Билигин сайыҥҥы ылааҥы күннэргэ дэриэбинэ иһэ уу-чуумпу буолар. Оҕолор хаамаллара көстүбэт, үлэтигэр ыксаабыт киһи аҕыйыыр. Нэһилиэк саамай элбэх киһилээх үөрэҕирии тэрилтэлэригэр аҕыйах үлэһит хаалан, өрөмүөн, бэлэмнэнии үлэтин ыытар. Оскуола үөрэнээччилэрин сайыҥҥы сынньалаҥнара салҕанар, учууталлар, иитээччилэр уоппускаҕа олороллор.
Ол эрээри оҕону бары өттүнэн сайыннарар аналлаах педагог уоппускатын да кэмигэр өйүн сытыылыыр, билиитин дириҥэтэр, сыллааҕы үлэтин ырытан саҥа санааларын иитиэхтиир, араас бырайыактарга кыттар.
Сайыҥҥы кэмҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн педагогическай дьаарбаҥка араас оройуоҥҥа сылын аайы ыытыллар. Үөрэҕирии үлэһиттэрэ бу киэҥ хабааннаах тэрээһиҥҥэ анаан бэлэмнэнэн оҕону иитэр-үөрэтэр уопуттарын тарҕата, саҥа сонуну көрө-истэ көхтөөхтүк кытталлар. Муома оройуонун оскуолаларыттан урут даҕаны биирдиилээн иитээччилэр, учууталлар ярмаркаҕа үлэлэрин сырдаппыттара, билиилэрин хаҥаппыттара.
Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн “Сельская школа&Образовательная марка” педагогическай дьаарбаҥка тэриллибитэ үбүлүөйдээх сыла бэлиэтэннэ. От ыйын 8-10 күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Майа сэлиэнньэтигэр Ураһалаах диэн сиргэ“Школа в социокультурном измерении” диэн тиэмэнэн XX өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥка киэҥ далааһыннаахтык ыытылынна. Манна 4000 киһи араас оройуонтан кыттыыны ылла. Үөрэҕирии салаатын үлэһиттэрэ эрэ буолбакка, оҕо сайдыытыгар интэриэстээх араас тэрилтэлэр, биирдиилээн дьон тэрээһиҥҥэ кыттыспыттар.
Үбүлүөйдээх дьаарбаҥкаҕа Муома орто оскуолатын салалтата уонна учууталлара, үөрэҕирии управлениетын специалиһа Жиркова Е.М. ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр. Муома орто оскуолатын директора Василина Тихонова айымньылаах сырыы туһунан сиһилии кэпсээтэ:
— Биһиги оскуолаттан 8 буолан дьаарбаҥкаҕа кытынныбыт: бэйэм, иитэр үлэҕэ солбуйааччым А.М.Слепцова, иитэр үлэҕэ сүбэһитим А.Е.Орлова, социальнай педагог И.П. Софронова, саха тылын уонна литературатын учуутала С.Е.Винокурова, кылаас салайааччыларын быһыытынан учууталлар А.И.Корякина, А.П.Ефимова, К.И.Неустроева.Биһиги икки былаһааккаҕа кыттар сыаллаах барбыппыт.
Былырыын саха оҕотун сайыннарар “Эркээйи эргиирэ” пилотнай бырайыакка киирэн, бу хайысхаҕа кыттарга анаан бэлэмнэнэн тэриммиппит. “Эркээйи эргиирэ” былаһааккаҕа бэйэ уопутун, “Эркин” анал бырайыагы, оҕо утумнаах иитиитин туһунан Саргылаана Евгеньевна Винокурова, Акулина Ивановна Корякина, “Чуораанчык” уһуйаан төрөппүтүн быһыытынан Ирина Петровна Софронова ситиһиилээхтик көмүскээбиттэрэ. Бу хайысхаҕа 50-ча тэрилтэ кыттыбытыттан Муома орто оскуолата 10 бастыҥнар кэккэлэригэр киирдилэр уонна үлэлэспит педагогтар добун суругунан наҕараадаланнылар.
Иккис былаһааккабыт – “Лучший штаб воспитательной работы” өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү-күрэх. Манна ирдэбилинэн биэс киһилээх хамаанда кэлэр диэн этэ, ол оскуола директора, иитэр үлэҕэ саабыс, сүбэһит, кылаас салайааччыта, “Бастыҥнар хамсааһыннарын” бэрэстэбиитэлэ. Ол ирдэбили тутуһан биһигиттэн мин, Анна Матвеевна Слепцова, Анастасия Егоровна Орлова, Анна Петровна Ефимова уонна Кэскилээнэ Игнатовна Неустроева буолан ситиһиилээхтик кытынныбыт. Уопсайа 12 хамаанда баара. Күрэх түөрт түһүмэхтээх этэ: бэйэни билиһиннэрии, бөлөҕүнэн арахсан бырайыак көмүскээһинэ уонна кылаас чааһын ыытыы, квест-оонньуу, айар күрэх – баһаатайдар ырыалара. Көрүү-күрэх түмүгүнэн биһиги хамаандабыт “Бастыҥнар хамсааһыннара” өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо хамсааһынын анал бирииһэ” дипломунан бэлиэтэннибит. Онон оскуолабыт үлэһиттэрэ үрдүк ситиһиилээхтик кытынныбыт, сыалбытын ситиһэн кэллибит диэн түмүк санааҕа кэлиэххэ сөп.
Педагогическай дьаарбаҥкаҕа сырыыбыт туһунан уопсайынан сырдаттахха, маҥнай үс күн хонорго анаан тэринэн бэйэбит суолга туруммуппут. Айаммыт олус үчүгэйдик табыллыбыта. Ураһалаах диэн сиргэ Тараҕай нэһилиэгин Р.А.Бурнашев аатынан Табаҕа орто оскуолатын үлэһиттэрэ алгыс тыллаах, астаах-үөллээх сылаастык көрсүбүттэрэ. Бу сиргэ олус элбэх кэрэ көстүүлээх Мэҥэ Хаҥалас нэһилиэктэрин аайы анал ураһалар тураллар эбит. Биһигини, “Айар” кинигэ бэчээтин тэрилтэтин уонна педагогическай колледжтары биир ураһаҕа олохтообуттара. Онтон ураты хас биирдии тэрилтэ бэйэтэ туспа балааккалаах кэлбитэ, онно хонон-өрөөн айымньылаах үлэҕэ ылсан барбыппыт.
Дьаарбаҥка арыллыыта олус интэриэһинэй этэ. Манна оройуон былааҕын тутан аттаах киһи (Манчаары уобараһа) ойутан киирбитэ, ол кэннэ тэрилтэлэр парадтара саҕаламмыта. Элбэх нэһилиэнньэлээх чугас улуус оскуолалара ахсааннарынан быдан баһыйар этилэр, холобур, чурапчылар 120, уус алданнар 100-чэ киһилээх делегация буолан кэлбиттэр. Педагогическай дьаарбаҥка устата араас маастар-кылаастар, бырайыак көмүскээһинэ, төгүрүк остуоллар, уопут атастаһыы, иис-уус түһүлгэлэрэ, ырыа-үҥкүү кэнсиэрэ, сынньалаҥ киэһэ ыытыллыбыттара. Уопсайа 27 былаһаакка, 20-чэ куонкурус, 30-ча төгүрүк остуоллар, дискуссия былаһааккалара, педагог идэтин таһымын үрдэтэр куурустар уонна да атын араас тэрээһин элбэх этэ. Кэлбит дьоҥҥо ас-үөл атыыта, ыраас уу, суунар сир, киһи наадыйара барыта баара, бырдах олох суоҕа (эмтээбиттэр), олохтоох дьон киэҥ түһүлгэни тута хомуйа-ыраастыы сылдьыбыта харахха быраҕыллара. Мэҥэ Хаҥаластар хас биирдии кэлбит ыалдьыкка анал бэлэх биэрбиттэрэ: шоппер суумка, бэйэлэрэ тикпит олбохторо, күнтэн, ардахтан хаххалыыр зонтик. Оройуон дьоно саба түһэн анаан бэлэмнэммиттэр.
Биһиги Елена Михайловна Жирковалыын “Арктика оскуолалара” былаһааккаҕа “Якутия” авиакомпания уонна “Сосновый бор” оҕо сынньанар киинин кыттыылаах “Крылья Якутии” бырайыак туһунан кэпсэппиппит. Манна улуус оскуолаларын дириэктэрдэрэ, үлэһиттэрэ уонна авиационнай колледж кыттыыны ылбыттара. Бу сонун бырайыак ис хоһооно — Арктика оскуолаларыттан доруобуйаларынан хапсар 13 уолу-кыыһы авиационнай хайысхалаах целевой үөрэххэ ылыы, Арктикаҕа аналлаах пилоттары үөрэтэн таһаарыы. Техническай хайысхалаах 10-с кылаастартан талыллыбыт оҕолорго анаан алтынньыга “Сосновай борга”смена оҥорор санаалаахтар. Биһиги Е.М.Жирковалыын өссө СӨ үөрэҕириитин уонна наукатын министрин Н.А.Соколованы кытта төгүрүк остуол тула олорон үөрэхтээһин үбүлээһинин, сүрүн кыһалҕаларын кэпсэттибит.
Дьаарбаҥкаҕа хотулартан Анаабыр, Өлөөн, Абый, Орто Халыма, Аллараа Халыма, Муома оройуоннара кытыннылар. Тэрээһиҥҥэ Муомалартан В.А.Фазульянова, К.В.Слепцова, Т.Г.Софронова көхтөөх кыттыыны ыла сылдьаллара. Биһиги Ирина Петровнабыт оҥорбут кус түүтүттэн сапсыыката дьон интэриэһин олус тарта. Итинник матырыйаалтан оҥоһуллар сапсыыка сэдэх быһылаах.
XX өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥка үрдүк таһымнаахтык ааста. Манна оройуон, нэһилиэк баһылыктара, Ил Түмэн депутаттара, Үөрэҕирии министерствотын үлэһиттэрэ, ИРОиПК о.д.а. үрдүк дуоһунастаах дьон кытынна. Эһиилги педагогическай дьаарбаҥка Уус Алдаҥҥа ыытыллар диэн былааҥҥа киирдэ.
Татьяна Данилова