоробогач – Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, искусство оскуолатын үрдүк
категориялаах учуутала; С.С. Старкова – Искусство оскуолатын фольклор кылааһын учуутала; Сивцевтэр кыргыттара
Саргылаана Сивцева, Сандаара Скороходкина үлэлээтилэр.
Мин санаабар, мааны-дьоһун дьон М.Р.Скороходкина, С.Г.Сивцев ааттарын үйэтитэр, дуэтынан ырыаны киэҥ эйгэҕэ
тарҕатар, саҥа талааннары арыйар күрэх сыала-соруга ситиһилиннэ. Кыргыттара Сандаара, Саргылаана сөбүлүүр
ырыаларын истиҥник толорон, көрөөччүлэр махталларын ыллылар. Бэлиэтээн эттэххэ, кэнсиэри Франческа
Сметанина академическай куолаһа, Марат Петров тыыннаах доҕуһуола олус киэргэттилэр. Толорооччулар бары да
ырыаны дьиҥ таптыыр, астынан туран толорор дьон буолан, күрэх таһыма үрдээтэ. Түмүк маннык буолла: Екатерина,
Сергей Коркиннар “Дойдуга таптал”, Мария Шкулёва уонна Матрёна Никулина «Ырыа – олох аргыһа», Роза Прибылых
уонна Галина Чугунова «Истиҥ иэйии», Сардаана Аргунова уонна Сахаайа Васильева “Нарын ырыа”, Франческа
Сметанина уонна Марат Петров “Чуор куолас” анал ааттарга тигистилэр. Мария Корякина уонна Дария Черова
дипломант, Василий Тихонов уонна Егор Старков лауреат үрдүк ааттарын сүктүлэр. Дьүүллүүр сүбэ биир санаанан,
МОО оскуолатыттан Лидия Неустроева уонна Василий Аммосов дуэттарыгар Гран-при анаата. Кыттааччыларга
барыларыгар харчынан бириэмийэ, сертификат, спонсордар ааттарыттан сыаналаах бэлэхтэр туттарылыннылар.
Түмүккэ, мустубут дьон бука бары Муома гимнин (Егор Буоратай тыллара, Семён Сивцев матыыба) ньиргиччи
ыллаатыбыт. Кэнсиэртэн тахсан иһэммит санаабытын үллэстэбит:
– Долгуйа күүппүт дьоро киэһэбит дьэ астык да астык!
– Олус да киһи дууһатын долгутар, кырдьык бииргэ ыллаһар күрэх буолла дии!
– Барыта тылынан эппэт этиллибэт, оһуобай! Куоласка арахсан ыллыыр этиллибэт бэлэмтэн, дьарыктан-үлэттэн
табыллар суол.
– Сценарий, режиссура таһымнаах. Сандааралаах Саргылана үчүгэйдик да ыллыыллар эбит дии! Ырыалара,
таҥастара, көстүүлэрэ, видео, үҥкүү … – барыта олус кэрэ!
– Арчы кыргыттара, хаһан да буоларын курдук, тэрээһини ситэрэн, киэргэтэн биэрдилэр.
– Ытыктыыр эдьиийдэрбит Евдокия Дмитриевна уонна Евдокия Николаевна нууччалаан эттэххэ “заткнули за пояс
все” диэххэ сөп. Холобур буолар бэтэрээннэрбитин ыга кууһан сыллыыбыт-ууруубут!
– Ирина Николаевна бырайыактара барыта ити курдук табыллан истиннэр! Өссө да саҥа, сэргэх кэнсиэр, күрэх
айыллыа диэн сэмээр күүтэбит буоллаҕа.
Тэрийээччилэр Сивцевтэр оҕолоро, кинилэр дьиэ кэргэттэрэ, Арчы дьиэтэ, “Осикат” ЭКК кырдьык да кыһаллан,
санааларын ууран бэлэмнэммиттэрэ көстөр. Биллэн турар, маннык үчүгэй тэрээһин элбэх сыра, сүүрүү-көтүү, өйүүр-
өйдүүр чугас аймах дьон түмсэн, сүбэлэһии тин-толкуйун түмүгэ буоллаҕа. Кэнсиэр түмүктэнэр кэмигэр Сандаара
Семёновна бары күүс-көмө буолбут дьонугар-аймахтарыгар Дьокуускай куоракка олорор аҕаларын бииргэ төрөөбүт
убайа Гаврил Гаврильевич Сивцев, балта Елена Егоровна Васильева, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, ийэлэрин
аймахтарыгар Хаҥаластан Сидоровтарга, Хонуу олохтоохторо Татьяна Григорьевна уонна Евгений Иванович
Дягилевтэргэ, спонсордарга Муома национальнай нэһилиэк дьаһалтатыгар, улуустааҕы култуура управлениятын
салаатыгар, "Осикат" ЭКК, Арчы дьиэтигэр, Муома национальнай парк тэрилтэтигэр, урбаанньыттарга, чуолаан С.С.
Фазульяноваҕа, В.И. Сокорутоваҕа, М.Н.Ивановка, О.А.Шкулёваҕа, Веранина, Вячеслав Тарабукиннарга –
барыларыгар чэгиэн доруобуйаны, үрдүк ситиһиилэри, дьолу-соргуну баҕаран туран истиҥник махтанна.
Бу маннык кэрэни түстүүр, сайдар кэскиллээх “Ыллас миигин кытары” күрэх өссө да ыытылла туруо, дьон-сэргэ
ырыа уран туругар кыттыһан долгуйуо-дьоллонуо, саҥа ааттар арылла туруохтара диэн бигэ эрэллээхпин.
Лена Гоголева