Төрөөбүт тыл туһунан санаалар…

Муома оройуонугар уһуннук үлэлээбит, киэн туттар киһибит, Өрөспүүбүлүкэҕэ ийэ тыл сайдыытын
туруулаһааччы Галина Семеновна Попова-Санаайа санаатын үллэстэр:
Өрөспүүбүлүкэҕэ «Ийэ тыл” диэн уопсастыбаннай хамсааһын баар. 1995 сылтан Кэнсиэпсийэни төрүттээбит Егор
Петрович Жирков иилээн – саҕалаан кэллэ. Хаһыс да сылын Вилюяна Никитина «Ийэ тыл кэскилэ» диэн эдэр ийэлэр түмсүүлэрин тэрийэн үлэлии сылдьар. Икки сыллааҕыта түмсүүлэр холбоһон, «Ийэ тыл» диэн ааттанан ситимнээхтик үлэлиибит. Улуустарга тылы харыстыырга дьаныардаах үлэ барар. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Таатта, Нам улуустарыгар “Ийэ тыл” түмсүүтэ баар, күүстээх үлэ ыытыллар. Ватсаап бөлөх нөҥүө кытта үлэни тэрийэбит, кэпсэтэ, билсэ олоробут.
Ону таһынан бырабыыталыстыбаҕа «Тыл сэбиэтэ» баар. Манна түмсүүгэ баар дьон киирэллэр. Аны сахалыы
тиэримиҥҥэ үлэлэһэр кэмитиэт тэриллибитэ. Онно эмиэ учуонайдар, тыл үөрэхтээхтэрэ бииргэ үлэлииллэр.
Сахабыт тылын көмүскүүргэ научнай-чинчийэр киин тэрилиннэ. Феодосия Васильевна Габышева салайар. Светлана
Степановна Семенова, Николай Павлов-Халан уонна саха тылын туруулаһар дьон билим академиятын иһинэн сыстан үлэлииллэр.
Өссө ГЧИ-гэ тылы чинчийэр лаборатория тэрилиннэ. Онно Вилюяна Никитина үлэлиир. Улуустарынан тылы төһө
билэллэрин оҕолор, улахан дьон ортотугар анал ньымаларынан чинчийэллэр. Манна тыл билимин хандьыдаата,
гуманитарнай чинчийии институтун үлэһитэ Нина Иннокентьевна Иванова элбэх үлэни ыытар.
Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтугар 8 кафедра тылга утумнаахтык үлэлии
олорор. Бары түмсэн үлэлиибит. Саха тылын учууталларын сийиэһэ буолан ааспыта. Быйыл биһиги уопсастыбаннас
Дьокуускайга форум тэрийэр былааннаахпыт. Чурапчыга, Намҥа тэрийбиппит. Ийэ тылын күнэ сыл аайы ыытыллар.
Кэлин үс сиринэн тэрийэн ыытабыт. Ол курдук, саха тылын харыстыырга туох үлэ барыахтааҕын торумнуур төгүрүк
остуол, оһуохай, дьоро киэһэ, этии киллэрэр дьон санааларын истии, кыһалҕаны быһаарыы. Университекка үөрэнэр
устудьуоннарга тыл күнүн эмиэ тэрийэбит.
Ити курдук элбэх үлэ барар эрээри оскуолаларга учууталлар: «5 кылааска дылы үөрэнээччилэр нууччалыы эрэ
саҥараллар, улахан кылаастар кыратык сахалыы саҥараллар” диэн дьиксинэллэрэ оруннаах. Бүтэһик икки-үс сылга
төрөөбүт оҕолорун төрөппүттэр сахалыы саҥардыахтаахпыт диэн өйдөөн, сахалыы кэпсэтэр буолан эрэллэр дэһэллэр.
Онтон 3 саастаах оҕоттон 5 кылааска дылы оҕолорбутун сүтэрбит курдукпут. Ону хайдах быыһыырга үлэ барыахтаах.
Кэнсиэпсийэ 30 сылын тухары сахалыы үөрэммит дьон сахабын диэн улаатан, оҕолорун эмиэ сахалыы үөрэттэхтэрэ,
онон «Кэнсиэпсийэ оҕолоробут» дэнэр көлүөнэ дьонноохпут.
Тылы харыстыыр туһуттан «Эркээйи эргиирэ» диэн оҕо төрүөн инниттэн 24 сааһыгар диэри хабар 12 сыллаах
мөһүлгэнэн өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама ылыммыппыт. Тохсунньутааҕы мунньахха эдэр дьону бу
бырагырааманан36 сааһыгар диэри хабарга диэн этии киирбитэ. 36 сааһыгар диэри ыал буолан, дьиэ туттан, нэһилиэгэр олохсуйарын, сүөһү ииттэрин кэтээн көрөбүт. Хомойуох иһин ол көрдөрүүтэ мөлтөх.
Төрүт дьарык эрэ баар буоллаҕына тыл тыыннаах. Иччилээх, эттээх-сииннээх саха тыла үгэскэ эрэ сыстан баар.
Үгэскин тута сылдьар буоллаххына, төрөөбүттылгынан саҥараҕын, туттаҕын. Ол гынан баран тиэхиникэ сайдан
кыдамалааһын, оту кэбиһии, күрүө тутуута суох буолла. Тылы туттубат буоллуҥ да, тыл сүтэр. Ыйдарынан саха
үгэстэрин тутуһар кэнсиэпсийэни хас даҕаны сиргэ, улуустарга үлэлэтэбин. Сахалыы тылы-өһү, төрүт култуураны
тилиннэрэргэ араас далааһыннаах үлэ барар.
Тылы биллэрэргэ саамай көдьүүстээх айылҕа үөрэҕин кинигэлэрэ буолаллар. Манна араас элбэх тыллар бааллар.
Айылҕа үөрэҕин кинигэлэрэ тылбаастанан туттуллаллара буоллар, төрөөбүт тылы оҕоҕо иҥэрэргэ көдьүүһэ өссө
улаатыа этэ. Аны төрүччүнү чинчийии, билии тыл баайын хаҥатар. Уруулар-аймахтар ааттарын, удьуору, төрдүнү-ууһу барытын билэҕин. Онон тыл туттуллубат буолла да, симэлийэр, суолтатын сүтэрэр.
Кэнсиэпсийэ сылларыгар Муомаҕа наһаа бэркэ үлэлээбиппит. «Уол оҕо – кус быһый, ат бөҕө”, саастарынан
туомнары ыытыы курдук тэрээһиннэр, “Кыыс куо”, “Үрүҥ уолан” уруоктара киирэн олохсуйаннар, билиҥҥэ диэри
Муома орто оскуолатыгар тута сылдьалларын үөрэ, махтана истэбин. Онно үлэлээбит кэмнэрбитин олус күндүтүк ахта саныыбын, дьоҥҥо куруук кэпсиибин.
Олунньу 13 күнэ – саха тылын, суругун-бичигин күнэ. Ийэ тылбыт күнэ.
Оҕолорбут ийэ тылларыгар бигэнэн улаатыах тустаахтар. Бүгүҥҥү сорукпут итинник.
Сахабыт тыла – тыыммыт!
Төрөөбүт тылбыт төлкөбүт!
Ийэ тылбыт – итэҕэлбит!

 

Айталина НИКОЛАЕВА.

Читайте дальше