Кыстык саҕаланна.Нэһилиэги сырдыгынан-сылааһынан хааччыйар тэрилтэлэргэ сайыҥҥы кэмҥэ өрөмүөн бөҕө ыытылынна.
Ол курдук, сэттэ үлэһиттээх олохтоох ДЭС тэрилтэтэ өрөмүөн араас үлэлэрин, ДЭС таһын хомунуу үлэтин кыайа-хото туттулар.
«Кыһыҥҥы суол туруор диэри уматык, арыы тиийэр. Нэһилиэккэ ыытыллар араас тэрээһиннэргэ кыахпыт тиийэринэн куруук кыттабыт», — диир олохтоох ДЭС салайааччыта Родион Хабаров.
Олохтоох ОДьКХ салайааччыта Степан Гуляев сайын устата хочуолунай ис-тас өттүгэр быстах өрөмүөннэр оҥоһуллубуттарын туһунан кэпсиир: — Трассаҕа 300 метр саҥа турба Южнай микроройуоҥҥа уонна Центральнай уулуссаҕа уларытылынна. Суол туруор диэри уматык, арыы, таас чох тиийэр.
А.Ф. Старков аатынан орто оскуола дириэктэрэ Владимир Васильев сайын устата оскуола, уһуйаан территорията хаттаан межевание баран иэнэ кэҥээтэ, билигин кадастровай пааспары ылыыга үлэ ыытылла турар диэтэ. Сайын бу сир төгүрүччү антитеррорическай ирдэбилгэ эппиэттиир гына саҥа тимир күрүөлэммитэ. Территория иһигэр ырааһырдыы, хомунуу үлэтэ ыытылынна. Инникитин оҕуруот аһын олордор сир, теплица оҥоһуллара былааннанар.
2023-24 сс. үөрэх дьылыгар ититии сезонугар бэлэмнэнии чэрчитинэн уһуйаан дьиэтин уонна оскуола сылаас туалетын ититэр системаларыгар, теплотрассатыгар ремонт ыытылынна, эргэрбит чаастара саҥардылыннылар. Түннүктэри ыраастаан, тымныы үргүйбэтин диэн хайан биэрдилэр.
Хас үөрэх дьыла саҕаланыыта, оскуолабыт объектарыгар баһаартан сэрэхтээх буолууга, тустаах үлэ хаһыс да сылын утумнаахтык ыытыллар. Ол курдук, быйылгы үөрэх дьылыгар оскуола үс объегар баһаарынай автоматическай сигнализация саҥардылынна, объектарга барытыгар баһаарынай щиттар, рукавтар турдулар.
Уһуйаан дьиэтин мас күүлэтэ көтүрүллэн, умайбат материалынан (тимир, бетон) саҥалыы оҥоһулунна.
Иитэр-үөрэтэр үлэҕэ туттуллар тэриллэр сылтан сыл аайы хаҥаан иһэллэр, быйылгы үөрэх дьылыгар ЧПУ управлениялаах вышивкалыыр иистэнэр массыына, 3Д принтер, роботехникаҕа саҥа конструктордар кэллилэр.
«Олохтоох нэһилиэк дьаһалтатыгар техниканан көмөлөспүттэригэр, улуус үөрэҕириитин салаатыгар, улуус дьаһалтатыгар сөптөөх үбүлээһини көрөн көмөлөспүттэригэр, үлэлиир коллективпар уоппускаларын кэмигэр, сайыҥҥы сынньалаҥы аахсыбакка, хара үлэни кыайа туппуттарыгар, хаһыс да сылын оскуолабыт сайдарын туһугар, санаатын ууран, тэҥҥэ үлэлэһэр киһибэр Дмитрий Дмитриевич Соркомовка улахан махталбын тиэрдэбин» диэн санаатын үллэстэр Владимир Владимирович.
Людмила Стручкова