Төрөөбүт дойдуга бэриниилээх үлэ

Быйылгы сыл өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сылынан биллэриллибитэ. Онон араас сылларга оройуоммут социальнай-экономическай сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбит дьону ахтан-санаан ыларбыт тоҕоостоох. Кэнэҕэһин эдэр ыччаттар аҕа саастаах үтүө үлэһит дьону холобур оҥостуохтара, кинилэр үлэлэригэр-хамнастарыгар тирэҕириэхтэрэ.

Биир оннук киһинэн оройуоҥҥа тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар бэйэтин кырата суох кылаатын киллэрбит СӨ Үтүөлээх бэтэринээрэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, Муома нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Егор Константинович Слепцов буолар.

«Туох барыта оҕо саастан саҕыллар» дииллэр. Кыра Гоша өссө оҕо сылдьан сүөһүгэ сыстаҕас этэ.
— Мин хотоҥҥо улааппытым. Аҕам сылгыһыт, ийэм ыанньыксыт этилэр. Онон бэйэбин өйдүөхпүттэн сүөһү ортотугар улааппытым. Олох кырабыттан ийэбин батыһа сылдьарым. Торбоһу аһатыы, киллэрии-таһаарыы оҕо үлэтэ буолара. Онтон сылгыга аҕам уонна абаҕам Өлөксөй Дайыылабыс сыһыарбыттара. Биэстээх-алталаах сылдьан аты мэҥэстэргэ үөрэммитим. Аттара үчүгэйэ эбитэ буолуо, сүрдээх сымнаҕас буолааччылар.
Ийэм уонна таайым Ньукулай Ородьуйуонабыс санитар этилэр. Онон бэтэринээр диэн идэ туһунан кырабыттан истэрим-билэрим.

Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан физкультура учуутала буолуом диэн ыраланарым. Бэйэбин кыанар, тустууга, хайыһарга маҥнайгы разрядтардаах этим.
1966 сыллаахха оскуоланы бүтэрэн баран оччотооҕу ыччат сиэринэн «оскуола-производство-үрдүк үөрэх» диэн ыҥырыынан салайтаран «Муома» сопхуос иккис нүөмэрдээх отделениетыгар икки сыл сылгыһытынан үлэлээбитим. Ол кэннэ физкультура учууталыгар туттарсар санаалаах сырыттахпына, ийэм «Төрөөбүт дойдугар туһаны аҕалыаххын баҕарар буоллаххына, тыа хаһаайыстыбатын испэсэлииһигэр — бэтэринээр үөрэҕэр бар» диэн бэйэтин санаатын эппитэ.
Аны ол кэннэ
Петр Иванович Павлов анаан ыҥыран ылан «Успуордунан дьарыктанарыҥ үчүгэй, ол эрэн идэҕин таларгар өссө төгүл толкуйдаа. Биһиэхэ оройуоммутун сайыннарар, тыа хаһаайыстыбатын өрө тардар анал идэлээх үлэһит дьон олус наадалар. Тыаҕа сылдьаргын сөбүлүүр буоллаххына, бэтэринээр үөрэҕэр бар» диэн сүбэлээбитэ.
Ити икки «ыйааһыннаах», ылыннарыылаах тыллаах дьон сүбэлэринэн Саха государственнай университетын тыа хаһаайыстыбатын факультетын ветеринарнай отделениетыгар докумуоннарбын туттардым.
Үөрэххэ туттарар эксээмэннэрим — химия, биология, физика, нуучча тыла.
Үөрэхпэр оскуола саҕаттан үчүгэй этим, арай, ыарырҕатарым диэн нуучча тыла.
Дьэ, эксээмэннэрбин барытын туттаран, үөрэххэ киирбит абитуриеннар испииһэктэрэ ыйаммыт истиэндэҕэ ааппытын көрдүүр долгутуулаах күн тиийэн кэллэ. Мин нуучча тылын ыарырҕатар буоламмын, «иккилээхтэр» испииһэктэригэр ааппын көрдөөтүм. Суохпун! Онтон «үстээхтэр» испииһэктэригэр ааппын, араспаанньабын көрөн үөрбүппүн өйдүүбүн. Ол курдук, нуучча тылын «үскэ», биологияны «түөрткэ», физиканы, химияны «биэскэ» туттаран «Ветеринарное отделение — 68» куурус устудьуона буолан хааллым. Маҥнайгы быраактыкабытыгар Хатаска хомуур үлэтигэр өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан кэлбит оҕолору кытта билсэн, устудьуон аатын сүкпүппүт.

Үөрэнэ сылдьан олоҕун аргыһын — Томпо кэрэ кыыһын Машаны хараҕынан хайҕаан, сүрэҕинэн сөбүлээн ыал буолбуттара. Эдэрдэр 1973 сыллаахха үөрэхтэрин бүтэрэн иккиэн ветврач дипломнаах уол дойдутугар ананан кэлбиттэрэ. Ол кэми Егор Константинович маннык ахтар:
— Ветстанция начальнигынан Иннокентий Семёнович Старков, лаборатория дириэктэринэн Надежда Павловна Райкова наһаа үчүгэйдик үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Миигин ветеринарнай бырааһынан, кэргэммин Мария Ивановнаны токсиколог бырааһынан анаабыттара. Икки хоноот, Төбүлэх ыстаадатыгар табалар ыарыйдылар диэн ыстаадаҕа атаарбыттара. Онтон ыла наар айан… Үлэбит оннук.
Бастаан үлэлиир кэмнэрбэр аҕа саастаах уопуттаах коллегаларым И.С.Старков, А.И.Булдаков, В.И.Слепцов, П.Н.Богдашин, В.В.Осипов, Н.И.Калинин, И.П.Волков, Н.П.Райкова, Г.Я.Соломатина, С.А.Григорьева күүс-көмө, үтүө өйөбүл буолбуттара. Кинилэргэ махталым муҥура суох.

1974 сыллаахтан 1982 сылга диэри эпизоотолог бырааһынан үлэлээбитим. Ол кэннэ 1992 сыллаахха диэри «Муома» сопхуоска кылаабынай ветеринарнай бырааһынан үлэлээбитим. Бу сылларга Муома оройуонугар сүөһү муҥутуур ахсааҥҥа тиийэ сылдьыбыта. Ол курдук, дьиэ табата 37 тыһ тахса, сылгы 3220 төбө, ынах сүөһү 1716 төбө, ол иһигэр 694 төбө ыанар ынах, сибиинньэ 487 төбө, кырымахтаах хара саһыл 500 төбө, күөх кырса 50 төбө буолбута.
1986 сыл түмүгүнэн «Муома» сопхуос элбэх үүтү, эти, түүлээҕи государствоҕа туттаран бары көрдөрүүлэргэ бастаан улуу ВДНХ быыстапкатын «Бочуот Дуоскатыгар» кыһыл көмүһүнэн суруллубута. Онно делегация састаабыгар киирсэр үрдүк чиэскэ тиксибитэ.
«Бу үрдүк ситиһии оройуон бары ветеринарнай специалистэрин улахан сыралаах үлэлэрин түмүгэ этэ», — диэн ахтар Егор Константинович.

Бэтэринээр түбүктээх үлэтин аргыһа — өрүү айан. Дьиэҕэ түптээн тохтообот, куруутун айаҥҥа, командировкаҕа сылдьар үлэ. Ол курдук сылы эргиччи ыарыыны бохсор профилактическай үлэлэр ыытыллаллара. Сибирскэй язва вакцинацията, куйуктаны утары быһыы, бруцеллез, туберкулизация, пастереллез, паратиф, саһылларга чума, паратиф, бешенствоны утары, дегельментизация — ити барыта сылы эргиччи бэйэ-бэйэлэрин солбуһан эргийэн кэлэ турар үлэ этэ. Ыстаадаларынан, фермаларынан «поголовно»
диэн ааттаан биир да сүөһүнү көтүппэккэ, барыларыгар быһыы туруораллара.

— Командировкаларга олус чаастатык сылдьарбыт. Былааннаах профилактическай быһыылар сааһын бэс ыйыттан атырдьах ыйа бүтүөр дылы бөртөлүөтүнэн ыстаадаларга «летовкаҕа» быраҕаллара. Ыстаадалар икки ардыларыгар атынан, уучаҕынан айанныырбыт. Ыстаадаттан сайылаан кэлэн баран сылгыларга сибирскэй язваны утары вакцинациялааһын, ынах сүөһү кыстыкка киириэн иннинэ бэлэмнээһин, ректальнай чинчийии, мөлтөхтөрү быраактааһын… Аны ол кэннэ алтынньыттан күһүҥҥү таба ааҕыыта, харааллааһын, табаны быраактааһын, забойга араарыы. Онтон эт тоҥуутун саҕана аны забойдар саҕаланаллара. Эппитин государствоҕа мясомолпромҥа туттарарбыт. Сүөһү өлөрүүтэ бэтэринээрэ суох ыытыллыбат этэ. Онтон кыһын үксэ ынах сүөһүгэ сылдьарбыт. Сааһыары эмиэ таба ааҕыыта, араарыы, онтон төрүөхтэр саҕаланаллар.
Хас биирдии сылгы биригээдэтигэр төрүөх кэмигэр эмиэ бэтэринээр баар буолара ирдэнэрэ. Маны барытын райком, райисполком ирдиирэ, кытаанахтык хонтуруоллуура.

Биир санаанан салайтаран, биир сыаллаах-соруктаах, иллээх дьиэ кэргэн курдук хас да көлүөнэ ветеринарнай специалистар оройуоҥҥа үгүс өрүттээх эмтиир-сэрэтэр үлэни ыытан үгүс сыстыганнаах ыарыылары суох оҥорбуттара.
Оччотооҕу күүрээннээх кэм күүстээх үлэни ирдиирэ. Ону таһынан олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан үлэ сайдыыга туһуланара. Үгүс ааҕааччылар ол саҕана омук дойдуларын кытта уопут атастаһыыта күүскэ тэнийбитин, бука, өйдүүллэрэ буолуо. Ол курдук «Муома» сопхуос табаһыттара уонна бэтэринээрдэрэ биир кэмҥэ Сан-Франциско куоракка таба муоһуттан эмп оҥоһуутугар кууруска үөрэнэ сылдьыбыттара. Манна Саха сирин табалаах сопхуостарыттан отучча киһи, ол иһигэр Муоматтан биэс киһи баран үөрэммиттэрэ.Кинилэр истэригэр ветврач Егор Константинович эмиэ баара.

Ити курдук сэбиэскэй кэмҥэ бэрт таһаарыылаахтык үлэлии сырыттахтарына, 90-с сыллардаахха дойдуга ыһыллыы-тоҕуллуу саҕаланан туруктаахтык үлэлии турбут тэрилтэлэр, сопхуостар үрэйиллибиттэрэ. Модун «Муома» сопхуос ити будурҕаҥҥа эмиэ ыһыллыбыта. Егор Константинович маҥнай үлэтин саҕалаабыт ветуправлениетыгар төннөн, аны манна төбөтүн оройунан үлэҕэ түспүтэ. Оройуоҥҥа ынах сүөһү, сылгы, таба ахсаанын энчирэппэт туһугар үлэ күүскэ ыытыллара. Егор Константинович кэлин биэнсийэҕэ тахсыар диэри бу тэрилтэҕэ салайааччынан, кэлин ветвраһынан үлэлээбитэ.

Ийэтэ кыратыгар «Кыһалҕалаахха, кыаммакка куруутун көмөлөһөр буол» диэн сүбэ-соргу гынан эппит тылларынан Егор Константинович, кырдьык даҕаны, ыалдьыбыт-кыаммат буолбут айылҕа оҕолоругар үйэ аҥаара кэриэтэ — 48 сыл аһаҕас халлаан анныгар — сайын уот куйааска, бырдах-оҥоойу «былытын» быыһыгар, курулас ардах анныгар, кыһын бытарҕан тымныыга, силлиэ-буурҕа ортотунан, бириһиэн балааккаҕа, хараҥа сииктээх хотоҥҥо үгүс ырыганнаабыт сүөһүлэри, сыһыыга өрө мөхсө сылдьар сылгылары, ыраах ыстаадаларга ыарыы буулаабыт табаларын ыарыылаан үтүөртэҕэ, эмтээтэҕэ.

Оройуоҥҥа араас сыстыганнаах ыарыылары утары күүскэ охсуһан үгүс ыарыылар кэнники бэлиэтэммэтэхтэрэ — ити өр сыллаах үтүмэн үлэ түмүгэ буолар. Онно биһиги бүгүҥҥү дьоруойбут, үтүө үлэһит Егор Константинович олоҕун бүтүннүү анаабыт үлэтэ ырылхайдык көстөр.

Маны таһынан Егор Константинович үлэлээбитин тухары хас да көлүөнэ бэтэринээри уһуйан таһаарда. Аҕа саастаах наставник биир идэлээхтэригэр бэйэтин баай уопутуттан үллэстэр, эдэр көлүөнэ бэтэринээрдэр идэлэрин толору баһылыылларыгар күүс-көмө буолар.

Иллээх ыал Слепцовтар өссө университекка үөрэнэ сылдьан, лабораторнай үлэ толоро олорон билсиэхтэриттэн үйэ аҥаарыттан ордук кэм ааста. Биир идэлээх дьон олохторун-дьылҕаларын эмиэ бииргэ холбоон үс оҕоҕо күн сирин көрдөрөн, билигин элбэх сиэн-хос сиэн тула көтөр дьоллоох эбээ-эһээ буолаллар.

Хаһан эрэ оройуоммут бас-көс киһитэ Петр Иванович Павлов эдэр киһи идэтин таларыгар сөптөөх хайысханы ыйан биэрбит тыллара — «Төрөөбүт дойдугар тыа хаһаайыстыбатын испэсэлииһин идэтэ ордук туһалаах буолуо» диэбитэ. Оннук да буолла.
Төрөөбүт дойдутугар тыа хаһаайыстыбатын салаата сайдарыгар быһаччы оруоллаах, үлэни эрэ өрө тутан бэриниилээхтик үлэлээбит Егор Константинович үлэтэ, олоҕо үгүс дьоҥҥо холобур буолар.

Валентина Старостина.

Читайте дальше