«Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ»

Бүтүн Россиятааҕы куонкуруска Улахан Чыыстай нэһилиэгин кэскиллээх ыала Елена Степановна уонна Василий Викторович Соловьевтар ситиһиилээхтик кыттан «Семья — хранитель традиций» номинация лауреата буоллулар. Бу үөрүүлээх сураҕы Муома оройуонун баһылыгын социальнай үлэҕэ солбуйааччы А.В. Кульбертинова иһитиннэрдэ:

— Быйыл дьиэ кэргэн сылыгар анаммыт араас тэрээһиннэр ыытыллан оройуоммут ыаллара элбэх куонкурустарга кыттыннылар. Бу Бүтүн Россиятааҕы куонкурус хас да түһүмэхтэринэн ыытыллынна. Бастакы түһүмэх муниципальнай диэн ааттанан Төбүлэххэ, Улахан Чыыстайга уонна Хонууга тэриллибитэ. Бу күрэстэр тустаах кыайыылаахтара Чуумпу Кытылтан Марина, Андрей Эверостовтар «Сельская семья» номинацияҕа, Хонууттан Людмила, Георгий Алексеевтар «Многодетная семья» номинацияҕа, Сааһыыртан Елена, Василий Соловьевтар, Юлия, Николай Громовтар «Кочевая семья» номинацияҕа Республикатааҕы түһүмэххэ салгыы кыттыбыттара. Манна «Кочевая семья» номинацияҕа Бүтүн Республика үрдүнэн Соловьевтар дьиэ кэргэннэрэ бастаабыттара, Громовтар үһүс буолбуттара. Республикатааҕы түһүмэххэ кыттыбыт ыалларбыт анал сертификат туппуттара. Бу күннэргэ «Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ» Бүтүн Россиятааҕы куонкурус тиһэх түһүмэҕин түмүктэрэ тахсан финалистар быһаарылыннылар. Онно биһиги үөрүүбүтүгэр өбүгэ саҕаттан иитиллэр табабыт салаатын бастыҥ үлэһиттэрэ Елена, Василий Соловьевтар «Семья — хранитель традиций» номинацияҕа бастыҥ буолан аны күһүн Москваҕа ыытыллар финалга ыҥырылыннылар. Дьэ онон билигин дойду тэбэр сүрэҕэр күрэстэһэ барар дьиэ кэргэммитин өйөөн, бары өттүнэн бэлэмниир үлэ күүтэр. Түгэнинэн туһанан, дьиэ кэргэн сылыгар ыытыллар бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар ыалларга махталбын биллэрэбин. Биир дойдулаахтарбын Елена, Василий Соловьевтары улахан кыайыыларынан өссө төгүл эҕэрдэлииибин уонна финалга ситиһиилэри баҕарабын.

Христина Кривошапкина