Үөрэҕи, үйэлээҕи тарҕатар аналлаах

… Бааллар бэйэлэрин кэннилэриттэн өлбөт-сүппэт, ааттара умнуллубат, дьон өйүгэр-сүрэҕэр куруутун тыыннаах дьон. Биир оннук киһинэн биһиги оройуоммутугар барбытын кэннэ аата ахтылла турар РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин систиэмэтин Бочуоттаах бэтэрээнэ, Учууталлар учууталлара, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, уйулҕа билимин кандидата Иосиф Петрович Хабаров буолар. Бу улахан Учууталы өйдүүллэр кини үөрэнээччилэрэ, бииргэ үлэлээбит кэлиэгэлэрэ, алтыспыт дьоно-сэргэтэ.

Кулун тутар 19 күнүгэр Муома орто оскуолатыгар киниэхэ анаммыт «Иосиф Петрович Хабаров педагогическай поэмата» кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Улахан Учууталга анаммыт тэрээһин оруобуна кини төрөөбүт күнүгэр сөп түбэспитэ мустубут дьону долгутта. Оруобуна бу күн Иосиф Петрович баара буоллар, 70 сааһын туолуо эбит.

Тэрийээччилэр — Муома орто оскуолатын кэлэктиибэ Иосиф Петрович тэрээһиннэри бэйэтэ ыытарыныы, бэркэ толкуйдаан сатабыллаахтык тэрийэн ыыттылар. Ол курдук, Иосиф Петрович дьоһун олоҕун, айымньылаах үлэтин барытын иилии хабан кабинеттарынан — «станцияларынан айан» курдук көрдөрбүттэрэ олус сэргэх, сонун буолла. Манна учууталлар Иосиф Петрович киһи, учуутал, салайааччы, учуонай, айанньыт, кэрэни кэрэхсиир эстет, коллекционер быһыытынан кини олоҕун, үлэтин кэрчиктэриттэн көрдөрбүттэрин, кэпсээбиттэрин мустубут дьон олус интэриэһиргээтилэр. Иосиф Петрович аттыбытыгар баарын курдук санаан ыллыбыт. Холобура, «Айан өйбүт ыырын кэҥэтэр» бастакы станцияҕа Людмила Алексеевна, Лидия Серафимовна Иосиф Петрович сылдьыбыт сирдэрин-дойдуларын глобуска бэлиэтээн, паапкаларынан наардаан кичэллээхтик хараллыбыт путеводителлэри, каарталары, авиабилиэттэрин көрдөрдүлэр, айаннарын-сырыыларын туһунан олус кэрэхсэбиллээхтик кэпсээтилэр. Манна кини айаҥҥа кэппит таҥаһа, илдьэ сылдьыбыт чымадааннара көрдөрүүгэ туруоруллубуттара дьон болҕомтотун тарта. Ити курдук сэттэ «станцияҕа» барытыгар кэрийэ сылдьан бу да киэһэ билиибитин хаҥаттыбыт, үгүс саҥаны, сонуну биллибит.

Кинигэ сүрэхтэниитин иккис чааһыгар итии чэйдээх сандалы остуол тула олорон үтүөкэн киһи, учуутал, учуонай, тэрийээччи, төрүччүнү үөрэтээччи туһунан дьон өссө төгүл ахтан-санаан, махтанан аастылар. Манна кэлбит дьоҥҥо хас биирдиибитигэр Иосиф Петрович киһи уонна учуутал быһыытынан бэйэтин билиитин үллэстэн, кимиэхэ — ылыннарыылаах тылынан, кимиэхэ — үтүө санаатынан көмөлөспүт да түгэннэрэ элбэҕэ сөхтөрдө. «Үтүө киһи аата үс үйэҕэ ааттанар» дииллэринии, Иосиф Петрович туһунан биир дойдулаахтара өргө диэри өйдүү-саныы сылдьыахтара.

Кинигэ 480 страницалаах халыҥ тастаах, тупсаҕай оҥоһуулаах. Учуутал, учуонай бүтүн олоҕо, үлэтэ түөрт түһүмэҕинэн араарыллыбыт. Кинигэҕэ дьон ахтыылара, хаартыскалар, Иосиф Петрович методист, салайааччы быһыытынан үлэтин былааннара, дакылааттара, уһун сыллар усталарын тухары үөрэппит төрүччүлэрэ, учуонай быһыытынан научнай чинчийиилэрэ, тэрийээччи быһыытынан улахан тэрээһиннэр сценарийдара хомуллан киирбиттэр. Куар-кодунан киирэн видеоустуулары көрүөххэ сөп.

Бу үйэлээх таһаарыыны Иосиф Петрович хаан-уруу балта Любовь Реворьевна Игнатьева оҥорон таһаартарда. Кини бу курдук кэпсиир:
— Убайым үлэлэрэ, хаартыскалара дьиэтигэр бэйэтин архыыбыгар кичэллээхтик сааһыланан, чөкө харалла сытар буолан хайдах эрэ бэлэмнээн кэбиспит курдук хомуйарга чэпчэки этэ. Онон баар матырыйааллары биир ситимнээн бэлэмнээһин эрэ наада этэ. Арай оройуон хаһыатыгар араас сылларга тахсыбыт суруйууларын эрэ көрдүүргэ бириэмэ барбыта.
Биһиги аймах тумус туттар киһибит — убайым олохтон туораабытын кэннэ кини аатын үйэтитээри кинигэ таһаартарбыт киһи диэн саараҥалыы сырыттахпына, Муома орто оскуолатын түмэлин салайааччыта Антонина Ильинична Никулина «Кинигэ олох хайаан да тахсыан наада» диэбитигэр үргүлдьү саҕалаабытым. Бастаан ахтыылары хомуйан испитим, онтон оннук буоллаҕына хайдах эрэ итэҕэс курдук дии санааммын туох баар үлэлэрин барытын киллэрэргэ санаммытым. Инньэ гынан силигин ситэрэн түөрт түһүмэхтээх кинигэ таҕыста.

Ааптар быһыытынан бэйэм астынным, сыл иһигэр маннык үчүгэй кинигэ бэчээттэнэн, таҥыллан күн сирин көрдө.
Бу кинигэ күн сирин көрбүтүгэр махтаныахпын баҕарабын Иосиф Петрович уһуннук үлэлээбит кэлэктииптэригэр — Муома орто уонна Н.С.Тарабукин аатынан Улахан Чыыстай орто оскуолаларыгар. Ордук чуолаан эдэр кэлиэгэтэ Василина Васильевна Тихоноваҕа туһаайан хаһыат нөҥүө өссө төгүл махтаныахпын баҕарабын. Бу бүгүҥҥү презентациятын эмиэ оскуолата тэрийэн ыытта. Иосиф Петрович «стилинэн» барытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ толкуйдаан тэрийбиттэрэ олус табылынна.


Биллэн турар, кинигэ таһаартарыы үгүс үлэни, сыраны, үбү-харчыны эрэйэр. Онон биһиги, Муома оройуонун олохтоохторо, оройуон үөрэҕириитигэр дьоһун кылаатын киллэрбит киһи сүҥкэн оруолун өйдөөн туран кинигэ ааптарыгар, үбүлээн таһаартарбыт дьоҥҥо, тэрилтэлэргэ барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Кинигэ сүрэхтэниитэ сырдык курус тыыннаах ааста. Сырдык — Учуутал барбытын да кэннэ сырдыгы үйэлээҕи тарҕата сылдьарыттан. Курус — биһиги ортобутугар билигин суоҕа…

Иосиф Петрович дьиҥнээх патриот этэ. Научнай степеннээх үлэһит киин сиргэ ханна баҕарар талбыт үөрэх кыһатыгар үлэлиэн сөбө. Ол эрэн Иосиф Петрович төрөөбүт оройуонугар талаһан кэлбитэ, ыраах хоту оройуон ыччата үөрэхтээх, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, олоххо ситиһиилээх, төрөөбүт төрүт тылынан ыраастык саҥарар, төрдүн-ууһун, төрүччүтүн билэр дьон буолалларын туһугар үлэлээбитэ. Үөрэҕи, сырдыгы, үйэлээҕи тарҕатан олоҕун сүрүн соруга оҥостубута. Күн ахсын, үөрэх сылын устата, уонунан сыллар тухары кини хоту оройуоҥҥа үөрэҕирии сайдарын туһугар үлэлээбитэ. Доруобуйатын толук ууран туран олоҕун бүтүннүү Оскуолаҕа анаабыта.

Үлэнэн эрэ олорбут киһи, учуутал, учуонай туһунан бу дьоһун суолталаах кинигэ эдэр педагогтарга — учууталларга, иитэччилэргэ хайдах курдук биирдэ бэриллэр Олоххо талан ылбыт Идэҕэ бэриниилээхтик үлэлиэххэ сөбүн көрдөрөр холобур буолан суолларын ыйа-сырдата туруоҕа.

Валентина Старостина