Табаһыттарга болҕомтону күүһүрдэр соруктаах

Атырдьах ыйын бастакы декадатыгар Муома, Өймөкөөн оройуоннарын быысаһыыларын диэки туһаайыынан, Малтаан учаастагар, Н.В. Худи-Харючи аатынан көс общинатын сиригэр-уотугар өрөспүүбүлүкэтээҕи табаһыттар сүбэ мунньахтара тэриллэн ыытылынна. Бу туһунан оройуон аҕа быһылыгын э.т. Артур Тарабукин маннык кэпсиир.
— Кырдьыга, 2018 сылга диэри табаһыттар сүбэ мунньахтара икки сылга биирдэ ыытыллар этэ. Бүтэһигин 2018 сыллаахха Томпо оройуонун Тополинай бөһүөлэгэр аатырбыт “Томпо” сопхуос табаһыт-биригэдьиирэ, Ленин уонна Октябрьскай революция уордьаннар кавалердара, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Петр Егорович Погодаев 100 сааһын чэрчитинэн улахан сугулаан ыытыллыбыта. Ол кэнниттэн аан дойдуга дьаҥ туран, хааччахтарынан сибээстээн мунньах тэриллибэтэҕэ. Онтон быйыл Саха сирин табаһыттарын 4-с съеһин уонна Монголияҕа табаһыттар аан дойдутааҕы Конгрестэрин көрсө СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ табаһыттар сүбэ мунньахтарын ыытарга тыл көтөхпүтэ. Министиэристибэ көҕүлээһинин быһа гыммакка, оройуон өйөөн, “Н.В. Худи-Харючи” аатынан көс ыстаадатын базатыгар тэрээһин боппуруостарынан сааскы ыйдартан саҕалаабыппыт. Онон болдьоммут кэмҥэ, атырдьах ыйын 6-7 күннэригэр, аҕыс улуустартан – Анаабыр, Өлөөн, Кэбээйи, Аллараа Халыма, Эдьигээн, Өймөкөөн, Булуҥ, Уус-Дьааҥы, бэл ыраах Нерюнгри оройуонуттан уонна Муома – барыта 28 делегат табаһыт, олохтоох дьоннуун уопсайа 48 киһи бу улахан сугулааҥҥа кыттыыны ылла.


Улахан Чыыстайтан үс ыстаада кытынна: Иван Громов биригэдьиирдээх, 10 үлэһиттээх Худи-Харючи аатынан көс общината, ол иһигэр 7 табаһыттаах, 3 чуумсуктаах, 20-чэ оҕо сайылыы сылдьар. Табаларын ахсаана 2484-кэ тэҥнэһэр. Иккиһинэн, аҕыс үлэһиттээх “Эрикит” көс общината, табатын ахсаана 1425-кэ тэҥнэһэр. Уонна эмиэ аҕыс үлэһиттээх “Кукуин” көс общината, табатын ахсаана – 1211 төбө. Урукку сэбиэскэй кэм саҕана, 90-нус сылларга Муомаҕа муҥутуур ахсаанынан, 31 тыһ. кэриҥэ дьиэ табата иитиллэн турбута. 2024 сыл саҥатыгар оройуоҥҥа таба ахсаана 14 221-гэ тэҥнэстэ ол иһигэр ийэ табатын ахсаана 7395, ити 52 %-ҥа тэҥнэһэр. Улууска таба салаатыгар 1 бөдөҥ кооператив, 8 көс общината уонна биир урбаан тэрилтэтэ үлэлиир.
Көһө сылдьар мунньах сыала-соруга чуолкай, ол эбэтэр табаһыттары сомоҕолуур, баар кыһалҕалары, таба салаатын аныгы усулуобуйаҕа сайыннарыыны, кэскиллээх үлэни дьүүллэһии этэ. Уонна сүрүнэ атын оройуоннар уопуттарын атастаһыы, атах тэпсэн олорон кэпсэтии, сүбэлэһии. Үөһэ эппитим курдук, 8 улуустан 28 табаһыт кыттыыны ыллылар. Ону таһынан СӨ Ил Дарханын Аппаратын иһинэн аҕыйах ахсааннаах норуоттар бырааптарын көмүскүүр боломуочунайдаах Константин Роббек, СӨ тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиирин солбуйааччы Прокопий Николаев, үгэс буолбут салааны сайыннарыыга отдел салайааччыта Иннокентий Баланов, отдел салайааччытын солбуйааччыта Ирина Филиппова, отдел кылаабынай специалиһа Мая Никитина, СӨ табаһыттарын Сойууһун толорооччу директора Константин Ядреев, СӨ бэтэринээринэй управлениетыгар отдел салайааччыта Анастасия Никитина уонна Муома оройуонуттан тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига Александр Софронов, Улахан Чыыстай нэһилиэгин аҕа баһылыга Павел Мараказов кыттыыны ылбыттара.
Дьокуускай куораттан атырдьах ыйын 2 күнүттэн айан суолунан автобуһунан уонна кыра массыынанан Уус Ньараҕа диэри айаннаабыппыт. Онтон салгыы икки улахан вахтовка массыыналарынан ыстаадаҕа диэри сындалҕаннаах айан саҕаламмыта. Киэҥ маардарынан, кута сирдэринэн олус сыралаах айан буолла. Ол да буоллар этэҥҥэ тиийиэхтээх сирбитигэр айаннаан кэлбит күммүтүгэр тэрээһин арыллыытын сиэрэ-туома үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылыбытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Олохтоох “Һээку” фольклорнай үҥкүү бөлөҕө үҥкүүлээн, сээдьэлээн көрүстүлэр. Тэрээһин култуурунай чааһын оройуон кииниттэн култуура управлениетын начальнига Юрий Черов эрдэ миэстэтигэр тиийэн тэрийбитэ. Түгэнинэн туһанан, бары олохтоохторго кэлбит ыалдьыттары олус үчүгэйдик көрсөн, сылаас чэйинэн¸ таба бородууксуйатыттан астарынан күндүлээн сырытыннарбыттарыгар махталбытын тиэрдэбит.
Икки күн устата ыытыллыбыт сүбэ мунньахха табаһыттар сорох хоту улуустарынан бэтэринээринэй сулууспата киин оройуоннарга кииннэнэн, чуолаан таба иитиитин салаатыгар улахан охсуу буоларын бэлиэтээтилэр. Табаһыттар кэнники сылларга умна быһыытыйбыт сибирскэй язва курдук сүөһү ыарыыта куттал үөскэтиэн сөбүн дьиксинэллэр, урукку сылларга ыарыыны көмпүт сирдэригэр хонтуруол намтаата. Анаабыр улууһугар сүөһү саркаптоза (чесотка) ыарыыттан дьиэ табатын ахсаана аҕыйаабытын, өлүү-сүтүү тахсара этилиннэ. Эдэр ыччат кэлбэтин, солбук суоҕун бары даҕаны муҥатыйа эттилэр. Кырдьыга, эдэр үлэһиттэргэ араас өйөбүл программалар үлэлииллэр. Адьырҕа кыылга урукку сылларга курдук химическэй препараттары туттууну хааччахтаан, бултааһын болдьоҕо кылгатыллан, бөрө, эһэ ахсаана лаппа элбээбит, табалары тардаллар. Салгыы мунньах кыттааччылара оттук, авиациянан көтөргө тарыып сыаналара бас баттах барбытын эттилэр. Бэтэринээр, зоотехник специалистара анал үөрэхтэрин бүтэрэн, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар кэлэн үлэлииллэрин курдук дуогабары сөргүтүөххэ диэн биир санаанан этииннэ. Бары улуустар, биир салааҕа үлэлиир дьон кыһалҕалара, санаалара биир буолан биэрдэ. Табаһыттар ыстаадаҕа кэлэн бииргэ түмсүбүттэрин, дириҥ кэпсэтииттэн астыммыттарын биллэрдилэр.
Түмүккэ, көһө сылдьар мунньах кыттыылаахтара сиэрдээх быһаарыныы ылыннылар, ону тустаах салалтаҕа тиэрдиэх буоллулар. Ол курдук, кэлэр 2025 сылга кулун тутар ыйыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүбэ мунньаҕы тэрийэргэ, СӨ Ил Дархан ол тэрээһиҥҥэ үбү-харчыны көрөрүгэр уонна Монголияҕа Саха сириттэн табаһыт делегаттары тэрийэн ыытыыны өйүүрүгэр туһаайыы оҥордулар. СӨ Бырабыыталыстыбатыгар (К.Е. Бычков) таба салаатын тутан олорор хас биирдии улууска туспа бэтэринээринэй сулууспаны хат сөргүтэн көрөргө этии киллэрдилэр. Эдэр табаһыттары көҕүлүүр сыалтан дьиэ туттарга субсидия көрүүтүн салгыырга. Ону таһынан эдэр үөрэхтээх специалистар, ол иһигэр зоотехник, бэтэринээр, экономист, бухгалтер тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар кырата икки сылы толору үлэлииллэрин хааччыйарга. Ол инниттэн тыа сиригэр дьиэ тутталларыгар бары усулуобуйаны тэрийэргэ, кэнэҕэскитин “Земский оленевод” программаны олоххо киллэриигэ үлэни ыытыахха. Адьырҕа кыылы утары үс ыйтан кырата суох болдьоххо бултуурга көҥүл биэрэргэ, химическэй препараттары туһанарга. Уонна түмүккэ, таба төбөтүн ахсаанынан өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан субвенция боппуруоһун көрөргө диэн быһаардылар. Бу боппуруоска бүтэһик индексация 2022 сыллаахха оҥоһуллубута бэлиэтэннэ.
Ити курдук, олус бэрт сэргэх тэрээһин буолбутун бэлиэтиибит. Табаһыттарга болҕомтону күүһүрдэр соруктаах үлэ салҕанар.

Читайте дальше