Киһи үчүгэйгэ түргэнник үөрэнэр айылгылаах. Ол сиэринэн, олорор-үлэлиир бөһүөлэккэр сууллаары турбут мас оскуола оннугар таас дыбарыас тутуллубутун эбэтэр ооҕуй оҕус батыллар уулуссата аспаалламмытын умна охсон, өрүү баарын курдук саныыгын. Хата, туораттан туох барыта ырылхайдык көстөрүнүү, ыалдьыттарбыт Саха сирин тутуу былаһааккатыгар холуулларын үгүстүк истэбит. Онуоха сайдыы өттүгэр уларыйыы куораттарга, улуустар кииннэригэр эрэ буолбакка, ханнык баҕарар уһук нэһилиэккэ тиийэ тэнийбитин мэлдьэһиэххэ сатаммат.
Ону маннык чахчыларынан чиҥэтэн биэрэбит: кэлиҥҥи биэс сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ 274 социальнай суолталаах эбийиэк тутуллан киирдэ. Мантан оскуолата – 48 (10 241 миэстэлээх), уһуйаана – 72 (8 685 оҕо сылдьар), балыыһата уонна амбулаторията – 66, култуура-сынньалаҥ дьиэтэ – 45, успуорт уонна физкултуура эбийиэгэ – 34 (о.и. 10 – успуорт саалата, 13 – элбэх хайысхалаах комплекс, 3 – стадион, 4 – ипподром). Тэтим өссө күүһүрэр: сыччах быйыл 20 оскуоланы, 5 уһуйааны, 14 култуура дьиэтин, 24 балыыһаны, амбулаторияны, барыта 72 социальнай эбийиэги тутуу түмүктэниэҕэ.
Ити кэм устатыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2,8 мөл. кв. м иэннээх олорор дьиэ тутулунна. 25 тыһ. тахса олохтооҕо эргэ, хаарбах дьиэттэн саҥаҕа көстө. Ону таһынан чэпчэтиинэн туһанар араҥаҕа киирсэр 5,5 тыһ. киһи (дьиэ кэргэн) олорор усулуобуйатын тупсарда. Барыта 5 765 дьиэ гаас оттук уонна 6 606 дьиэ кииннэммит ититии ситимнэригэр холбоннулар. Быйыл 650 тыһ. кв. м иэннээх олорор дьиэ тутуллуо, 5,2 тыһ. киһи хаарбах дьиэттэн көһүө, 600 ыал олорор усулуобуйатын тупсарыа, 2 тыһ. тахса дьиэ гаас уонна 1 тыһ. дьиэ кииннэммит ититии ситимнэригэр холбонуохтара.
Нэһилиэнньэтин ахсааныгар таһаардахха, дойду үрдүнэн маннык сөҕүмэр кээмэйдээх тутуу ханна даҕаны суох. Ол даҕаны иһин, Саха сирэ ааспыт сыл түмүгүнэн Подмосковье, Татарстан, Красноярскай кыраай уонна Нижегород уобалаһын курдук улахан эрэгийиэннэри кытта биэс бастыҥ иһигэр ааттанна.
Киинтэн тэйиччи сытар уонна киэҥ сирдээх-уоттаах субъекка салгын аалынан сылдьыһыы суолтата намтыаҕынааҕар улаатар. Кэлиҥҥи биэс сылга Үөһээ Бүлүүгэ, Эдьигээҥҥэ, Сангаарга, Белай Гораҕа, Депутатскайга, Хаандыгаҕа 6 аэропорт саҥалыы өрөмүөннэннэ. Өрөспүүбүлүкэ салалтата федеральнай киинниин ыкса үлэлэспитин түмүгэрСаха сирин олохтоохторо Уһук Илиҥҥэ көрүллэр чэпчэтиинэн туһанан, дойду киин куораттарыгар субсидиялаах тарыыбынан көтөр кыахтаннылар, оттон өрөспүүбүлүкэ иһигэр эмиэ хотугу улуустарга анаан саҥа бырагыраама көдьүүстээхтик үлэлиир.Авиатордар, сэбиэскэй саҕанааҕы курдук, сөмөлүөттэр мэлдьи толору дьонноох көтөр буолбуттарын бэлиэтииллэрэ ону бигэргэтэр.
Суол-иис тубустаҕына, ыраах – чугаһыыр, ыарахан – чэпчиир. Аҕыйах сыллааҕыга диэри, бэл, киинтэн чугас сытар улуустарга, нэһилиэктэргэ массыынанан айанныыр олус эрэйдээх буолара: паромҥа анньыһыы-үтүрүһүү, онтон салгыы курааҥҥа бурҕаҥнас буорга, ардахха бадарааҥҥа кубулуйар алдьаммыт кутуу буор-кумах суолунан уһун-синньигэс айан инчэҕэй эттээҕи чахчы илиһиннэрэрэ.
Кэлиҥҥи биэс сылга өрүһү, үрэҕи туоруур 2,7 тыһ. п.м. уһуннаах 48 бетон-тимир күргэ тутуллан, дьон-сэргэ абыранна. “Өлүөнэ” айан суолугар тилэри аспаал хаттыгас тэлгэннэ. “Халыма” айан суолун аспааллааһын Чурапчыга тиийдэ. “Бүлүү” тыраассаны ирдэбилгэ сөп түбэһиннэрэр хайысхалаах үлэ ыытыллар. “Дьокуускай – Нам” массыына суола тупсарыллар. Ыйыллар болдьоххо 1,8 тыһ. килэмиэтиртэн тахса уһуннаах суол саҥалыы оҥоһулунна: итинтэн 871 килэмиэтирэ – федеральнай таһымнаах айан суола, 673 килэмиэтирэ өрөспүүбүлүкэ итиэннэ 352-тэ олохтоох суолталаахтар.
Аныгы үйэ аргыһа – түргэн тэтимнээх интэриниэт. Кэлиҥҥи биэс сыл иһигэр сибээс оптическай утахтаах ситимигэр 246 нэһилиэнньэлээх пуун холбонно, 9 тыһ. килэмиэтир уһуннаах ситим тардылынна. Ол түмүгэр эрдэ ыытыллыбыт үлэлиин холбоон, 13 600 км уһуннаах утах тардыллан, 378 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа (өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 91,9 бырыһыана) аныгы кэм сибээһэ олохтонно. Ханна суол уонна сибээс баар сиригэр сайдыы тэнийэр, дьон олохсуйар.
Дьиҥэр, биэс сыл – эрэгийиэн кээмэйигэр олус кылгас кэм. Ол гынан баран, сатабыллаахтык салайар-тэрийэр буоллахха, дьон-сэргэ олоҕо-дьаһаҕа чэпчиирин, өрөспүүбүлүкэ сайдарын туһугар элбэҕи оҥоруохха сөбүн билиһиннэрбит чахчыларбыт, сыыппараларбыт кэрэһилииллэр.
Муома оройуона сайдыы үктэлигэр
Хотугу Муомабыт кэнники биэс сыл иһигэр сөҕүмэр тутуулардаах, ситиһиилэрдээх. Бастатан туран, 2019 сыллаахха өрөспүүбүлүкэ өр кэмнээх туруорсуутун түмүгэр Российскай Федерация Арктическай зонатын састаабыгар Арктика аҕыс улуустара эбии киирбиттэрэ, ол иһигэр биһиги Муомабыт. Маннык чахчы историческай суолталаах событие хоту дойду олоҕун усулуобуйатыгар үчүгэй эрэ өттүнэн сабыдыаллаата. Ылыллыбыт сокуон быһыытынан Арктика олохтоохторо транспорт нолуогун төлүүртэн тутулуга суох босхолоннулар, ону тэҥэ сир нолуогуттан уонна физическэй сирэйдэр баайдарын-дуолларын нолуоктарыттан босхолоннулар.
Муомаҕа кэнники биэс сылга тутуу салаатыгар улахан хамсааһыннар, бөдөҥ объектар үлэҕэ киирдилэр. Хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү программата «олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн оройуон киинин Спортивнай микрооройуонугар аныгылыы тупсаҕай оҥоһуулаах үстүү этээстээх дьиэлэр дьэндэйэн таҕыстылар. Быйыл эбии иккилии этээстээх икки уопсай дьиэлэр тутуулара барар, сотору кэминэн олохтоохтор үөрүүлээхтик малааһынныахтара.
Аҕыйах сыллааҕыта Хонууга 320 миэстэлээх бары үөрэх стардартарыгар эппиэттиир, онно остолобуой, библиотека, киэҥ-куоҥ актовай, спортивнай саалалардаах толору хааччыллыылаах Муома орто оскуолата тутуллан үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыллыбыта. Спортивнай былаһаакката ситэриллэн билигин оскуолабыт бөһүөлэк биир саамай кэрэ көстүүлээх тэрилтэтэ. Орто оскуола урукку дьиэтигэр алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ көспүттэрэ. Быйыл сайын 165 үөрэнээччилээх Муома алын сүһүөх оскуолатыгар «Үөрэҕирии ситимин саҥардыы» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн 74 мөл.солк. суумаҕа хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ тэтимнээхтик барар. Оскуола тэрилигэр уопсайа 11 мөл.солк. көрүллүбүтэ, ол иһигэр остолобуойга эмиэ саҥа тэриллэр таҥылыннылар. Саҥа үөрэх дьылыгар кырачаан үөрэнээччилэр сырдык, ыраас оскуола аанын боруогун атыллыахтара.
2022 сыллаахтан Муома оройуона күн уотун энергетикатынан толору хааччыллан олорор. Оройуон түөрт нэһилиэктэригэр – Хонууга, Кулун Өлбүккэ, Чуумпу Кытылга, Сааһыырга күн энергиятынан туһанан, Россия производствотын промышленнай аккумулятордарынан уонна аныгы дизельнэй генератордарынан үлэлиир электростанциялар тигинэччи үлэлииллэр. Саҥа гибриднай энергокомплекстар күн уотунан хааччыллан, туһаныы болдьоҕун уһатарга уонна дизельнэй уматыгы кэмчилииргэ кыаҕы биэрэллэр.
Бу сылларга коммунальнай хаһаайыстыба эйгэтигэр итиинэн хааччыйыы объектарын модернизациялааһыҥҥа ситимнээх үлэ күүстээхтик ыытыллыбыта, саҥа хочуолунайдар, ититэр пууннар тутуллубуттара. Инвестиционнай программа чэрчитинэн, республика анал программатынан бары бөһүөлэктэргэ чааһынай дьиэлэр итиинэн хааччылыннылар. Кэлэр сылга Сааһыырга саҥа киин хочуолунай үлэҕэ киириэҕэ, киин ититиигэ табаһыттар дьиэлэрин холбуур кыахтаныахтара.
Оройуоҥҥа Саха сирин арктическай зонатыгар суох доруобуйа харыстабылын улахан объега тутулла турар. Объект «Доруобуйа харыстабылын» национальнай бырайыак бастакы звеноларын модернизациялааһын региональнай программатынан тутуллар. Маныаха 2024 сылга диэри 1,1 млрд солк., ол иһигэр 917 мөл. — федеральнай бюджеттан, 190 мөл. — республика государственнай бюджетыттан үп-харчы көрүллүбүтэ. Үс мэндиэмэннээх дьиэ икки блоктан турар. Сүрүн блок бастакы этээһигэр сменаҕа 104 сылдьар поликлиника буолуоҕа. Оҕо поликлиникатыгар педиатр, стоматолог, прививкалыыр, процедурнай, ийэ уонна оҕо хоһугар кабинеттар көрүллүөхтэрэ. Поликлиникаҕа улахан дьоҥҥо — профилактическай кабинет, терапевт, офтальмолог, психиатр, нарколог, невролог, хирург, дерматолог-венеролог, стоматолог кабинеттара. Манна күнүскү кэмңэ прививочнай, процедурнай палаталар, физиотерапия кабинеттара, анализтары ылыы, харабыл хоһо, үлэһиттэргэ санузеллар уонна кэлэр дьоҥҥо аналлаах хостор баар буолуохтара. Сүрүн блок иккис этээһигэр 12 куойкалаах кыра пациеннар эмтэнэр отделениеларын сэргэ терапевтическай отделение уонна 10 куойкалаах хирургияны кытта гинекология отделениелара баар буолуохтара. Үһүс этээскэ – стерилизация отделениета, клинико-диагностическай лаборатория, дьаһалта, эми харайар хос. Иккис блок сылаас гаражтан, аһылыгы бэлэмниир уонна да атын хаһаайыстыбаннай дьиэлэртэн турар.
Арктика территорияларын олохтоохторун доруобуйаларын мониториннныр медицина блогун тэрийэр сыаллаах 2022 сылтан тус сыаллаах профилактическай медосмотр уонна онтон онкологическай ыарыылартан олохтоохтору көмүскүүр тэрээһин былааннаахтык барар. Бу күннэргэ оройуоҥҥа саас кэлэ сылдьыбыт быраастар биригээдэлэрэ ааспыт сырыыга медосмотрынан хабыллыбытах нэһилиэнньэни доруобуйаларын эбии көрүөхтэрэ-истиэхтэрэ, кэтэбилгэ ылыахтара.
Быйыл бэс ыйыгар Ростелеком «УЦН 2.0» федеральнай бырайыагынан Саха сирин 14 нэһилиэнньэлээх пууннарыгар мобильнай ситим базовай станциялара олоххо киирбиттэрэ, ол иһигэр Чуумпу Кытыл нэһилиэгэр 4G сибээс ситимэ киирэн киинтэн тэйиччи сытар нэһилиэнньэ үөрүүтэ улахан. Эһиилги сылга Чыбааҕылаах нэһилиэгэр, ол кэнниттэн сыыйа-баайа бары нэһилиэктэргэ күүстээх сибээс киириэҕэ, үлэ тохтообот.
Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар таба иитиитин өйөөһүҥҥэ ставкалар үүнэллэр. Республикаҕа биир таба төбөтүгэр субсидия 5 335 солк. диэри улаатар. Министерство линиятынан таба иитиитигэр материальнай- техническэй базаны хааччыйыыга тиһигин быспакка үлэ барар, базалар, харааллар тутуллаллар, снегоход уонна вездеход техниката атыылаһыллар. Быйыл Чыбаҕылаах нэһилиэгэр урукку ыстаада сирин сөргүтүүгэ диэн Усуйаана оройуонуттан 1200 төбө табаны үүрэн аҕалан олохсуттулар.
Ити курдук, оройуоммутугар өрөспүүбүлүкэ өттүттэн болҕомто, өйөбүл сылтан сыл күүһүрэр, Арктика эргимтэтигэр олохсуйарга бары усулуобуйа тэрээһиннээхтик ыытыллар. Муома оройуона сайдыы үктэлигэр эрэллээхтик үктэнэр.
«Муома оройуона» МТ пресс-киинэ.