Балаҕан ыйын 27-28 куннэригэр Соболоох орто оскуолатыгар Туризм күнэ бэрт уратытык, сонуннук ыытылынна. Бу улахан тэрээһини иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Александра Старкова уонна оҕо хамсааhынын салайааччыта Ирина Сизых тэрийэн ыыттылар.
Турпоход саҕаланыан иннинэ уус илиилээх технология учуутала Виктор Новгородов «уhун уйэлээх буоллун» диэн бурууhунан ыскаамыйалаах остуол оҥорбутун оскуола эрэттэрэ Арыктаах күөлүн таһыгар илдьэн туруорбуттара. Туризм анал бэлиэтин ИЗО учуутала Руслан Никулин фанеранан бэрт тупсаҕай быhыылаах гына оҥорбута.
Күн — дьыл туран биэрэн сарсыарда 10 чаастан үс хамаанда — оскуола оҕолоро, эдэр ыччат, орто саастаахтар хомуллан тимир көлөлөргө олорон Соболоох нэһилиэгиттэн «Арыктаах» диэн сиргэ айаҥҥа туруналлар.
Турпоход балаһыанньатынан барыта эриэ-дэхси былаан быһыытынан ыытыллыахтаах түһүмэхтэр саҕаланаллар. Ол курдук, айылҕаҕа сылдьыы ирдэбиллэрин тутуһар, сэрэтэр инструктаһы учуутал Виктор Новгородов кыттааччыларга быһааран биэрэн, илии баттатта. Айылҕаҕа уруоктары бэрт интэриэһинэйдик история учуутала Алина Сокорутова уонна биология учуутала Анна Стручкова Соболоох историятын, сирдэр ааттарын суолталарын , Муома фольклорун билиһиннэрэр ыйытыылары оҕолору интэриэһиргэтэр курдук ыыттылар.
Оскуолабыт турпоходун хас да сыл иилээн — саҕалаан ыыппыт нэһилиэк кулуубун дириэктэрэ Татьяна Степанова, учуутал Николай Слепцов туризм историятын , өбүгэлэрбит сирдэрин туһунан кэрэхсэбиллээх бэсиэдэ ыыттылар.Туризм анал бэлиэтин кэрэ көстүүлээх тумул , тумул анныгар «Арыктаах күөлүн» туонатыгар хаартыскаҕа түһүү буолла. Биир пуормалаах хамаандалар анал аат, девиз толкуйдаан музыкальный эҕэрдэлэрин көрдөрдүлэр.
Турпоход кыттыылаахтара салгыы «Өлбөт» учаастакка айанныыллар. Манна хамаандалар сандалы минньигэс амтаннаах астарын кутаа уокка бэлэмнээтилэр, сахалыы сиэринэн сири-уоту аһаттылар.
Чуумпуран турбут «Өлбөт» барахсан араас тыаһынан-ууһунан, сытынан туола түстэ: сүгэ тыаһа, минньигэс ас, буруо сыта, ырыа-тойук, дьон саҥата, иһит-хомуос бэлэмниир араас тыас.
Дьүүллүүр сүбэ туристар остуолларын кэрийэ сылдьан сыаналаатылар. Төгүрүк остуол тула олорон
күө-дьаа кэпсэтэн, тото-хана аһаан баран түһүмэхтэр салҕанан бардылар.
Дьэ, онтон көрөөччү эрэ барыта кэтэспит сүүрүүлээх- көтүүлээх » Көрдөөх стартар» саҕаланнылар. Бу түһүмэххэ көрөөччүлэр да, кыттааччылар да улаханнык сэр
гэхсийдилэр. Сытыы киирсиилэр кэннилэриттэн аҕа саастаах дьон сөбүлээн оонньообут «Лапта», «Былаах былдьаһыыта», «Снайпер» оонньуулар ыытылыннылар. Оҕону кытта оҕо, эдэри кытта эдэр буолан орто саастаах дьоммут хаалсыбакка тэбис тэҥҥэ сырыстылар, күрэхтэстилэр.
Халлаан киэһэриитэ утуйар дьиэни оҥостуу, киэргэтии «Туристар киэһээҥҥи уоттара» түһүмэххэ бэлэмнэнии буолла. Уот оттон, базабытын араас дьэрэкээн уотунан (гирлянданан) киэргэтии кэнниттэн ас астааһын саҕаланар. Минньигэс ас сыта, муусука тыаһа оҕо дьону, эдэрдэри тэтимирдэр, санааларын кынаттыыр.Халлаан хараҥаран балааккалар уоттара араас уотунан күлүмүрдүү оонньоотулар. Туристар олохсуйбут миэстэлэрин тупсаран гирляндалар араас өҥнөөх уоттара ыраахтан угуйа оонньоото. Кутаа уота оттулунна. Уоту тула бука бары гитаранан умнуллубат ырыалары ыллаатыбыт, муусука тыаһыгар үҥкүүлээн битийдибит.Утуйар бириэмэ биллэриллибитигэр балааккаларынан , анал дьиэлэринэн арахсан уу-чуумпуга урукку номохтору, үһүйээннэри кэпсэтии буолла.
Сылайбыт дьон түбүктээх күн бүтэн аа- дьуо утуйан бараллар.
Иккис кун сарсыардатыгар турпоход кыттыылаахтара суунан-тараанан баран «Завтрак туриста» ас бэлэмнээһин түһүмэҕин көрүүттэн саҕаланна. Газ плиткаҕа алаадьы астанар, сымыыт ыһаарыланар. Тото аһаан баран «Мистер и Мисс турпохода» күрэс ыытылынна, музыкальнай эҕэрдэлэр буолаллар.Ол кэнниттэн айылҕаны харыстыыр ис хоһоонноох эркин хаһыаттары онорбутунан бараллар. Хамаандалартан икки кыыс, икки уол кыттааччылаах сыал ытыытыгар курэхтэһии эмиэ бэрт сэргэхтик ааста. Үс хамаанданан «Кутурук былдьаһыытыгар», «Былаах былдьаһыытыгар » эмиэ күрэхтэр салҕанан бараллар.
Тэрээһин бүтэрэ чугаһаабытыгар» Нас здесь не было! «диэн девиһинэн ырааһырдыы үлэтигэр кытыннылар.
Икки күннээх турпоход түмүгүнэн муҥур кыайыылааҕынан оскуола оҕолорун хамаандата, иккис миэстэҕэ орто саастаахтар, үһүс миэстэҕэ эдэр үлэһиттэр хамаандалара буоллулар.
Быйылгы турпоходка 40-н тахса киһи кытынна. Нэһилиэк баһылыга Эрик Геннадьевич Павлов бэйэтинэн кыттан олохтоохторго бэртээхэй холобуру көрдөрдө. Бары даҕаны олус астынан , сылааны билиммэккэ өссө да сылдьыах курдук да буолларбыт дьиэбитигэр айаннаатыбыт.
✍🏻 Ирина Сизых