Учууталларбар махталым

Киhи сааhыран истэҕин аайы бииргэ алтыспыт доҕотторун, үөрэппит учууталларын, үлэҕэ-олоххо үөрэппит дьоннорун элбэхтэ ахтар-саныыр буолан иhэр эбит. Быйыл дьиэ кэргэн сылыгар, үөрэммит оскуолабыт 95 сыллаах үбүлүөйүнэн уонна биhиги тэрилтэбит 15 сылыгар анаан Муомаҕа олорор биир биллэр-көстөр, киhи-аймах барыта убаастыыр дьиэ кэргэнин Антонина Ильинична уонна Алексей Алексеевич Никулиннар тустарынан махталынан ахтан ааhыахпын баҕарабын.
Антонина Ильиничнаны биhиги көлүөнэттэн саҕалаан билиҥҥи оскуолаҕа үөрэнэ сылдьар оҕолорго диэри бары билэбит, убаастыыбыт уонна кини хайдахтаах курдук оройуоҥҥа улахан өҥөлөөҕүн умнуо суохтаахпыт. Кини биhигини үөрэххэ эрэ такайбатаҕа, бу олоххо хайдах суолу тутуhарга бэйэтин көрүүлэрин биэрбитэ. Кини уостубат «энергията»,сыралаах үлэтэ төhөлөөх элбэх оҕоҕо үтүө санаанан бэриллибитэ буолуой? Аны,бу билигин тута сылдьар, оскуола түмэлэ хайдахтаах курдук үчүгэйий!Манна сылдьыбыт киhи оскуолаҕа үөрэммит сылларын санаан-ахтан уйадыйан ылар. Ити түмэлгэ хомуллубут экспонаттар, альбомнар, видеосюжеттар — барыта төһөлөөх элбэх сыранан оҥоһуллубуттара буолуой? Киирбит эрэ киhи тута көрөр- хайдах курдук кини ис дууhатын ууран туран үлэлиирин. Онон биhиги бары Антонина Ильиничнаҕа ити үлэтин иhин улаханнык махтаныах тустаахпыт уонна биһиги оскуолабыт түмэлэ сайда-кэҥии, кэлэр да көлүөнэлэргэ туhалыы турарыгар баҕарабыт.
Аны мин сиһилии тохтуом этэ кини олоҕун аргыhыгар. Ааспыт үйэ 70-с сылларын ортотугар оскуолаҕа «Машиноведение» диэн биридимиэти киллэрбиттэрэ. Бастакы сылларга Дебелев А.П. диэн нуучча киhитэ үлэлээбитэ, онтон 1976 сылтан Алексей Алексеевич, Магаданнааҕы политехникуму бүтэрэн кэлэн, оччотооҕу оскуола директора Е.Е. Соркомов ыҥыран «мастер производственного обучения» диэн үлэҕэ киирбит. Ити сылларга улахан кылаас оҕолорун барытын массыына теориятыгар үөрэтэ сылдьыбыттар, кыргыттары эмиэ. Онтон тыраахтары үөрэтэргэ көhөннөр уолаттар эрэ уруоктара буолбута.
Биhиги эмиэ 9-10 кылааска теорияны-практиканы барытын ааhан, син техниканы билэр буолбуппут. Анал экзамен туттаран, сорохтор права ылан билигин да тракториhынан үлэлии сылдьалларыгар Алексей Алексеевичка махтаналлар. Сайынын Кумах Сыhыыга үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар айылҕаҕа оҕолор дьонноруттан тэйэн олорон, от ыарахан үлэтигэр кини салалтатынан үөрэммиттэрэ, такайыллыбыттара. Хас биирдии киһи олоҕор саамай дьоллоох кэмэ-оҕо сааһа, оскуолаҕа үөрэммит сыллара уонна үөрэппит учууталлара. Биһиги, ааспыт үйэ 80-сыллардааҕы выпусниктара, көрсө түстэрбит эрэ, куруук учууталларбытын, Кумах Сыһыы лааҕырын ахтан-санаан ааһабыт. Оҕо эрдэхпититтэн үлэҕэ такайыллан улаатан, оройуоммут сайдарын туһугар үлэлии сылдьарбытыгар кинилэргэ махталбыт кэмэ суох.
Алексей Алексеевич оскуолаҕа үлэлии сылдьан кэтэхтэн СГУ педагогическай институтун индустриальнай салаатын бүтэрэн олоҕун 18 сыллаах кэрдииhин оҕолору үлэҕэ үөрэтиигэ анаабыта. Оскуола кэнниттэн араас үлэни кыайа тутан таhаарыылаахтык үлэлээн кэлтэ. Ол курдук түөрт сыл УПО ЖКХ-аҕа механигынан, онтон алта сыл Муоматааҕы оройуоннай суут бастакы администраторынан, биэс сыл ГИМС-ка технигынан. Ити кэмнэргэ оройуоммутугар 2009 сыллаахха биhиги тэрилтэбит тэриллиитигэр Алексей Алексеевич хамнаhа суох «отдел кадров» буолбута диэххэ сеп. Дьону үчүгэйдик билэр буолан үөрэппит оҕолорун бу эппиэттээх үлэҕэ мэктиэлээбитэ. Кини сүбэтинэн-ыйыытынан Абыйдааҕы нефтебаза салалтата, билигин үлэлии сылдьар кэлэктиип сүрүн үлэhиттэрин анаабыта. Онтон эбийиэкпит тутуута саҕаланыытыгар туттуллар мала-сала кини илиитигэр киирэн болҕомтолоохтук учуоттанан, хас ымпыга-чымпыга барыта сурукка-тэтэрээккэ тиhиллэн, суоттанан, кичэллээхтик эбийиэк тутуллуор дылы харайыллыбыта. Онтон тэрилтэҕэ охранник эбээһинэһигэр киирэн, наставник быhыытынан сүбэтэ үлэлиирин тухары барыбытыгар олус көмөлеспүтэ. Онон Алексей Алексеевич биhиги тэрилтэбит тэриллиитигэр, олоххо киириитигэр өҥөтө улахан, ол иhин мин киниэхэ, учууталбар, наставникпар махталым муҥура суох.
Биһиги күннээҕи олохпут уостубат түбүгэр сылдьаммыт да, үтүө дьон олоҕун, кинилэр уопуттарын атастаһан, үлэҕэ-дьарыкка холобур оҥостуохтаахпыт. Бу биһиги ытык иэспит диэтэхпинэ да сыыһа эппэтим буолуо. Антонина Ильинична уонна Алексей Алексеевич дьиэ кэргэнин үөрэммит оскуолабыт тэриллибитэ 95 үбүлүөйдээх сылынан итиитик-истинник, ис сурэхпиттэн эҕэрдэлээн туран, баҕарыам этэ: саха алмааһыныы кытаанах доруобуйаны, оҕолоргут, сиэннэргит сылаас сыһыаннарыгар угуттанан өссө да уһуннук дьоллоохтук сылдьыҥ, үтүө-мааны дьоммут! Бу манан сылыктаан, мин оройуон обществоннаһыгар этии киллэриэм этэ: аҕам саастаах, улахан уоппуттаах дьоммут олоххо көрүүлэрэ киэҥ-куоҥ, ону биһиги туһанан, саарбахтыыр түгэннэрбитигэр сүбэ-ама ылар, сөптөөх быһаарыныыга тиийэргэ, оройуоҥҥа кырдьаҕастар Ытык сүбэлэрин саҥалыы тэрийиэххэ, үлэтин сөргүтүөххэ наада эбит диэн. Биир дойдулаахтарым бу этиибин быһа гыммакка өйүөхтэрэ диэн эрэнэбин!

Ефимов П.П., Муома нефтескладын салайааччыта

Читайте дальше