Санаа сааһырбат, дууһа кырдьыбат

Кырдьыы олох сокуона-
Онно тиксэр ахсааннаах!
Кырдьыы ыарыы буолбатах-
Дьолго тиксии туоһута!

Кырдьаҕаска сүгүрүйүү — биһиги саха омукка үйэлэртэн кэлбит үтүө үгэспит. Ону умнубакка кэлэр кэнчээри ыччаппытыгар тиэрдии — ытык иэспит.
Бу күннэргэ аҕам саастаах ытык дьоммут күнүгэр аналлаах декада ыытылла турар. Арчы дьиэтин Далбар хотуна Ирина Слепцова көҕүлээһининэн бэрт интэриэһинэй, сонун тэрээһиннэр буоллулар.
Дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах «Биһиги бэтэрээннэрбит дьиэ кэргэттэрэ»быыстапканан декада саҕаланна.Бэтэрээннэр олохторугар буолбут саамай дьоллоох түгэннэрин түһэрэн үйэтиппиттэрин көрдөрөр хаартыскалары киһи эрэ барыта кэрэхсээн көрөр, сэргиир.
Ханнык баҕарар киһиэхэ саамай күндүтэ — доруобуйата. Бу күн аҕам саастаах дьоммут туруктарын оройуоннааҕы киин балыыһа быраастара кэлэн көрдүлэр. Анализтары ылан, кардиограммаҕа түһэрэн, харахтарын көрөн, уопсай туруктарын быһаардылар.Нэдиэлэ бүтэһигэр анализтарын түмүктэринэн сүбэ-ама биэриэхтэрэ, эмп аныахтара. Бэтэрээннэр үрүҥ халааттаах аанньалларыгар Константин Александровичка, Марианна Олеговнаҕа, Арина Владимировнаҕа, Лаура Юрьевнаҕа, эдэр бырааска Диана Муаедовнаҕа махталларын тиэртилэр.Дьон олоҕун туһугар туруулаһар эппиэтинэстээх үлэлэригэр ситиһиилэри, дьолу баҕардылар, алгыстарын анаатылар.
Алтынньы 1 күнүгэр Арчы дьиэтигэр хоһоон ааҕыыта ыытылынна. Кэлбит дьон бары даҕаны иэйиигэ куустаран, сүрэхтэн тахсар истиҥ тылларынан сөбүлүүр хоһооннорун ааҕан дьон сэҥээриитин ыллылар. Светлана Софроновна Захарова өйүттэн хас да хоһоону ааҕан интэриэһи тарта, элбэх киһини сөхтөрдө. Бэтэрээннэр үөрүүлэрин үрдэтэн, бу күҥҥэ норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, өр сылларга бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайбыт Вера Егоровна Максимова сырдык кэриэһигэр кэргэнэ, оҕолоро өйдөбүнньүк ыскамыайка оҥотторон, бэлэх ууммуттарын балыстара Алена, күтүөттэрэ Айаал бэлиэ күҥҥэ аҕалан туттардылар. Ыскамыайканы Вера Егоровна кэриэһигэр үүннэрбит харыйаларын аттыгар туруордулар. Харыйаны кэргэнэ Алексей Алексеевич Вера Егоровна өлбүтэ биир сылыгар ыыппытын олордубуттара. Билигин үүнэн силигилээн ситэн эрэр.
Салгыы дуобат күрэҕэр бэтэрээннэрбит бэркэ табыллан оонньоотулар. Түмүккэ эр дьоҥҥо Александр Софронов, дьахталларга Мария Слепцова, Любовь Новикова бастыҥнар буолан тэҥнээхтэрин булбатылар. Бэтэрээннэрбит оҕо саастарыттан остуол оонньууларын умнубакка билиҥҥэ диэри илдьэ сылдьаллара — хайҕаллаах суол. Ол курдук, Арчы дьиэтигэр хабылык күрэҕэ ыытылынна. Хабылык күрэҕэр бастакы миэстэни Мария Слепцова, иккис миэстэни Любовь Ефимова уонна үһүс миэстэни Евдокия Сен-Дун-Шен ылан кыайыы өрөгөйүн биллилэр.
Ытык дьоммут айылҕаҕа сылдьалларын олус ордороллор, иллэҥ кэмнэригэр хааман да сэргэхсийэллэр. Декада чэрчитинэн, «Отуу аһа минньигэс” күрэх «Колхозтаах араатыгар” буолан ааста. Күрэххэ үстүү киһилээх үс хамаанда күөн көрүстэ. Бастакы түһүмэххэ кутаа уотугар биирдии бүлүүдэни бэлэмнээһин сорудаҕа бэрилиннэ.«Хаарчаана» хамаанда балыктан миин, «Пионер» хамаанда шашлык, «Мичээр» хамаанда таба этиттэн миин буһардылар. Иккис түһүмэххэ дьиэтээҕи сорудахтарыгар «Пионер» хамаанда таба быарыттан оҥоһуллубут, оҕуруот аһынан киэргэтиллибит кэтилиэт, чараас өлүөхүмэлии алаадьы, тиэстэлээх сосиска уонна үлүннэриллибит лэппиэскэ аҕалбыттар. “Хаарчаана” хамаанда үтүллүбүт дьарҕаа балык, оҕо сааһы санатар күлгэ буспут хортуоска, эттээх бэрэски уонна аджика бэлэмнээбиттэр. “Мичээр” хамаанда ыһаарыллыбыт уомул балык, ууга буспут уомул, кырбаммыт таба этэ, алаадьы астаабыттар. Үһүс түһүмэххэ бэриллибит бородууктаттан хаппыыста салаатын оҥордулар, хортуоска ыраастааһыныгар күрэхтэстилэр. Күрэх өрө көтөҕүүлээхтик истиҥ сыһыан эйгэтигэр ааста. Түмүккэ, «Хаарчаана» хамаанда (А.В.Михеева, Е.Н.Готовцева, А.Е.Корякина) олус минньигэстик, сонуннук астаан бастакы, «Пионер» хамаанда (Е.К.Слепцов, Е.Д.Сен-Дун-Шен, Т.Н.Хохолова) барыга бары сатабыллаахтарын көрдөрөн иккис, «Мичээр» хамаанда (Г.Н.Чугунова, Р.И.Прибылых,Т.В.Попова) бочуоттаах үһүс миэстэни ыллылар. Күрэҕи И.Н.Слепцова, Е.И.Слепцова, С.С.Скороходкина дьүүллээтилэр. Бэтэрээннэр социальнай харалта салайааччыта А.Ф.Щелкановаҕа тэрилтэтин массыынатын уларсыбытыгар уонна суоппардар Д.Колесов, Нь.Дегтярев илдьэ сылдьыбыттарыгар истиҥник махтаннылар.Ытык дьоммут чэгиэн салгынынан тыынан, айылҕалыын алтыһан дуоһуйа сынньаннылар, күүс-уох ылыннылар.
Салгыы декадаҕа анаммыт “Биһиги дьарыкпыт” диэн бэтэрээннэрбит сөбүлүүр дьарыктарын, араас киэргэтиилээх оҥоһуктарын быыстапката турда. Быыстапкаҕа Алаида Абдулзьяновна быысапкалара, Галина Ивановна алмазнай мозаиката, Анна Петровна чорооннорун коллекцията, Егор Константинович убаһа кутуругуттан оҥорбут дэйбиирдэрэ, Ирина Михайловна сиэлинэн оҥоһуктара кэлбит дьон сэҥээриитин ыллылар. Онно Светлана Софроновна уу туһунан кинигэлэри аҕалан көрдөрдө, уу киһи олоҕор улахан суолталааҕын дириҥ ис хоһоонноох кэпсээнинэн бэйэтин билиитин-көрүүтүн үллэһиннэ. Анал приборунан Светлана Софроновна кэлбит дьон аураларын бэрэбиэркэлээтэ уонна ауралара ыһыллыбыттарын көннөртөөтө. Бэтэрээннэр Светлана Софроновнаҕа махтаннылар, бары үтүөнү, доруобуйаны баҕардылар.
Оройуоммутугар сөбүлүүр дьарыктарын сайыннарар, илиилэригэр дьоҕурдаах бэтэрээннэрбит аҕыйаҕа суохтар. Бу күн тарбаҕар талааннаах Ирина Михайловна сиэли хатыыга сүрдээх интэриэһинэй маастар кылаас ыытта. Кулун кутуругуттан хайдах ситиини хатан таһаарар туһунан көрдөрөн сиһилии кэпсээтэ уонна үөрэттэ. Кини сиэлинэн оҥоһуктарын араас суумкаларын, чаппарааҕын, олбохторун, илин-кэлин кэбиһэрин олус биһирээн, сөҕөн-махтайан көрдүлэр. Талааннаах киһилэригэр ситиһиилэри баҕаран өссө да сайда турарыгар алгыстарын тиэртилэр, элбэх туһалааҕы билэн тарҕастылар.
Үгэскэ кубулуйбут бэтэрээннэр спартакиадалара быйыл да үрдүк таһымнаахтык ааста. Аҕам саастаах дьоммут спортивнай таҥас кэтэн, эдэр саастарыгар эргиллэн бэрт тыҥааһыннаахтык кииристилэр. Күрэхтэһии саҕаланыытыгар А.В.Карпов аатынан оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэрэ Александр Аргунов ытык саастаахтарга чөл олоҕу тутуһа сылдьалларыгар, эдэр көлүөнэҕэ холобур буолалларыгар махталын тиэртэ. Бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайааччыта Евдокия Слепцова бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ уонна күрэхтэһэр дьоҥҥо көхтөөх кыттыыны, кыайыыга дьулууру баҕарда. Күрэҕи спортивнай оскуола тренерэ Александр Слепцов тэрийэн, салайан ыытта. Ол курдук, алта түһүмэхтээх көхтөөх күрэх сүүрүүгэ, мээчиги таба быраҕыыга, дартска, мээчиги бэйэҕэ бэрсэн түргэнник барыы бэрт интэриэһинэйдик ааста. Түмүккэ, үһүс миэстэни «Сулус” хамаанда (хапытаан Николай Винокуров), иккис миэстэни “Аргыс” хамаанда (хапытаан Юрий Софронов), бастакы миэстэни эрэллээхтик “Дьулус” хамаанда (хапытаан Егор Слепцов) ылан үөрүүлэрэ үрдээтэ. Бары уопсай хаартыскаҕа түһэн түгэни үйэтиттилэр. Бэтэрээннэр сэбиэттэрин салайааччыта Евдокия Слепцова,Арчы дьиэтин хаһаайката Ирина Слепцова кыттааччыларга мэтээллэри, грамоталары туттартаатылар.
Араас хабааннаах тэрээһиннэртэн ураты бэтэрээннэр сынньана таарыйа, өрөбүл күн мустан, “Бэйбэрикээн эмээхсин” диэн аатырбыт сахалыы киинэбитин көрдүлэр. Киэһэлэрин күөх экран иннигэр астына атааран, үөрүүлэрэ үксээтэ.
Ити курдук аҕам саастаахтарбыт анаммыт күннэригэр алтыһан, күлэн-үөрэн, эдэр саастарын эргитэн бэлиэ күннэрин бэркэ атаардылар, сэргэхсийдилэр. Декаданы түмүктүүр тэрээһин нэдиэлэ бүтэһигэр Арчы дьиэтигэр ыытыллара былааннанар. Сандалы тула олорон истиҥ кэпсэтии, ырыа-тойук, оонньуу, үҥкүү-битии буолуоҕа.Түмүк тэрээһин аҕам саастаахтар күннэрин тула санаа атастаһыытын быһыытынан ытык дьоммутун түмүөҕэ, биир сомоҕо буоларга ыҥырыаҕа.

Айталина Николаева

Читайте дальше