Үлэни өрө тутуу ыччаты үтүөҕэ угуйар

«Үлэ киһини киэргэтэр» диэн өс хоһооно бэрт да бэргэнник этиллибит. Киһи дьоло үлэҕэ буоларын оҕо эрдэхпиттэн
эппинэн-хааммынан билэн кэллэҕим.
Сэбиэскэй кэмҥэ оҕо сылдьан, октябренок, пионер, комсомол кэккэтигэр киирбитим, 1985 сылтан партияҕа киирэн,
күн бүгүҥҥэ диэри сылдьабын.
1970 сыллаахха онус кылааһы 40 оҕо бүтэрбиппит, тыа хаһаайыстыбатын производствотыгар үлэлии
тахсыбыппыт. «Оскуола-производство-үрдүк үөрэх» ыҥырыыны ылынан, комсомол путевкатынан үлэ араас
хайысхаларынан үлэлии барбыппыт.
Мин төрөөбүт нэһилиэкпэр сүөһү иитиитигэр үлэлээбитим. Нэһилиэккэ түөрт хотоҥҥо толору ынах сүөһү
иитэллэрэ. Субан сүөһүнү Хара Төҥүргэскэ уонна Тойон Уйалаахха туталлара. Мин Слепцова Риталыын сүүс
бороону, алта тыһы бургунаһы, көлүнэр икки оҕуһу көрөрбүт. Үлэлииргэ усулуобуйа ыарахан этэ. Аһатарга да,
уулатарга да харыыда суоҕа, ол иһин көөнньөрбөнү от үрдүгэр хойуу гынан оҥорон сиэтэрбит. Үлэ барыта илиинэн
толоруллара, хотоҥҥо оһох оттон көөнньөрбө оҥорорбут. Торбос сууккатааҕы эбиллиитин 300 гр. ситиһэн,
Дьокуускайдааҕы Бочуот дуоскатыгар тахсыбыппыт. Нэһилиэккэ 4 таба ыстаадата, үс сылгы, икки үүт табаарынай
фермалара үлэлээбиттэрэ. Олортон биирдиитэ ыччат комсомольскай биригээдэлэрэ этэ. Бары биир киһи курдук
дьаныардаахтык, күүстээхтик үлэлиирбит. Үрүйэ Төрдүн нэһилиэгэ чулуу утумнаах үлэһиттэрдээх буолан,
таһаарыылаах үлэтин түмүгүнэн көһөрүллэ сылдьар “Кыһыл знамяны” элбэхтик тутан хаалара.
Мин кыра эрдэхпиттэн ийэм, эдьиийдэрим фермаҕа үлэлиир буоланнар, ханнык да үлэҕэ ыарырҕаппат этим.
Төрөппүттэрбит биһигини үлэни өрө тута, чиэһинэй, дьоҥҥо сэргэҕэ эйэҕэс сыһыаннаах, төрөөбүт дойдуну
харыстыыр гына ииппиттэрэ.


Кэлин улаатан ыал буолан баран, мин кэргэммин кытта Егор Семенович Хабаровтыын үлэни өрө тутан,
оҕолорбутун үлэҕэ сыһыаран иитэн кэллибит.
Кэргэним Соболоох бөһүөлэгэр элбэх оҕолоох Анна Гаврильевна уонна Гаврил Тимофеевич Хабаровтарга төрдүс
оҕонон төрөөбүтэ. Аҕабыт үлэтин кэмин 1964 с. Магадан уобалаһыгар «Чалбаанньа» уонна «Андыгычаан» сопхуоска
таба ыстаадатыгар аҕатын кытта үлэтин табаһытынан саҕалаабыта. Сусумаан бөһүөлэгэр комсомолга киирбитэ,
сантехник, дизелист үөрэҕин бүтэрбитэ. 1969 сыллаахха Муомаҕа кэлэн станцияҕа дизелистээбитэ. 1979 с.
Дьокуускайга тракторист үөрэҕин бүтэрэн, 25 сыл устата эҥкилэ суох үтүө суобастаахтык сопхуос эстиэр диэри
тыраахтырга үлэлээбитэ. Сылайары-элэйэри билиммэккэ, сопхуос бараммат үлэтигэр түүннэри-күннэри сынньалаҥа
суох толору сылдьара. Үлэ араас көрүҥнэрин толорон, биэстии- алталыы көстөөх сирдэринэн таба, сылгы, ынах,
субан сүөһү, саһыл иитиитин фермаларыгар от-мас, комбикорм, бэрэбинэ тиэйиитигэр, дьон-сэргэ уйгулаах олоҕун
чэрдээх илиитинэн уһансыбыта. Ол сыралаах үлэтин түмүгүнэн, Правительство Ил Түмэниттэн элбэх хайҕабыл
грамоталардаах.
Биһиги дьиэ кэргэн элбэх оҕолоох ыал буолабыт. Оҕолорбут кыра эрдэхтэриттэн үлэ лааҕырдарыгар
сылдьыбыттара. Оччолорго оскуола дириэктэринэн, бары өттүнэн айылҕаттан ураты талааннаах салайааччы,
Николай Алексеевич Брызгалов үлэлиирэ. Оскуола агрохайысхалаах буолан, сибиинньэ, куурусса, сылгы, куруолук,
коза ииттэрэ, үс бааһынаҕа хортуоска, хаппыыста, моркуоп, сүбүөкүлэ, теплицаҕа оҕурсуу, помидор үүнэрэллэрэ. Ону
таһынан, араас куруһуоктарга, секцияларга сылдьан, булт мындырыгар, маһынан уһанарга, техникэҕэ, иистэнэргэ
уонна да элбэххэ үөрэнэллэрэ. «Тураахыйга» үрэх үрдүгэр аһыыр-суунар сирдээх, кладовкалардаах, бары өттүнэн
хааччыллыылаах тутуулардаах, оттуур ходуһалаах, үтүө мааны сиргэ икки квартиралаах дьиэ туттуллубута. Онно
олорон, өрүскэ сөтүөлээн, походтаан, балыктаан, хайаҕа тахсан, отонноон, от оттоон оҕолор сайыны көхтөөхтүк
атаараллара. Оҕону кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ сыһыаран иитии үчүгэй эрэ түмүктэрдээх буоллаҕа.
Кэлин оҕолорбутун кытта дьиэ кэргэн бэдэрээтинэн оттообуппут, былааммытын куруук толорор этибит. Ол саҕана
окко социалистическай куоталаһыы тэрийэллэрэ. Биһиги былааннарбытын толорон, сопхуос киин уһаайбатыттан алта
ыйдаах торбоһу, убаһа, атын тэрилтэлэртэн харчы бириэмийэ, миэбэл, мотоцикл, дружба эрбии уонна буран
пуондаларынан, бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыппыт. Нэһилиэккэ ыытыллар араас хайысхалаах
тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттарбыт. Мин бэтэрээн сэбиэтигэр 5 сыл ситиһиилээхтик үлэлээбитим. Үлэ бэтэрээнэбин,
«Индигир уоттара» хаһыат общественнай кэрэспэдьиэнэбин. Оҕолорбут бары октябренок, пионер, комсомол буолан
иитиллибиттэрэ.


Билигин олох уларыйан, биир хаһаайыстыбаҕа көмөлөөн ынах, сылгы, куурусса, кус иитэбит. Онно оҕолорбут,
сиэннэрбит көмөлөрө улахан.
2008 сылы Арассыыйа бэрэсидьиэнэ В.В. Путин Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ. Ол чэрчитинэн, төрөппүттэрбит
Анна Ивановна уонна Алексей Иванович Атласовтар 100 саастарыгар ааттарын үйэтитэн,  «Ийэ, аҕа уустарынан»
кинигэни бэчээттэппиппит. Өбүгэлэрбит, төрүттэрбит үлэлээн-хамнаан олорбут сирдэригэр, «Билиргэ» сайылыгы
сөргүтэн, ыһыах ыһан үтүө үгэһи олохтообуппут.
Биһиги оҕолорбутун, сиэннэрбитин кытта ыам ыйын 1 күнүн, окко киирии, дьыл бары кэмнэригэр аймахтарбытын
кытта көрсөр, илии тутуурдаах ыытар үтүө үгэстэрбитин тута сылдьабыт.
Педагогическай үлэ бэтэрээнэ М.Г. Сидорова көҕүлээһининэн, улууска "Ахтан-санаан ааһыаҕыҥ" телевизионнай
биэриигэ Муома оройуонугар аан бастакынан уһуллубуппут.
Бу тэрээһиннэри барытын тумус туттар, ытыктыыр эдьиийбит Акулина Алексеевна Атласова мындыр өйүнэн-
санаатынан, толкуйунан салайан тэрийбитэ, Аймахтары түмэн, үтүө үгэстэр быстыбакка көлүөнэттэн көлүөнэҕэ
тарҕанан иһиэхтээхтэрин тоһоҕолоон бэлиэтиирэ.
Олох олорон баран, кэнниҥ диэки эргиллэн көрдөххүнэ, 50 сыл бииргэ олоруу үөрүүтэ, суолтата, ситиһиитэ
сиэннэргэ көстөр эбит. Кэргэмминээн Егор Семеновиһы кытта 50 сыл бииргэ олорон, былырыын «Бигэ ыал» аатын
ыламмыт кинигэҕэ киирбиппит.
Оҕолорбут туспа ыал буолан, этэҥҥэ оҕолонон-урууланан олороллоруттан үөрэбит, онтон ордук төрөппүккэ дьол
суох.

А.А. Атласова — Харыстаана,
Буор Сыһыы.