Соболоох орто оскуолатын быйылгы сүрүн тэрээһиннэрэ дойдубутугар Дьиэ-кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Муома оройуонугар Аҕа сылыгар ананан ыытылыннылар.
Ол курдук, үөрэх сылын устата туйгун билиилээх,барытыгар көхтөөх бастыҥнар ааттара бэлиэтэннилэр,сыаналаах бириистэр туттарылыннылар:
1. Үөрэх бастыҥа,биир да көтүтүүтэ суох,үөрэххэ-үлэҕэ инники,тэтэрээтэ, дневнигэ мэлдьи толоруулаах,спортка ситиһиилээх,ырыаҕа-үҥкүүгэ бастыҥ, дьоҥҥо сыһыанынан,үтүө майгытынан «Сыл бастыҥ үөрэнээччитэ» аат 10 кылаас үөрэнээччитэ Хабарова Валерияҕа иҥэрилиннэ уонна оскуолатын аатыттан ноутбук туттарылынна.
2. «Сыл бастыҥ спортсмена» ааты үгүс күрэх кыайыылааҕа, оскуола выпускнига Шкулев Артур ылла уонна проектор бэлэх ананна.
3. «Үүнэн иһэр үтүө үлэһит» аат хаһаайына VI кылаас үөрэнээччитэ Хабаров Алеша буолла, киниэхэ балаакка бириис туттарылынна.
4. «Сыл устата биир да көтүтүүтэ суох» анал ааты Черова Айыллаана III кылаас, Азеева Алина II кылаас кыргыттара ааттанан үөрүүлэрэ үксээтэ.
5. Олус кичэллээхтик, ураты эппиэтинэстээхтик сыл устата дневниктэрин толорбут оҕолорунан Хабарова Валерия (X кыл.), Павлова Анжелина (VII кыл.), Черова Айыллаана (III кыл.) буоллулар, сэмэй бэлэх туттулар.
6. «Саамай эппиэтинэстээх» үөрэнээччинэн Павлова Анжелина (VII кыл) ааттанна.
7. «Бириэмэни сөпкө тутуһар (пунктуальная)» анал аат Сметанина Кираҕа (VIIкыл.) ананна.
8. «Уһулуччу эйэҕэс» диэн анал аат Игнатьева Лианаҕа (VIкыл.) тигистэ
9. «Саамай эйэлээх кылааһынан» VII кылаас оҕолоро ааттанан творческай набор бэлэх туттулар.
Маны таһынан тэрээһиннэргэ барытыгар көхтөөхтүк кыттар төрөппүттэр А.Г уонна В.М. Новгородовтар, Е.В уонна А.А.Черовтар, Г.А. Павлова, Э.Р уонна П.А. Березкиттар, С.Е. уонна В.Е. Леонтьевтар, А.В. уонна А.Г. Шкулевтар, А.А. Слепцова уонна Е.Н. Соркомов аатара ааттаннылар.
Соболоох нэһилиэгиттэн төрүттээх, биллэр-көстөр дьоммут сылын ахсын оскуолабыт выпускниктарыгар стипендия олохтууллара үөрдэр, үрдүккэ кынаттыыр. Ол курдук, СӨ үөрэҕиритиин туйгуна, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ – Августина Семеновна Хабарова анал стипендиятын Соркомова Регина, РФ бочуоттаах судьуйата Ирина Гаврильевна Билюкина анал стипендиятын Леонтьева Сандаара ыллылар. Анал стипендиялар сыл ахсын эбиллэн иһэллэрэ киһини үөрдэр уонна үтүө хамсааһын буоларыгар саарбахтаммат. Быйылгыттан олохтоммут РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ“Учууталлар учууталлара” анал бэлиэ туһааннааҕа, СӨ үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэхтээһин эйгэтин бэтэрээнэ, уйулҕа билимин хандьыдаата И.П. Хабаров анал стипендиятын чугас аймаҕа Л. Р. Игнатьева оскуоланы быйыл бүтэрэр Шкулев Артурга туттарда. Ону сэргэ, сыл түмүгүнэн оскуолабыт дириэктэрэ, РФ бочуоттаах үлэһитэ Старкова Р.Е. анал стипендиятын быйыл Соркомова Регинаҕа туттарда. Анал байыаннай операцияҕа сылдьан хорсуннук олоҕун толук уурбут Э.Р. Соркомов аатынан стипендияны эдьиийэ Берёзкина Э.Р. Соркомова Регинаҕа туттарда. Маны сэргэ, коллегабыт Игнатьева Л.Р. Леонтьева Сандаараҕа, Соркомова Регинаҕа, олохтоох модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ Хабарова С.В. Шкулев Артурга сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Учууталлар Н. В. Слепцов, А.В. Старков үөрэх сылын түмүктээн эмиэ тус стипендияларын анаатылар.Коллегаларбыт оҕолорбутугар санааларын көтөҕөр, көҕүлүүр, үтүөҕэ тардар бачыымнара өссө үрдээн иһиэхтин.Ариан Васильевич анал стипендиятын Шкулев Артурга, Николай Васильевич быйылгыттан олохтообут «Эдэр кэскиллээх тыа сирин үлэһитэ» анал ааты 3 уолга: Азеев Артемҥа IV кыл, Хабаров Алешаҕа VI кыл, Старков Родиоҥҥа VII кыл. анаата!
Оскуола олоҕор сылын ахсын бастыҥнары бэлиэтээһин түмүгүнэн "Бастыҥ педагог" ааты алын кылаас учуутала Шкулева А.В. сүктэ уонна сахалыы симэх наборунан наҕараадаланна,оннук бэлэҕинэн оройуоҥҥа «Бастыҥ кылаас салайааччыта» аат хаһаайката буолбут VI кылааһы салайар Сокорутова А.А. бэлиэтэннэ. “Саамай бастыҥ МО
салайааччыта» физика, информатика учуутала Игнатьева О.Н буолла.
Үөрэх сылын түмүгүнэн «Идэ бастыҥа» аат дириэктэр сүбэһитигэр Сизых И.Э. иҥэрилиннэ, киниэхэ персональнай компьютер туттарылынна. «Үлэтигэр бастыҥ» производственнай үөрэхтээһин маастара, эдэр үлэһит Колесов Нь.П. буолла, киниэхэ күлүүс набора туттарылынна. Оскуола саамай туллар тутаах үлэһиттэригэр «Бастыҥ дьоҕус коллективынан» ааттаммыт остолобуойбут үлэһиттэригэр амтаннаах астара өссө да дэлэйдик бустун диэн хобордоох туттарылынна. Ону тэҥэ, үөрэх бастыҥнарыгар, активистарбытыгар барыларыгар бириис арааһа көрүлүннэ. Кылаас салайааччылара араас таһымнаах НПК, күрэх кыттааччыларыгар туоһу суруктары,бэлэхтэри туттардылар.
Оҕолорбут дуоһуйа сынньанан, улаатан, араас дойдуну көрөн, тыа олоҕун үлэтигэр эриллэн, күһүн балаҕан ыйыгар оскуолаларын боруогун атыллыахтара. Үөрэппит учууталлара, иитээччилэр, үлэһиттэр бары оҕолорго үтүөнү баҕара хааллылар.
О.Н. Игнатьева, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы, СОО.