Сайыны уруйдаан

Индигир нэһилиэгэр Ньукуолун күнүгэр үгэс буолбут сайыны көрсүү, күөххэ үктэнии тэрээһинэ ыытылынна. Бырааһынньык Үрдүк айыылартан өлгөм сайыны түстүүрүгэр көрдөһөр сиэртэн-туомтан саҕаланна. Чахчы сайын кэлбитин бэлиэтээн, чаҕылыччы тыкпыт күн сардаҥалара дьон санаатын көтөхтө. Манна түөлбэнэн мустан Байанай бэлэҕин — бастакы куһу амсайыы дьон санаатын манньытар. Сылаас миини иһэн, кус амсайан баран мустубут дьон түөлбэнэн эстафета күрэҕэр туруналлар. Күрэх саамай сэҥээриилээх, улахан киирсиилээх түһүмэҕинэн сыал ытыыта буолла. Манна 11 дьиэ кэргэн кытынна. Хамаандаҕа оҕо, ийэ, аҕа киирдилэр. Кимиилээх киирсии түмүгүнэн Любовь уонна Петр Черовтар дьиэ кэргэннэрэ бастаата, иккис Ольга уонна Радислав Никифоровтар буоллулар, үһүс миэстэҕэ Александра уонна Андрей Черовтар таҕыстылар. Кыайбыт дьиэ кэргэн нэһилиэк дьаһалта туруорбут 50 литр бензин бирииһин тутта. Бу бэлиэ күн индигирдэр күүстээх аҥаардара бултаабыт кустарын аҕам саастаахтарга дьиэлэринэн сылдьан түҥэттилэр, кырдьаҕастар махталларын ыллылар. Сайыны көрсүһүү тэрээһинэ дьон-сэргэ сэҥээриитин ылла.