Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө акциялар салҕанан бараллар. Ол курдук, Чуумпу Кытыл бөһүөлэгин кэрэ аҥаардара дьайыыга сылдьар
уолаттарбытыгар анаан кээнчэ, куллуку тиктилэр. Уопсайа 30 устуука тигилиннэ, ону таһынан олохтоохтор араас сылаас таҥас биэрдилэр. Төбүлэхтэр ыраах сытабыт диэбэккэ, оройуоҥҥа ыытыллар акцияларга кыттыыны ылаллара барыбытыгар үтүө холобур буолар. «Бары бииргэ Кыайыы туһугар» девизтээх тэрээһиннэри Төбүлэх нэһилиэгэр дьахталлар хамсааһыннарын активиһа Марина Эверстова сүрүннүүр.
Өрүүтүн даҕаны түмсүүлээх буолуоҕуҥ!